ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арсыыннаа

туохтуур

Нууччалыы мерить, измерять

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Мээрэйдээ, кээмэйдээ

Нууччалыы Мерить, измерять

  • Дойду иэнин хаба ортотунан арсыыннаан, эмиэ унньуктаах уһун көтүү салҕанна. ИКДь. Үрдэ-анна араҥаламмат, Устата-туората удумаҕаламмат Куйаар күдэрик Космоһы Алаас иэнинии арсыынныыр Аракыата сындыыс аалбын [уруйдуубун].
    П. Тобуруокап
  • Ахсааннаах хонукка айаннаан Мин атын дойдуттан эргийдим. Үөйбэтэх сирдэрбин арсыыннаан Үгүс дьон үтүөтүн билистим
    Айталын

2 туохтуур #

- СҮӨМНЭЭ туохт

  • Аҕалбыт боруобаппын бэрт өр арсыыннаан-сүөмнээн баран тутта

3 туохтуур #

Бэрт кичэллээхтик, бириинчиктик мээрэйдээ, кээмэйдээ

Нууччалыы Мерить, измерять весьма тщательно, придирчиво

4 туохтуур #

Ырыт, ырыҥалаа

Нууччалыы Анализировать

  • Бэйэтин олоҕун төрдүттэн төбөтүгэр диэри арсыыннаан-сүөмнээн көрө-көрө, хараҕын уутун соттор буолаахтыыра
    Н. Павлов

«А» буукуба