ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥнэй

туохтуур

Нууччалыы крениться, давать крен

1 туохтуур #

Ойоҕоһуҥ диэки намтаан бар (хол., тыы, сөмөлүөт)

Нууччалыы Крениться, давать крен (напр., судно, самолет)

  • Тыыбыт хаҥас өттүгэр иҥнэйэн барда.
  • Сөмөлүөт түһээри иҥнэйдэ, Дьэ, Бүлүү эбэккэм, эҕэрдэ!
    И. Гоголев
  • Санитарнай сөмөлүөт хаҥас өттүнэн иҥнэйэн, аллара санньыйан, бөһүөлэги үрдүнэн эргийэн күрүлээтэ
    А. Федоров

2 туохтуур #

Кыҥнары бар, кыҥнары түс (баччааҥҥа дылы хамнаабакка көнөтүк турбут туох эмэ)

Нууччалыы Склониться, наклониться набок, в сторону

  • Тиит иҥнэйдэр иҥнэйэн, хойуу лабаалара адаарыйбытынан, сууллуу ыарын уйбакка булгурута барбыт мутуктарынан отон уктаах сиргэ бүтэҥитик ньир гынан түстэ.
    П. Аввакумов
  • Иҥнэйэн эрэр эрэһээҥки күрүө дьөлөҕөһүнэн Үүйэлээх күөл кытыытыгар баар буола түстүлэр.
    Л. Попов
  • Күөл илин өттүгэр сиҥнэн эрэр хотонноох балаҕан, иҥнэйбит сэргэ, тохтубут күрүө-хаһаа сүллүгэстэрэ хороһон көстөллөр
    Н. Лугинов

«И» буукуба