Перевод с якутского
биис
аат тыл
Нууччалыы племя.
English tribe
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Биир тыллаах-өстөөх, уопсай олохтоох-дьаһахтаах, олорор чопчу сирдээх эбэтэр бииргэ сылдьар уруулуу дьон холбоһуга (кылаастар үөскүөхтэрин иннинэ)
Нууччалыы Племя. Хара муора хоту эҥээригэр готтар диэн германскай биистэр олохсуйбуттара. КФП БАаДИ. Илиҥҥи славяннар биистэрэ хайа кэмҥэ ханна олоро сылдьыбыттарын археология дааннайдара кэпсиир кыахтаахтар. ВМС СДО
2 аат тыл #
Хамныыр-харамай, үүнээйи көрүҥэ
Нууччалыы Вид, род животных и растений
Үүнээйи бииһэ киһи сөҕүөн курдук үгүс араастаах. КВА Б. Кус бииһиттэн, биллэн турар, көҕөн уруттуо, маҥнай тахсыбыт ууга кини бэйэлээх маатыргыа С. Никифоров
3 аат тыл #
Дьон (итэҕэлинэн, кылааһынан, эр киһитинэн-дьахтарынан уо. д. а.) арааһа
Нууччалыы Разряд людей (по классовому признаку, по полу и т. п.)
Кулут бииһигэр куһаҕаны оҥорбут аньыым суоҕа.
П. ОйуунускайҮлэһит-хамначчыт аймаҕа баай-тот бииһин хаан өстөөҕүн курдук көрөр М. Доҕордуурап
4 аат тыл #
Туох эмэ арааһа, араас суол көрүҥэ
Нууччалыы Разновидность, вид чего-л
Быйыл массыына бииһэ барыта хахха сиргэ хомулунна, ол эрээри өрүмүөн үлэтэ эмиэ сыыллан иһэр. Н. Габышев “Оһох бииһин арааһын оҥорорго идэм сайдыбыт киһи мин баарбын”, - диэн Игнатий биллэрбитэ М. Доҕордуурап
5 #
саҥа алл. Биһирээһини, сөҕүүнү-махтайыыны сэргээн этэр саҥа
Нууччалыы Возглас, выражающий одобрение, восхищение, “бис”
БИИС УУҺА - биис диэн курдук. Монгуоллар улаханнык кыргыһан тумат диэн биис ууһун бэриннэрбиттэрэ. Далан Билигин Саха сиригэр бурдук бииһин ууһа барыта ыһыллар.
Суорун ОмоллоонБааллар - буҕаалтыр бииһин ууһа барыта, холхуостаах бары араҥата, биригэдьиир арааһа. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Икки куолаһынан “Кэрэчээнэни” тардан кэбистибит. Тула өттүбүтүгэр өссө ыллатаары “биис”хаһыытыыллар. “ ХС