ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыаҕыр

туохтуур

Нууччалыы находиться на подъеме, процветать; обрести могущество

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Сит-хот, кэҥээ, сайын

Нууччалыы Находиться на подъеме, процветать; обрести могущество

  • Тулалаан олорор улуу омуктар, биһиги кыаҕырарбытыттан дьиксинэн, хаһан баҕарар сэриинэн кэлиэхтэрин сөп.
    Н. Лугинов
  • Биһиги дойдубут хаһааҥҥытааҕар да кыаҕырда.
    Д. Кустуров
  • Абсолютнай монархия Людовик XIV саҕана ордук кыаҕырбыта
    АЕВ ОҮИ

2 туохтуур #

Үп-ас, харчы өттүнэн тубус, күүһүр, бай-тай

Нууччалыы Окрепнуть материально, упрочиться, стать сильным. [Таня] Икки убайа иккиэн ыал буолан, кыаҕыран олорон, Аҕа дойду улуу сэриитигэр баран, биирдэрэ Старай Руссаҕа, биирдэрэ Берлин аттыгар өлбүттэрэ

  • Кинээстиир кэмигэр улаханнык кыаҕыран хаалбыта.
    В. Скрябин
  • Тутааччылар балачча кыаҕыран иһэн, мас тиийбэтиттэн, хаптаһын суоҕуттан таах турар буолан эрэллэр
    ХС

3 туохтуур #

Тубус, төлөһүй

Нууччалыы Окрепнуть физически, стать сильнее

  • Табалар итинник [элбэх күөх оттоох, сэбирдэхтээх, талахтаах] сирдэринэн мэччийдэхтэринэ, сотору кыаҕыраллар, эргэ түүлэрэ түһэр. ССП ЫН. Эрбэһини турута тыытан, биһиги онон сэлиэһинэй сиэмэтэ кыаҕыра үүнэн тахсарыгар сирбитин ыраастыыбыт
    ХС

4 туохтуур #

Үлэлиир үөрүйэххин, идэтийэр сатабылгын тупсар

Нууччалыы Улучшить профессиональные, трудовые навыки, добиться профессионального роста, вырасти качественно

  • Борокуоппай дьэ итинник араас олоҥхоһуттары көрсүтэлээн, кинилэртэн үөрэнэн, -- устунан олоҥхоһут быһыытынан тыла-өһө сөллөн, куолаһа чөллөрүйэн, кыаҕыра кэҥээн барар. ДьДьДь. "Дружба" ансаамбыл сылтан сыл аайы айар тэтимэ үрдээн, кыаҕыран иһэр.
    АҮ

5 туохтуур #

ан эрэ эр ылан, сэргэхсийэн күүһүр, эрдий

Нууччалыы Воспрянуть духом, оживиться, приободриться

  • Ньургустаана Доҕойдоонобу кытары сэһэргэстэ, кини биһирэбилин ылла, онтон кыаҕыран, аны Дьокуускай куоракка барда
    ХС

6 туохтуур #

Урут тугу эрэ гынаргар хааччах, мэһэй баар буоллаҕына, билигин ону толорор кыахтаах буол

Нууччалыы Располагать необходимыми условиями, средствами для выполнения чего-л.; иметь возможность к чему-л

  • Түөрт косилкалардаах тэриллибит звено от хомуурун саамай ыарахан үлэтин -охсууну ситиһиилэрдээхтик ыытар кыаҕырар. ОҮМ. Мастарым -- билигин инньэ диэн ааттыырга кыаҕырбытым - ити сири сотору бэйэлэрин лабааларынан бүтүннүү сабаннар, хараҥа күлүгү түһэрэллэр. Д. Дефо (тылб.)

«К» буукуба