Перевод с якутского
кылаан
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы острый край режущего, рубящего орудия или острый конец колющего предмета
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Быһар, охсор тэрил биитин, уһугун тахсыыта, сытыы кырыыта
Нууччалыы Острый край режущего, рубящего орудия или острый конец колющего предмета
Киргиэлэй хататын ылан, быһаҕын сытыылаан, түргэн-түргэнник сотуолаата, быһаҕын кылаанын эрбэҕинэн бигээн көрдө. И. Никифоров [Мичээр] хотуурун кылаанын тарбаҕын төбөтүнэн бигээн көрдө. В. Тарабу кин. Сүөдэр Бөтүрүөбүс анньыытын кылаанын эрбэҕин сүрэҕинэн бигээн көрдө Айталын Кытаанаҕы кыайар, хоччоххойу хотор Кылаан уһуктаах бу кыра таас, Күндүл күн толбонунан күлэ сытар Күлүмнүүр өҥнөөх бу хара таас. И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
Икки тииҥ мастан маска кынаттаах курдук кыырайа көтөллөр, эккирэтиһэн, бэс кылаан чыпчаалыгар бииргэ баар буолаллар. И. Сосин Киһи сүгэни ылан эргим-ургум тутан көрбүт, тарбаҕынан сүгэ кылаан биитин бигээбит, арааһа, сөбүлээбит ҮҮА
2 аат тыл #
Өрө көтөҕүллүү, күүрээн, уох
Нууччалыы Душевный подъем; горячность, пыл. [Маарыйа:] [Бассабыыктар] өр барыахтара суоҕа
Таҥара кинилэр өргөс кылааннарын сарбыйара чугаһаан, ыган турар. А. Софронов Иннокентий Тускаев -- ыар муҥнааһыҥҥа түбэспитэ биллэр этэ буолан баран, өргөс кылаана мүлүрүйбэтэх курдук хорсуннук туттара. Эрилик Эристиин Өйдөтүүлээх үлэ нуктаан, Өрөбөлүүссүөннэй кылаан сыппаан, Илиилэрин аллара ыһыктыбыттар С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
Уол оҕо ньургуйар ньургуна, Уон кырыы кыттыспыт кылаана, Киһиттэн килбиэннээх кэрэтэ Килбэчис гыммыта баар этэ! Р. Баҕатаайыскай Үтүөкэннээх дьүһүннээх, Үрдүк үскэллээх Кыыс оҕо кылаан бэрдэ, Уһук туйгуна кини эбит. П. Ядрихинскай Били Быыпсай оҕонньор дии. Ыскылаат харабыллыыбын диир. Дьэ эр кылаана, кырдьыбатын, кыанарын! М. Тимофеев
3 аат тыл #
үрд. Туох эмэ үрдүкү чыпчаала, өрөгөйө
Нууччалыы Высшая степень чего-л., пик, вершина, острие
Аһыыбыт-абабыт кылаанын кэккэбит иһигэр кистээммит, харахпыт ууларын саһыаран, уордаахтык хардыылаан испиппит. Эллэй. Тыл көмүһэ, тыл кылаана, Тыл сүмэтэ буоллаҕа. В. Сивцев Артыыс күүһэ-уоҕа, айар кылаана иннигэр эрдэҕинэ уот-кыым саҕар сөптөөх буолуо этэ ХС Поэт айымньытын биир кылаан чыпчаала - "Нуучча сиригэр ким үчүгэйдик олороруй" диэн поэма. Софр. Данилов. Биир кылаан кыһалҕалара - кинигэ тиийбэт эбит. С. Руфов
Өссө холобурдар (1)
Ыһыах педагогиката, оһуокай педагогиката - саха норуотун педагогикатын кылаан чыпчааллара. К. Ут кин. Ср. тюрк. гылав 'лезвие, острие; верхний слой дынной мякоти'; кирг. кылоо 'отточенный краешек режущего предмета'
4 даҕааһын #
Ордук сытыы кырыылаах, уһуктаах
Нууччалыы Острый, заточенный
5 даҕааһын #
Сытыытынан-хотуутунан, хорсунунан баартан бастыҥ, талыы
Нууччалыы Лучший из лучших, отборный
6 аат тыл #
Төрүт, тутаах, сүрүн суолталаах
Нууччалыы Имеющий важное значение, основной, главный
7 #
Түүлээх кыыл ньуолах түүтүн үрдүнэн кытаанах уһун түүтэ
Нууччалыы Длинный жесткий волос в шерсти животного, ость
Түөһүгэр күннээх, кырымахтаах хара саһыл барахсан түүтүн кылаана эргичиҥнэттэҕин аайы соруйан ымсыырдыбыт курдук, күн уотугар араастаан толбоннуран көһүннэ. С. Никифоров [Сылгы] нуолур түүтэ үрүҥ, кылаан түүтүн төбөтө көҕөрөн көстөр, хара түү булкаастаах, атахтарын сэбэрэтэ бороҥ түүлээх буоллаҕына күөх бороҥ дэнэр. Сылгыһыт с. Хара тыаҕа сылдьар сонордьуттар кэпсээннэринэн, күн-дьыл хойутаан тииҥ кыайан сиппэтэх, киис кылаан аспатах Кыым Бурдук куолаһыгар, сорох атын отторго туораахтарын төрдүттэн үүнэр кытаанах уһун салаалар, кылыс. Θ Тонкий длинный отросток на колосе у злаков, трав; ость. Бурдук куолаһын кылаана
8 этии #
Нууччалыы Ничтожный, совершенно незначительный, мизерный, с булавочную головку
Этиилэр
Хаартаҕа көр эрэ
Днепр уҥуор эн лоп курдук сэттэҕэ тиийэр сириҥ бу баар. Сылбырҕа бөлөх итиннэ диэри кылаана да кыларыйан көрбөккө тиийиэхтээх. К. Симонов (тылб.)
9 этии #
Нууччалыы Уравнительное (по степени травостоя) распределение сенокосных угодий
Кылаан түҥэтик (үллэһик) бэй. туһ. - оттонор сири үүнүүтүнэн көрөн үллэрии Бу буор түҥэтиги көтүрэммит, бу быйылгы кытаанах дьылга, булгуччу кылаан түҥэтиги ыытыахтаахпыт, туох үүммүтүн уоспутунан үллэстиэхтээхпит.
Суорун ОмоллоонБыйылгы дьыллаах кылаан үллэһиккэ дьон бары даҕаны үтүө сиргэ түбэһэннэр, сири түүлэһии дэлэйдэ. Р. Кулаковскай Сирдэрэ үүнүүтэ суох буолан сутуур кутталламмыттарга оттонор үүнүүлээх ходуһаны тиксэрэр кылаан түҥэтиги тэрийиигэ улахан үлэни ыытара. ЯНС ДьДьТ