ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааттаа

туохтуур

Нууччалыы звать; имя

English to call, to name

Ис хоһооно · 10

1 туохтуур #

Нууччалыы звать; имя

English to call, to name

  • оҕоҕутун ким диэн ааттаатыгыт?
    как ты назвал ребёнка?what did you name your child?

2 туохтуур #

Нууччалыы считать

English to consider (view as having a given quality)

  • кинини күүстээх диэн ааттыыллар
    его считают сильнымthey consider him strong

3 туохтуур #

Нууччалыы именовать

I

4 туохтуур #

Ханнык эмэ предмет, көстүү о. д. а. аатын эт

Нууччалыы Говорить, произносить название, имена предметов, явлений и т. д

  • Ньуоҕуһут таба диэн уҥа өттүгэр көлүллэр, көнө сүрүннээх, муоһаланар табаны ааттыыллар.
    А. Софронов
  • Саха норуотун кэтит кэскилин, тэбэр сүрэҕин ииппит, хорук тымыра буолбут өрүс диэн ааттыахтарын да ааттыыллар эбит
    П. Ойуунускай

5 туохтуур #

Кимиэхэ, туохха эрэ аат биэр, ааты иҥэр (анал ааты, эбэтэр уопсай метафора курдугу)

Нууччалыы Давать имя (собственное или нарицательно-метафорическое); нарекать кого-что-л. [Күлүк:] Хантан да кээлтим-баартым биллибэккэ, күлүк курдук сырыттаҕым дии, киһи обургу сыыһан да ааттыа дуо?

  • Аҕабыыт ааттаабыт аата кумааҕыга эрэ сылдьара, кини ааттаабыт аата үс дойдуну бүрүүкүү барара, устуллубат тирии буолара, суоруллубат сыбах буолан сыстара.
    П. Ойуунускай
  • Биир саамай оччугуй кутуйах баар. Күөрэгэй кинини, олус кыратын иһин "Туораах" диэн ааттаата.
    Т. Сметанин
  • Чульманы Саха сирин саамай соҕурууҥҥу салгынын аартыгынан ааттыахтарын ааттыыллар
    ХС

6 туохтуур #

Ханнык эрэ чопчу санааны үөскэт, тылы тарҕат (үксүгэр сөбүлээбэт, омнуолаах)

Нууччалыы Распространять, укреплять какое-л. мнение, слух о ком- о чем-л. (обычно отриц., предосудительное)

  • Биһигини отой үлэлээбэт күүлэй дьонунан ааттыылар.
    С. Данилов
  • Быыпсай кинээс Александр ытыллыан үс хонук иннинэ "дойду түүлэһэ" диэн ааттаан баран, нэдиэлэ кэриҥэ буолан төннүбүтэ
    М. Доҕордуурап

7 туохтуур #

Ким, туох эрэ туһа диэн, анаан сорук оҥостон (кэл, бар эҥиннээ) -ан сыһыар-х туохт. ф-гар

Нууччалыы Делать что-л. со специальной целью, заниматься чем-л., поставив перед собой, целью достичь именно чего-л. (в ф. деепр. на -ан)

  • Эн биһикки кыыспытын ааттаан, ыраах улуустан ойох ыла кэлэллэрэ биллибэт. Сороххо Күтэр Уйбаан уола баҕалаах буолсу.
    Н. Неустроев
  • Дьону көмүү нөҥүө күнүгэр Каландаришвили этэрээтэ саха норуотугар ааттаан суруйбут суруга бэчээттэннэ
    Амма Аччыгыйа

8 этии #

Нууччалыы Номинативное предложение

  • тыыр этии тыл үөр. - предмет аата эрэ ааттанар, хайааһына ситэриллэрэ наадата суох, биир эрэ тутаах чилиэннээх этии тыыр этии төрүт түһүккэ турар биир тылынан эбэтэр субуруччу ааҕыллар интонациялаах хас да тылынан бэриллиэн сөп.
  • Ааттыыр этиилэр уус-уран айымньы саҕаланыытыгар уонна драматическай айымньылар ремаркаларыгар үксүн баар буолааччылар. ЧМА СТҮөТ. Албан ааттаа - ким эмэ аатын-суолун киэҥник биллэр, сураҕырт. Θ Прославлять, давать громкую славу, знаменитое имя. Киһини үлэ көтөҕөр, албан ааттыыр (өс хоһ.). Айыылаах киһини таҥара баара буоллар байытыа, барҕардыа, албан ааттыа, чыынныа-хаанныа суох этэ.
    И. Гоголев
  • Хос ааттаа - киһини быһыы быһан, дьүһүннээн ааты иҥэр. Θ Давать прозвище кому-л. Кини ньилбэгэр соттору уурунан олорон, чэйдиир үгэстээх, ол иһин сахалар кинини "Соттордоох Дудаар" диэн хос ааттаабыттар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьонноро Уйбааны Хос ааттаан "Күүрээннээх Уйбаанчык" диэбиттэр. Эрилик Эристиин
II

9 туохтуур #

Иэйэн-куойан, айманан күүскэ көрдөс

Нууччалыы Молить, умолять, заклинать (часто со слезами). [Маайа:] Доҕоор, ааттыыбын, көрдөһөбүн, эн миигин итэҕэй, эрэн, сымыйаҕа охтума, мин туох да буруйум, айыым суох

  • Ааттыыбын, аҕаккам оҕотоо! Өлөрүмэ, өһөрүмэ.
    Н. Неустроев
  • [Күннэй:] Тыый даа, аҕам оҕотоо... Туох буоллуҥ? Охсоору гынныҥ дуу? Ааттыыбын
    Суорун Омоллоон

10 туохтуур #

Уоскут, саатат (хол., оҕону таптаан, эйэҕэс тылынан)

Нууччалыы Успокаивать, утешать (напр., ребенка)

  • Оҕону ытатымаҥ, ааттаан, уоскутан утутуҥ.
  • Хас оҕом кыҥкыйын уйабын Ардыгар аҕалыы ааттыыбын
    Р. Баҕатаайыскай
  • Санаатын табан сөбүлэһиннэр, тылгар киллэр. Θ Делать уступчивым, покладистым, сговорчивым (своими ласками, уговорами). Ый отут хонугун тухары салгылатыҥ: этэ-хаана ыраастаннын. Ыраастанан баран кэргэнин ааттаан ылан кэллин.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
  • "Тукаам, ааттаама, араас буолан, - диэтэ кини. - Соҕуруу барыа буоллар бардыын-бардын, олох да кэлбэтин".
    Далан
  • Арай биирдэ Сүөмэ Аҕатын туут хайыһарын, Ааттыын-ааттаан уларсан ылла
    С. Данилов

«А» буукуба