ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аах

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы считать

English to count; to consider

Ис хоһооно · 12

1 туохтуур #

Нууччалыы считать

English to count; to consider (view as having a given quality)

  • уруоккун аах
    усвоить урокto learn a lesson
  • кинини үчүгэй үлэһитинэн ааҕаллар
    его считают хорошим работникомthey consider him a good worker
I

2 туохтуур #

Суруллубут сурук бэлиэлэринэн тыллары, этиилэри холбооттоон таһааран өйдөө

Нууччалыы Читать что-л. написанное

  • Доргуччу аах. Искэр аах. Хаһыаты аах.
  • Сережа нэдиэлэни быһа уочараттаан, бэҕэһээ дьэ уларсыбыт кинигэтин ааҕан бүтэн, тыастаахтык "тап" гыннарда.
    Н. Лугинов
  • Оксана кумааҕытын тэниччи тарда-тарда, онно туох суруллубутун ааҕан барбыта
    Суорун Омоллоон

3 туохтуур #

Ханнык эмэ айымньыны, тиэкиһи өйгүттэн эт

Нууччалыы Произносить, декламировать какой-л. текст

  • Саргылаана хоһоону ааҕарга үөрэнэ сырыттаҕына табаарыстара бэркэ хайгыыр этилэр. Софр. Данилов. Тойон туох баар билэр малыыппатын ааҕа истэ
    Эрилик Эристиин

4 туохтуур #

Кими эмэ үөрэтэн, такайан тыл эт

Нууччалыы Наставлять, поучать кого-л

  • Ситэри иһит! Аны мин эйиэхэ нотация ааҕарым да биллибэт. Софр. Данилов. Чэ, ээх, үчүгэй, өйдөөх, куолуһут киһи буоллаҕыҥ, дириҥник хорутан эн миэхэ сокуон ааҕыма
    М. Доҕордуурап

5 туохтуур #

Дьон, аудитория иннигэр тахсан кэпсээ (үксүгэр научнай, общественнай ис хоһоонноох тиэмэҕэ)

Нууччалыы Излагать, рассказывать перед аудиторией (обычно на научные, общественные темы)

  • Кавказка лиэксийэ ааҕан бараммын, биир ыйга Крымҥа ааҕа кэллим.
    Амма Аччыгыйа
  • Быһаарбатахтар кинилэр Арай туохха дьоҕурдааҕын, Быһата "сах" ону билэр, Сатаабат дакылааттыырын, Лиэксийэ да ааҕарын
    И. Гоголев

6 туохтуур #

Кинигэ, сурук ис хоһоонун үөрэтэн билиини ыл, билиини ыларга дьулус

Нууччалыы Стремиться к усвоению знаний, изучая содержание написанного

  • Киэһэ дьиэҕэ хаайтараллар Оҕо аймах ааҕа, Остуол тула чуумпураллар Оонньуу, уруок ааҕа. Дьуон Дьаҥылы. Устурууксуйа кинигэтин үөрэхтээхтэр Уруок курдук аахтылар
    С. Васильев

7 туохтуур #

Тугу эрэ бил, мындырдаан сирийэн көрөн быһаар

Нууччалыы Осваивать, постигать что-л

  • Тула өттүбүн геолог буолбут киһи тааһы ааҕар хараҕынан көрөргө кыһаллабын.
    П. Аввакумов
  • Санаабар саһылы сойуолаан, Кыраһа суругун ааҕабын.
    С. Данилов
  • Көмнөх хаарым кырсыгар Көтөр-сүүрэр суолун Күн тура ааҕар уурайда. Н. Тарабукин (тылб.)

8 туохтуур #

Туох эмэ ахсаанын чуолкайдаан быһаар

Нууччалыы Определить количество кого-чего-л., считать количество чего-л

  • Харчыны аах. Ааҕан таһаар. Халлаан сулуһун аахпыкка дылы (өс ном.). Сарсын тугу-тугу атыылаһарын, бытархай иэһин төлүүрүгэр, тардыытыгар төһө харчыны ордорон таһаарарын, кыайан ааҕан таһаарбата.
    А. Софронов
  • Ньукууһа Сыҕаайап биир милииссийэлээх киирэн, бары "күүс өттүнэн оттоммут" сирдэр бугулларын ааҕан, аакта оҥордо.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир күрбэ тааска сэргэстэһэн олорон харчыларын аахпыттара
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тус-туспа предмети, хайааһыны кэриччи сирийэн, болҕойон көр. Θ Внимательно рассматривать ряд предметов, действий, изучая, считая их. Ынах хомуйа сылдьан, ол-бу оту-маһы ааҕаллара, олорго араастаан аат биэрэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Бу сайын Маппыайабыс дойдутугар кэлээт, ыҥыыр атынан кэлэн Чөркөөҕү сирдэри-буордары, тыалары-хонуулары, отун-маһын төрдүн ааҕа көрбүтэ. Бэс Дьарааһын. [Хамыыһыйа чилиэннэрэ] товаровед чинчийэн көрөр-истэр хас хамсааһынын ааҕа турдулар
    М. Попов

9 туохтуур #

Кимиэхэ, туохха эмэ ханнык эрэ быһаарыыны, түмүгү биэр, кими-тугу эмэ тугунан-ханныгынан эрэ билин

Нууччалыы Считать, полагать, допускать что-л. каким-л

  • Бэйэбэр ымсыырыахтарын иһин, эмиэ да үөрэҕим суох, дьүһүммүн да соччо кырасыабай курдук аахпаттара буолуо.
    П. Ойуунускай
  • Эйигин күндү ыалдьыппынан ааҕарым, Билигин күндү уолбунан ааҕабын.
    И. Гоголев
  • Поэттары өрүү үлэлээбэт Күүлэй дьонунан ааҕаллар, Арай бэйэбит билэбит: Үлэҕэ сааспыт сарбыллар
    С. Данилов

10 этии #

Нууччалыы Постоянно напоминать услугу (обычно незначительную), оказанную кому-л., чтобы получить за это мзду, уплату

  • Өҥө (үтүө) аах сөбүлээб. - туох эрэ үтүөнү, өҥөнү оҥорбуккун (үксүгэр кыраны, солуута суоҕу) куруук санатан, онуоха харданы эрэй "Ким туһугар үлэлиигин? Өҥө ааҕан, кимтэн хайҕал ылаары гынаҕын?" - Өрүүсэ хадьардык ыйытта.
    А. Сыромятникова
  • "Биһиги хотоммут баар буолан, сылаас оттоох долборукка төрөөн киһи буолбутуҥ!" - диэн үтүө ааҕара. Эрилик Эристиин

11 этии #

Нууччалыы Изложение (вид письменной работы в школе)

Этиилэр

Ааҕар саала көр саала

  • Бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар киһи аҕыйах этэ. СБТТ. Аахпыттан суруйуу - аахпыт тиэкис ис хоһоонун өйтөн суруйуу Өйдөөбүттэрин сааһылаан кэпсиир сатабыллара төһө сайдан иһэриттэн көрөн, аахпыттан суруйууга холонуу саҕаланар. КИИ МКТТҮө
III

12 #

эб. Кэккэ предметтэри түмэн, холбуур суолтаны көрдөрөр (үксүгэр дьон бөлөҕүн түмэн этэргэ тут-лар)

Нууччалыы Выражает конкретную собирательность, т. е. данный предмет при помощи аах обозначает совокупность определенных предметов (часто употр. при обозначении определенной группы людей)

  • көр аакта. Аах суруктарын Аахтара биэртэригэр, Аа-дьуо ааҕан баран: "Мэлдьэспэппин, билбэппин," - Ити курдук этэн, Илии баттаан биэртэ.
    А. Софронов
  • Биригээдэлэргэ сэптэрин-сэбиргэллэрин уонна үлэһит көлөлөрүн ааҕынан туттартаатыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Туох баар малбын, сүөһүбүн, харчыбын булла, уоппустаан судаарыстыбаҕа ыларга аах оҥордо. М. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Эдьиийим аах хантан немецтии хаһыаты ылбыттара эбитэй? Софр. Данилов. Костя уончатыгар диэри таайын аахха иитиллибит.
    П. Филиппов
  • Мин аҕам аах кэлэн өтөххө саспыттарын, бандьыыт ол диэки барбытын [ийэбэр] оргууй сибис гынным.
    Н. Заболоцкай
  • Торуой уола аах ураһаттан таҕыстылар
    Н. Павлов

«А» буукуба