ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түүй

туохтуур

Нууччалыы предчувствовать что-л. недоброе; иметь дурное предчувствие (напр., о животных). [Лэгиэн:] Араастаан муҥнана сатаан кэбистибит да, биир да пааспытыгар биир да кырса төрүт киирбэт -- кырытыннарда, түүйдэ быһыылаах

1 туохтуур #

Итэҕэйии үгэһинэн: ким эмэ тугунан эмэ куһаҕан буолуон биттэнэн, туох эмэ дьикти, төттөрү быһыыны көрдөр (хол., кыылы-сүөлү этэргэ)

Нууччалыы Предчувствовать что-л. недоброе; иметь дурное предчувствие (напр., о животных). [Лэгиэн:] Араастаан муҥнана сатаан кэбистибит да, биир да пааспытыгар биир да кырса төрүт киирбэт -- кырытыннарда, түүйдэ быһыылаах

  • "Туох ааттаах буолан күтүр ытыыр, кими түүйэҕин?!" - ынаҕын талах олоппоһунан сабыыр.
    Баал Хабырыыс
  • Арҕахха бултаммыт эһэ хаһаайынын түүйдэҕинэ "ыарыыр" диэн кэпсииллэр
    ПАК АаТХ

2 туохтуур #

Туох эмэ туоларын, кыалларын эбэтэр үчүгэй буоларын итэҕэйимэ, эрэнимэ

Нууччалыы Не верить в чью-л. перспективу, в благополучный исход чего-л

  • Бииктэр Өлөксүөйэбис бу олоҕу бэркэ түүйэр эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол хомуйсан да диэн төһө өр чэчириир эбит", - диэн Миикэн ойуун Тыгыны түүйэн көнчүө бырахпыта.
    Далан
  • Атаас, кэбис, алҕас этэн, Аналбытын түүйүмэ, Аан дойду бары кэрэтэ - Ааһар былыт диэхтээмэ! Эллэй. Ср. ДТС, тюрк. туй ʽзамечать, чувствовать, догадываться’

«Т» буукуба