ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сириэдий

туохтуур

Нууччалыы зарождаться, вырастать, укоренившись здравствовать, процветать

1 туохтуур #

Силистэнэн-мутуктанан олохтоохтук үүн, үөскээ; үүнэн-сайдан таҕыс, туругур

Нууччалыы Зарождаться, вырастать, укоренившись здравствовать, процветать

  • Онтон ыла Бэһиэлэйэп аймаҕа эмиэ кэнчээрилээн, байан-тайан сириэдийэн испит.
    Амма Аччыгыйа
  • Хас биирдии киһи үйэтигэр, муҥ саатар, биирдии маһы олордоро буоллар, уонунан мөлүйүөн мас сириэдийэ үүнүө этэ.
    И. Федосеев
  • Улуу Сайылык арҕаа баһыгар ыал бөҕө сириэдийэн олорбут
    Багдарыын Сүлбэ

2 туохтуур #

көр сирэлий

3 туохтуур #

Элбэх буолан тоҕуоруй, кэккэлээ (биир тэҥ предметтэр тустарынан)

Нууччалыы Скапливаться, собираться рядами в большом количестве (об однородных предметах)

  • Виктор өһөстүҥү харахтара киэһээни быһа эмиэ үөрүү кыымынан сириэдийэ умайаллара.
    Далан
  • Чох күлгэ көмүллэ сытан, Үрдэххэ сириэдийэр.
    Баал Хабырыыс
  • Онон-манан өссө даҕаны умайан бүппэтэх бэрэбинэлэр сириэдийэ сыталлара. И. Сосин
Өссө холобурдар (3)
  • Сиэдэрэй сэп диэн Сириэдийбэтэх сирэ буолла.
    П. Ойуунускай
  • Сэттэ сииктээх Сиитик оҥочолоох Манна сириэдийбит, Аҕыс туостаах Дьалыс тыылаах Манна ааҥнаабыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Силээн чараҥ быыһыгар Сиэллээх ситии симэхтээх Сири иһит сириэдийдэ
    С. Васильев

«С» буукуба