ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылааннаа

туохтуур

Нууччалыы точить, заострять

1 туохтуур #

Аалан, хататтаан кылаанын таһаар, сытыылаа (биилээх, уһуктаах туттар сэби)

Нууччалыы Точить, заострять (колюще-режущие предметы)

  • Бэртээхэй быһаҕы Уһуктаан, кылааннаан, Удьурхай уктаан, Ситэрэн-хоторон Эйиэхэ оҥордум. Эрчимэн. Саҥа хаптаҕай игии кылаанныырга куһаҕан, доҕуута элэйбитэ ордук
    ПАЕ ОСС

2 туохтуур #

Түүтүн тупсар, кылааннаах гын

Нууччалыы Улучшить качество шерсти, (чтобы она стала остистой)

  • Күндү түүлээх киистэрим, Күп-күөх күкээркэй тииҥнэрим Кэрэчээн таҥастарын - Көп түүлэрин кылааннаары Манна кыһын адаҕыйар.
    С. Данилов
  • Кыһыммыт кылбаҥнас кылаанныыр Саарбаны, саһылы, кырсаны
    И. Эртюков

3 туохтуур #

Сытыырхат, күүһүрт

Нууччалыы Резче обозначить главное, существенное в чем-л., подчеркнуть, заострить

  • Кылаассабай сэргэҕи Кылаанныыры модьуйар Уонтан тахса суол пууннаах Уһун уураах ылылынна.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оо, иэйии, сарыалга дьиэрэйэн, Оҕолуу айааран уһугун. Кынаттыыр бөрүөбэр дьиэрэй эн, Кылааннаа тыл сытыы уһугун!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Дьоннуун бодоруһан, өйдөөх киһи бэйэтин чувстволарын кылааннаан, өйүн-санаатын өссө сайыннаран биэрээччи
    ПБН КДьСО

«К» буукуба