ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

угуй

туохтуур

Нууччалыы привлекая к себе внимание чем-л. (напр., звуками, запахом, яркой окраской) побудить кого-, что-л. приблизиться, прийти; зазывать, заманить

English to call, to summon

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ тугунан эмэ ымсыырдан, болҕомтотун тардан (хол., саҥаҕынан, сыт таһааран, чаҕылхай өҥҥүнэн) эйиэхэ чугаһыыр курдук ыҥыр

Нууччалыы Привлекая к себе внимание чем-л. (напр., звуками, запахом, яркой окраской) побудить кого-, что-л. приблизиться, прийти; зазывать, заманить

  • Саһыл кулгааҕынан наһаа чуор, онон туһанан булчут кутуйах курдук чыыбыгыраан эбэтэр бааһырбыт куобахтыы ньарылаан саһылы угуйар. ТСКБ. [Дьээдьэ Касым] хардарыта солбуйа сылдьан, угуйар тэрилинэн үрэн көрдө. Биир көтөр хардарыах курдук гынан иһэн, ылы-чып барда. Эҕэрдэ СС. Итинник мэҥиэ сыта уһуннук барар уонна кырынааһы үчүгэйдик угуйар
    ТСКБ

2 туохтуур #

Кими, тугу эмэ туохха эмэ көҕүт, тарт, ыҥыр, санаатын көҕүлээ (хол., кэрэҕэ-кэскилгэ, үтүөҕэ-үрдүккэ)

Нууччалыы Заманить, увлекая за собой, зазывать (напр., в светлое будущее, к знаниям)

  • "Көр, биһиги холкуоспут ити курдук [дьону] угуйан, тардан иһиэ!" – диэтэ кини, өрө көтөҕүллүүлээхтик.
    М. Доҕордуурап
  • Хомойуох иһин, биһиги усулуобуйабыт ыарахан буолан, дуогабар түһэрсэргэ эдэр испэсэлиистэри тугунан да угуйар кыахпыт суох.
    Б. Павлов
  • Кини бэйэтэ эрэ үөрэнэринэн дуоһуйбатаҕа, доҕотторун, ыччаты бүтүннүүтүн үрдүк үөрэххэ угуйара.
    КНЗ ТС

«У» буукуба