ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыҥыран

туохтуур

Нууччалыы мычать не открывая рта

English (of a cow) to moo

1 туохтуур #

Айаххын атыппакка эрэ муннугунан искиттэн саҥата таһаар (хол., сүөһүнү этэргэ)

Нууччалыы Мычать не открывая рта (напр., о рогатом скоте)

  • Хотоҥҥо саҥа төрөөбүт ынах, оҕотун суохтаан, иһин түгэҕиттэн дириҥник ыҥыранан дырылаппыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хотон кураххай сытынан аҥылыйар, иччи оҥостубут ынахтар ылбаҕайдык ыҥыраналлар.
    М. Доҕордуурап
  • Ыанньыксыт хотонугар киирдэҕинэ, ынахтара ыҥырана, маҥыраһа көрсөллөр
    Кыым

2 туохтуур #

Муннугунан "ыы" диэн ынчыктыыр курдук саҥата таһаар

Нууччалыы Издавать нечленораздельные звуки, похожие на мычание

  • Утуйан хаһыҥырыы сытар Арамааны Микиитэ тардыалаан көрбүтүгэр киһитэ ыҥыранан баран, түҥнэри эргийэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмиэ тиийэн иһиллээтэ – аны утуйбут киһи ыҥыранара иһилиннэ.
    Д. Таас
  • Онуоха кыыс, өсөһө киирэн муннун анныгар ыҥыранан ылла, уоһун муунньаччы туттан кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. ыҥыран

«Ы» буукуба