Перевод с якутского
ыҥыр
туохтуур
Нууччалыы голосом, взглядом, делая знаки рукой, звать, подзывать кого-л
English to call, to convene, to invite
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Кими эмэ аатын ааттаан эбэтэр илиигинэн көрдөрөн чугаһаа, кэл диэ
Нууччалыы Голосом, взглядом, делая знаки рукой, звать, подзывать кого-л
Мин кинилэри өр одуулаан бараммын, кэлиҥ өссө бэттэх диэммин, сөмүйэбинэн ыҥырдым.
Суорун ОмоллоонБили кыыс оҕо таһырдьа сүүрэн тахсан ийэтин ыҥырда.
Күндэ– Яков! – Ананий ыҥырда. – Тугуй, истэбин М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ ханна, туохха эмэ кэлэрин курдук эт (хол., ыалдьыттата, булка, тыйаатырга)
Нууччалыы Приглашать кого-л. куда-л. (напр., в гости, на охоту, в театр)
Кырдьаҕас астыннын диэн, Эдэр биһирээтин диэн, Эгэлгэ ыһыаҕы ыспыттар, Элбэх киһини ыҥырбыттар. Күннүк Уурастыырап Наахараны күүстээҕинэн аатырдаллар. Ол иһин буолуо, биирдэ эсэһиттэр кинини булка ыҥырдылар. Т. Сметанин Кини чэйин остуолга тардан кутуталаан баран, отчуттары чэйгэ ыҥырда А. Бэрияк
3 туохтуур #
Кими эмэ байыаннай сулууспаҕа барарын сорук туруоран модьуй, ирдээ
Нууччалыы Привлекать кого-л. к чему-л. (напр., на военную службу в армии). 1914 сыллаахха Аан дойду бастакы империалистическай сэриитигэр А
Наумовы сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥыраллар. Софр. Данилов. Илгэ-быйаҥ эргийбит кэмигэр Эмиэ сэриигэ ыҥыраллар Сэрии буоларын сэрэтэр иннигэр Туруннубут нууччалар, сахалар. Дьуон Дьаҥылы. Баартыйа эһигини саа тутан хаан-уруу сэбиэскэй былааһы көмүскүүргэ ыҥырда С. Ефремов
4 туохтуур #
Кими эмэ үлэтин эбээһинэһинэн ханна, туохха эмэ кэлэрин ирдээ, көрдөс
Нууччалыы Требовать или просить кого-л. явиться, прийти куда-л
"Субу тохтобулга милииссийэни ыҥырыам!" – диэтэ хондууктар. Амма Аччыгыйа Дьоно ыксаан бырааһы ыҥырдылар. А. Фёдоров – Начаалынньык ханнаный? – Суһал наадаҕа комендатураҕа ыҥырбыттара Н. Якутскай
5 туохтуур #
Дьону мунньан мунньаҕы тэрий
Нууччалыы Собирать в одно место всех или многих, созывать (напр., собрание)
Саҥа бэрэссэдээтэллээх суруксут нэһилиэк мунньаҕын ыҥыран сир кэлимсэлээһинин уонна да атын араас боппуруостары туруорбуттар.
КүндэМаҥнай кэлэн салайар кылааспын кытары билсиһэн баран, төрөппүттэр мунньахтарын ыҥырдым.
Н. ЛугиновСарсын партийнай мунньаҕы ыҥырыахха М. Доҕордуурап
6 туохтуур #
Кими эмэ туох эмэ үлэҕэ, дьайыыга көҕүлээ, тарт
Нууччалыы Призывать, побуждать кого-л. к каким-л. действиям, поступкам
Бэрэссэдээтэл дьоннору Бэрээдэккэ ыҥырда, Горкомолтан кэлэ сылдьар Куонаанапка тыл биэрдэ. Күннүк Уурастыырап Үөрэх сырдык суолугар Ыҥырбытыҥ аан бастаан. П. Тобуруокап Хаһыаттан көрдөххө, производствоҕа ыҥыраллар буолбат дуо? Ыанньыксыттыаҥ буоллаҕа дии М. Доҕордуурап
7 туохтуур #
үрд. Кими эмэ тугунан эмэ ымсыырдан, умсугутан угуй, бэйэҕэр тарт
Нууччалыы Зазывать, заманивать кого-л. чем-л
Күөл уҥуор Сэргэлээх уопсайдарын уоттара бу баардыы ыҥыра, ымсыырда, долгута тырымнаһаллар.
Н. ЛугиновСоҕотох Лена суһумнуур сүүрүктээх унаар солко урсуна, кини баай-дэлэй биэрэктэрэ саханы тардар, ыҥырар. Т. Сметанин Ыраах көстөн сындалыйан Тумул хайа ыҥырар, Ырыа курдук налыһыйан Туналыйа унаарар. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС, тюкр. чахыр, чакыр ‘звать, позвать, вызывать’