ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кумааҕы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы бумага.

English paper

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Суруйарга, бэчээттииргэ, уруһуйдуурга, онтон да атыҥҥа туттуллар мастан, өрбөхтөн оҥоһуллубут чараас хачыгырас матырыйаал

Нууччалыы Бумага. Суруйар кумааҕы. Хаһыат кумааҕыта. Маайа лэппиэскэ тоһута тутан кумааҕыга суулуур. Н. Якутскай. Лоскуй-лоскуй кумааҕылары иннигэр уурда, харандааһын таһаарда. Т. Сметанин. Остуол үрдүгэр суруктаах кумааҕылар бэрээдэгэ суох ыһылла сыталлар. М. Доҕордуурап. Биһиги эрабыт I үйэтигэр кытайдар кумааҕыны айбыттара: кумааҕыны өрбөхтөн, хатырыктан уонна бамбуктан оҥороллоро. КФП БАаДИ

2 аат тыл #

Дьыала суруга, докумуон

Нууччалыы Документ

  • Сургуус бэчээттээх кумааҕыны Кууһума суруксут бэрт өр ааҕар.
    Н. Якутскай
  • "Эйигин оройуон киинигэр манна хааллардым. Бирикээһиҥ бу баар," - диэн баран, лоскуй кумааҕыны Алексаҥҥа уунна.
    Р. Кулаковскай
  • Хайыамый, бу үөһэ тэрилтэҕэ барар кумааҕы, онон хайаатар да хос бэчээттээтэххинэ табыллар
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (4)
  • Кини икки кумааҕы суулаах бэлэҕи харбаан ылла.
    Суорун Омоллоон
  • Ити туохтара чөмөхтөһөн сытар буоллаҕай? Кумааҕы кууллар.
    В. Гаврильева
  • Төбөтүгэр үс муннуктаах кумааҕы бэргэһэлээх.
    П. Павленко
  • Русск. диал. гумага

3 аат тыл #

Кумааҕы харчы

Нууччалыы Бумажные деньги

  • Эдэр киһи... үөрүүтүгэр өрө өндөҥөлөөн кэбиһэ-кэбиһэ, биэс сүүстээх кумааҕыны хондуукторга биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Мундербек сиэбиттэн улахан кумараанньыгы ылан барыта уоннуу солкуобайдаах сүүрбэ кумааҕыны ааҕан оҕонньорго илтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кумааҕынан сүүрбэ аҕыс солкуобай, биэс солкуобайдаах кыһыл көмүс харчы баара. М. Шолохов (тылб.)

4 даҕааһын #

суолт. Кумааҕыттан оҥоһуллубут

Нууччалыы Бумажный

5 этии #

Нууччалыы Оставаться (лишь) на бумаге

Этиилэр

Кумааҕыга хаал (баар) (

) - туолбакка хаал, олоххо киирбэккэ хаал (хол., суруллубут былаан) Били дьыалабыт кумааҕыга эрэ хаалла дуу? Үчүгэй, кэскиллээх былаан хотоннору механизациялааһыҥҥа оҥоһуллубута. Ол үксэ кумааҕыга хаалла. "ХС". Ол аата, бурдук үүннэрэр звенолар тэриллиилэрэ диэн - харах баайыыта, кумааҕыга эрэ баар көрүнньүк дьыала. П. Егоров. Кумааҕы курдук - хаана суох, кубархай (сирэй туһунан).

Бледный, бескровный, как бумага (о лице).

  • Симон сирэйэ кумааҕы курдук маҥан.
    Л. Попов
  • Тэтэркэй бэйэлээх иҥэ кумааҕы курдук, кубарыйан хаалла.
    М. Доҕордуурап

Кумааҕыны (кумааҕы сирэйин) марайдыыр (

) - туох эмэ интэриэһинэйэ, туһата суоҕу суруйар.

Марать, пачкать бумагу.

  • Итинник ымпыктары-чымпыктары, була-була муспут киһи, бука, хас да лиис кумааҕы сирэйин марайдыа эбитэ буолуо.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сүрэҕиҥ уулла таптаабат, -- Сүрэҕиҥ дьолго таласпат, Төлөннүрбэт буоллаҕына - Кумааҕыны марайдаама.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Кумааҕы үрдүгэр түс сөбүлээб. - тугу эмэ гыныахтааххын оҥорбокко суруйбутунан, аахпытынан бар. Взяться за перо, за чтение вместо того, чтоб заняться чем-л. более важным. "Тукаам, кэллэ кэлээт, кумааҕы үрдүгэр түстэххиний, ийэҕэр көмөлөс эрэ", - диэтэ Дайыыла кыыһа кинигэ тутуурдааҕын көрөн. Софр. Данилов

6 этии #

Нууччалыы Официальное извещение родным о гибели военнослужащего, похоронка. [Ийэ:] Үнүрүүн дьукааҕым Балбаара эмээхсин уола өлбүтүн туһунан хара кумааҕыны тутта

  • Хара кумааҕы кэпс. - сэриигэ сылдьар буойун өлбүтүн туһунан төрөппүттэригэр, аймахтарыгар биллэрэр сурук
    И. Гоголев
  • Хара кумааҕылар - көмүү кумааҕылара кэллэхтэринэ, онно аилга биир күн икки-үс дьиэҕэ ытааһын-соҥооһун, кырыыс-таныар ыҥсалыйара. Ч. Айтматов (тылб.)

«К» буукуба