ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэ

частица, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы только

English only, just

Ис хоһооно · 14

1 аат тыл #

эб

  • Оҕонньордоох икки уол күөстүүллэр эрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эйиэхэ мунньахтыахха эрэ наада. Софр. Данилов. Бэйи эрэ, тоҕо эһиги эрэ хаалаҕыт?
    Н. Габышев
  • Кини кэллэр эрэ оҕолор тарҕаһан хаалаллар.
Өссө холобурдар (1)
  • Кэтириис эмээхсин саҥардар эрэ Микиитэ сүрэҕэ бобута туппахтыыр, куйахата күүрбэхтиир
    Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Ыйыллар эрэ хайааһын оҥоһулларын, атын хайааһын оҥоһуллубатын чорботон бэлиэтиир

Нууччалыы Употребляется говорящим для выделения только названного действия, другие здесь не имеют места

3 аат тыл #

Соруйуу, көрдөһүү суолтатын сымнатан, мөлтөтөн иһирэхситэн биэрэр

Нууччалыы Употребляется для смягчения повеления, побуждения и просьбы

  • Лида, кэл, олор эрэ, билигин барыахпыт.
    Д. Таас
  • Ыл эрэ, кыыһырсымыах, кини баарына.
    В. Яковлев
  • Ыччаттарыам, ыллаа диэтэргит, ырыабын ырыҥалаан истиҥ эрэ
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • Кэлэр эрэ, кэлбэт эрэ, мин билбэппин. Үлэлиир эрэ, суох эрэ, биллэрбэт

4 аат тыл #

Суоһурҕаныы, куттааһын, сааныы дэгэтин күүһүрдэн биэрэр

Нууччалыы Употребляется для усиления угрозы, строгого предупреждения, содержащихся в высказывании

5 аат тыл #

"Нэһиилэ, хайыы эрэ сыспыт" диэн дэгэт суолтаны биэрэр

Нууччалыы Употребляется для указания на ограничение действия "только, чтоб неһ

  • Придает значение, соответствующее русской частице чуть не. Микиитэ улааттаҕына Байбалы өлбөт эрэ гына үлтү сынньыах буолан, сиринэн-халлаанынан андаҕайа саныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Өһүргэнэн уҥан эрэ түспэтэх
    ХС

6 аат тыл #

Түмэр-холбуур дэгэт суолталаах

Нууччалыы Употребляется для выражения собирательного значения

  • Тыллаах эрэ, өһүргэспит эрэ барыта кини хараҕыттан иҥнээччи. Софр. Данилов. Дьон эрэ сонуна, кэпсэтиитэ биир
    П. Филиппов

7 аат тыл #

Иннигэр турар тыл суолтатын араас өттүттэн күүһүрдэн биэрэр

Нууччалыы Употребляется для усиления значения предшествующего слова в семантическом, оценочно-рассудочном, эмоционально-экспрессивном отношении

  • "Эһиги ынахтаргытыгар эрэ оччо кыһаллыбакка сылдьабынһ, – диэтэ Арамаан наһаа холкутук. Амма Ачыгыйа. Тукаам, бэйи эрэ, тохтоо.
    Суорун Омоллоон
  • Кини барыах эрэ баҕата суох.
    ХС
  • Аммаҕа хата ол эрэ туһунан толкуйдаабаттар
    Кыым

8 аат тыл #

Ыйытар солбуйар ааты кытары иэйии дэгэтин күүһүрдэр

Нууччалыы В сочетании с вопросительно-относительными местоимениями употребляется для выражения эмоционально-усилительного значения

9 аат тыл #

Ыйытар солбуйар ааттартан быһаарыыта суох солбуйар ааттары үөскэтэр

Нууччалыы Сочетаясь с вопросительными местоимениями образует неопределенные, соотносительные с существительными, прилагательными и наречиями местоимения

  • Ким эрэ, туох эрэ, ханнык эрэ, хайдах эрэ, хас эрэ, төһө эрэ, тоҕо эрэ, хаһан эрэ, ханна эрэ о. д. а

10 аат тыл #

ситим т. суолт

11 аат тыл #

Кэм суолталаах

Нууччалыы Временной союз

12 аат тыл #

Араартыыр суолталаах

Нууччалыы Разделительный союз

13 этии #

ыгар эрэ көр аат I. Дьиҥнээх үлэни ааҕыстахха, кини аатыгар эрэ, кураанах дуоһунас иччитэ. Н. Лугинов.

Нууччалыы Употребляется для указания важности последующей фразы (даже, более того)

Этиилэр

Аатын ааттыах (эрэ) кэрэх көр аат

Аат харата көр аат I

  • София остуол уһугар олорон аат эрэ харата аһыыр.
    Н. Габышев

Айаҕынан (эрэ) айдаарар көр айах

Атаҕын тумсун эрэ сирдэтэр көр атах

Бэйэтин эрэ иннин көрүнэр көр көрүн I

Дууһата эрэ тахсыбакка сытар көр дууһа

Илиитэ эрэ хамсаатар (хамсыа эрэ кэрэх) көр илии

Дьүрү эрэ

оннооҕор буолуох, ону ааһан Бүгүн тымныйбыт дьүрү эрэ хаардаары гыммыт.

  • Эрэ үрдүк үөрэхтээх, дьүрү эрэ, икки институту бүтэрбит. ПНЕ МСЯЯ. (Кимниин эрэ ким эрэ) көтүө дуо көр көт I. Кини эрэ айаҕыттан (эн эрэ айаххыттан) күөх от үүнүө буоллаҕай көр кини I.

Киһи эрэ аатын ылан (сылдьар) көр киһи I

Көтүөн кыната (эрэ) суох көр көт I

Кулгааҕа (эрэ) истэн хаалла көр иһит I

Кумааҕыны (кумааҕы сирэйин) марайдыыр көр кумааҕы

Кутуругун эрэ көрөн хаалыан көр кутурук

Күлүгэ эрэ сылдьар көр күлүк

Күөмэйигэр туох эрэ туора турда көр күөмэй I

Кыҥыырыҥ эрэ кыыһыҥ, одуулууруҥ эрэ ойоҕуҥ көр кыҥаа

Кырса эрэ кылбаҕар, субата эрэ туртаҕар көр кылбаҕар

Кэппитэ эрэ сэлээппэ (туппута эрэ торуоска) көр кэт

Маска эрэ ыттыбакка сылдьар көр мас

  • Оломун булбакка (билбэккэ) эрэ ууга (ууну) кииримэ (кэһимэ) көр олом.

Оннун эрэ көрөн хаал көр хаал

Орону эрэ сылытан тахсар көр орон II

Орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ көр орон

Өйү (эрэ) биэримиэххэ көр өй

  • Өлө сытар киһиттэн туһа (утурук) эрэйбиккэ дылы көр өл I.

Өттүгүн эрэ үлтү (тосту) түспэтэ көр өттүк

Сиргэ эрэ тимирбэтэ көр сир II

Туох эрэ саҕа саныыр көр туох II

Туох эрэ тэһэ кэйбитинии көр кэй I

Тыас курдук истэр көр тыас

Туппута эрэ торуоска, кэппитэ эрэ сэлээппэ көр кэт

Тыллаах сыҥааҕынан эрэ кынаттанар көр тыллаах

Хаҕа эрэ хаалбыт көр хах

  • Хараҕа эрэ хаалбыт көр хаал

14 этии #

Нууччалыы С радостью, с удовольствием, пожалуйста

Этиилэр

Саатар эрэ

биһирээн, үөрүүнү кытта сөбүлэһии "Эмтиэҕим, – диэбит.

  • – Оо, саатар эрэ. Ол курдук буоллунһ. Эллэй. Оҕолор, мустан саатар эрэ оонньоотуннар ээ. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Хорум эрэ!

суоһурҕаныы, куттааһын, сааныы, (күүстээх дьарыйыы дэгэттээх, үксүгэр оҕоҕо туһаайыллар).

Ну, погоди, смотри у меня (угроза, обычно обращенная к детям).

  • Хорум эрэ, нохоо! Хата мин эйигин кулгааххын эрийээйэбин!
    ПЭК СЯЯ

«Э» буукуба