Перевод с якутского
ырыт
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы анализировать; считать
English (sciences) to analyze, to consider
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы анализировать; считать
English (sciences) to analyze, to consider
боппуруоһу ырыт разобрать вопросto analyze / consider the issue
2 туохтуур #
Тугу эмэ (сүөһү, булт иһин-үөһүн) тус-туспа араартаан ыраастаа, сууй
Нууччалыы Чистить (внутренности убитого скота, добытого животного), разбирая по частям, потрошить
Силтэһин Күөнчэттэн туораан, оҕус иһин ырыппыт сирдэрин диэки тумна хаамта. Күннүк Уурастыырап Били тыһаҕаһы бүгүн өлөрүөххэ. -- Эн сүлэн, иһин-үөһүн ырыта тураар. ХС Истэн синньигэс оһоҕоһу арааран ылан, туспа ырыталлар. АНП ССХТ. Урут эмис куобах иһин кырдьаҕастар бырахпаттара. Ырытан, ыраастаан ас гынан астыыллара ПАЕ КБАТ
3 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., кумааҕылары, докумуоннары) биир-биир ылан, көрөн бэрий, сыымайдаа
Нууччалыы Разбирать, пересматривать что-л. (напр., бумаги, документы) один за другим, перебирать
Эрэһиэтинньикэп -- үс киһи бэркэ кичэйэн эркиннэри тоҥсуйалларын, кини кумааҕыларын ырыталларын көрө олордо. Е. Неймохов Лена соҕотоҕун эргэ кумааҕылары ырыта олорбута. Г. Николаева (тылб.)
4 туохтуур #
хаарты. Оонньуох иннинэ (хаартыны) холуодаҕа сытар бэрээдэктэрин уларытан, үчүгэйдик булкуй
Нууччалыы Мешать, перемешивать (карты в колоде) перед новой игрой, тасовать. [Куочай] саппыйаттан хас эмэ хос тэрэпиискэ, кумааҕы суулаах хаартыны таһааран бараһыайдыыр, ырытар
Саһааннаах, хаартыларын ылан ырытан көрө-көрө, -- хаартыларын сэбэргэнэтин кыараҕаһыгар кыбытан кэбистэ. Эрилик Эристиин Ипатий хаартытын ырытан тыытырҕатта М. Доҕордуурап
5 туохтуур #
Тугу эмэ үчүгэйдик, дириҥник, сиһилии, саас-сааһынан үөрэт, ырыҥалаа
Нууччалыы Тщательно, глубоко разбирать, рассматривать, анализировать что-л
Муударай муҥутаан, Ырытан, сылыктаан, Сүүс араас идэттэн Тыраахтар үлэтин талла. С. Данилов Кырдьар сааскар олоххун эргиллэн, ырытан, сыымайдаан көрөҕүн. В. Титов Лүөччүктэр сарсыҥҥы бойобуой көтүү хайдах буолуохтааҕын сиһилии ырытан барбыттара И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Тугу эмэ наука ирдэбилинэн үөрэт, чинчий. Θ Производить научный анализ, анализировать, исследовать что-л. Бу бырайыаккын ырыта барбаппын. Бытархайдары аахсыбатахха, барыта ситэ.
Н. ЛугиновО. Н. Бётлингк үлэтин биллиилээх тюркологтар элбэхтик ырытан суруйан тураллар. СПА СТИ. Алампа поэтическай айымньыларын тылын-өһүн анаан филологическай наука дуоктара академик П. А. Слепцов сиһилии ырыппыта Чолбон
6 туохтуур #
Ким, туох эмэ туһунан кэпсэт
Нууччалыы Обсуждать, разбирать кого-что-л
Өр гымматылар, оҕонньордоох уол иирсээннэрин төрдүн-төбөтүн була оҕустулар, дьүүлүн-дьаабытын ырыппытынан бардылар. Амма Аччыгыйа Кыыс туһунан саҥардахха – Кытар гынар үгэстээҕэ. Дьахталлары ырыттахха – Дьалты хаамар идэлээҕэ. Күннүк Уурастыырап Ср. др. -тюрк., кирг. арыт ʽразыскивать, обследоватьʼ