Перевод с якутского
дьүһүн
аат тыл
Нууччалыы цвет, окраска, масть кого-чего-л
English face
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Туох эмэ өҥө, кырааската
Нууччалыы Цвет, окраска, масть кого-чего-л
Сааһын тухары дьүһүнэ кубулуйбат баар үһү (тааб.: хаардаах төҥүргэстэр). [Чыычаахтар] Үгүстэрин дьүһүнэ биир бороҥ эрээри, тус-туспа саҥалаахтар, майгыннаахтар эбит. Амма Аччыгыйа Сахалар хайдыбатын, дьүһүнэ үчүгэйин иһин, ол удьурҕайынан быһах уга оҥостоллор.
Суорун ОмоллоонБу ынаҕым аата "Саһылыкаан", кини ньирэй эрдэҕиттэн албын, дьүһүнэ да саһыллыҥы М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Сирэй ньуура, сирэй көстүүтэ
Нууччалыы Лицо, лик, облик
Ол мин дьүһүнүм харата, тоҥкуруунум, сатаан үҥкүүлээбэтим кини буруйа буолаахтыа дуо. Көмүс тэриэлкэттэн үҥкүрүйдэҕим ээ. Амма Аччыгыйа "Ээ, [кэргэн тахсара] сөп буоллаҕа дии, кини кырдьаҕаһа туох буолуой, дьүһүнэ куһаҕана туох буолуой, сэниэ оҕонньорго баран бэйэтэ хотун буолуо буоллаҕа", – диэн Хобороос хайҕаан барда. Эрилик Эристиин Дыгын тойон дьахтара эппит: "Оҕонньоор! – диэбит, – бу дьүһүннэрэ биһиги дьүһүммүтүттэн чыҥха атын дьоннор эбээт!" Саха фольк
3 аат тыл #
Уопсай тас көрүҥ, бодо
Нууччалыы Внешний вид, наружность
Эр дьүһүнүгэр баар (өс ном.). Дьүһүнүн көрөн киһини сэнээмэ (өс ном.). Барыларыттан уһулуччу, ат бөҕө, кус быһый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөссүөннээх, быһыйга быһыылаах олус бэрт киһи эбит. Эрилик Эристиин Уоллаах кыыс сылайбыттар. Үлэ таҥастаах дьон, ол үөһэ сыыс-буор буолан, дьүһүннэрэ эбии бүрэтийбит. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ира ньирэйи үүрсэн иһэн кыыһырбыт хаас дьүһүнүн үтүктэн көрдөрөр Н. Заболоцкай
4 аат тыл #
Туох эмэ тас көстүүтэ
Нууччалыы Облик, общий вид, панорама чего-л
Сэргэлээҕим күһүнэ Сиэдэрэйин эбитин, Айылҕатын дьүһүнэ, Аата, баайын-кэрэтин! Күннүк Уурастыырап Куораппыт дьүһүнэ ити баар, хаһан уларыйыах бэйэтэй? Н. Заболоцкай Улуу Москва куорат -- Дьүһүнүн үтүөтүн Дьүһүйүөхпүн өйүм хоппото Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
Моһуон, маарынныыр туох эмэ. Θ Облик, форма, фасон, вид. Бу олордоҕуна; арай биирдэ өрүс үөһээҥи өттүттэн биир аччыгый дьиэ дьүһүнүгэр дылы сэп уунан устан иһэр. Бу кэлэн, кырыыга тиксибит Саха фольк
5 аат тыл #
Туох эмэ барыла
Нууччалыы Очертания, контур(ы), абрис чего-л
Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө-көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларын төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри.
Суорун ОмоллоонСаныыр идэҥ суруллар дьүһүнэ күлүмнүү-күлүмнүү, сүтэ-сүтэ хат төрүүр эбит.
Суорун ОмоллоонАрхитектор саҥа тутуу дьүһүнүн тутуллуон иннинэ эрэ буолбакка, оннооҕор эскиһин уруһуйа оҥоһуллуон иннинэ өйүгэр көрөр ДИМ
6 аат тыл #
дьөһ. Тугу эрэ оҥорор быһыы; оҥорорго сорунуу (тардыылаах формаҕа эрэ тут-лар, сэниир, атарахсытар дэгэттээх)
Нууччалыы Делать вид, пытаться осуществить что-л., но тщетно, обычно без особого успеха (употр. в притяж. ф. в роли после слога или модального слова, имеет уничижит. оттенок)
Эрэйдээҕим сонун сыыһын хайа үөннээх муокастаабыта дуу, туһалаабыттарын дьүһүнэ эбитэ дуу, ыйаабыт сириттэн киллэрэн оһох кэннигэр бырахпыттарын киэһэ булбуппут. Амма Аччыгыйа Всеволод Николаевич, бу ханналаатыгыт? – Күһүҥҥү тыаны көрө баран иһэр дьүһүммүт. Софр. Данилов. [Бууска] илин щитигэр 25 буулдьа суолун ааҕан тураллар. Щит кыҥыыр тыраҕаһынан түһэрэн, артиллериһы өлөрөн кэбиһээри ньиэмэс снайпердара бултаспыт дьүһүннэрэ. А. Данилов [Тыыбын] ууга ыытымаары аһыйан аччарыһа турар дьүһүнүм Н. Заболоцкай
7 этии #
Нууччалыы Менять обличье, стараться казаться другим (обычно чтобы обманом достичь своей цели). [Иирбит Ньукуус – бандьыыттарга:] Өлөрөөрү гынар дьоҥҥутун тыыннаахтыы уматан иһиҥ – оччоҕо уот-сиэмэ элбиэҕэ, орто дойду олоҕо тупсуоҕа, икки атахтаах өйдөнүөҕэ
Этиилэр
Дьүһүн кубулун (уларый)
уруккугуттан букатын туспа көрүҥнэн (үксүн кими эмэ албыннаан кыайаары) Дьүһүн уларыйар уот сиэмэ буолар кэмим кэллэ. Умата тардыҥ!!! П. Ойуунускай. Суох, билигин өстөөх кирийбит, дьүһүн кубулунар, ньылбыйа сылдьар кэмэ. Г. Нынныров. Саха олоҥхотугар удаҕаттар даҕаны, бухатыырдар даҕаны дьүһүн уларыйар кубулҕаттаах буолаллар, оттон абааһы-адьарай бухатыырдара өлөн баран иккиһин төрүүр кубулҕаттаах буолаллар. "Чолбон". Дьон санаатын бэйэтигэр тардаары аристократия, кини аны тус бэйэтин тускутугар буржуазияны утары буруйдуур ааҕы оҥорбута буолан дьүһүн кубулунарга тиийбитэ. К. Маркс (тылб.). Дьүһүнүнэн көрөр кэпс. – дьону тэҥҥэ сыаналаабат, дьоҥҥо тэҥник сыһыаннаспат, бэйэтигэр туһалааҕынан эрэ көрөн сыһыаннаһар (үксүн салайар үлэһит туһунан).
Встречать по одежке; относиться к людям в зависимости от их социального статуса (обычно о руководящем работнике).
[Кэтириис:] Биһиги бэрэссэдээтэлбит киһини дьүһүнүнэн көрөр ээ. Биһигинньик дьон эһигини кытта тэҥнэһиэхпит дуо? С. Ефремов
Дьүһүнүттэн көр
быһыыттан-майгыттан, туругуттан көрөн дьаһан, сыһыаннас.
Предпринимать что-л. в отношении кого-чего-л. в зависимости от его физического состояния; действовать или делать что-л., смотря по обстоятельствам.
Оттон [хайыахпытый, кунаммытын уонна оҕобутун үлэлэтэ] ылан көрүөҥ буоллаҕа. Дьүһүннэриттэн көрөн харыстаан үлэлэтэ сылдьыаҥ. Амма Аччыгыйа Онно бу курдук суруллубут: "Ыл ийэҕиттэн эҕэрдэтэ! Дьүһүнүттэн көрөн бэйэҥ билэргинэн сырыт".
Суорун Омоллоон
Дьүһүнэ холунна
1) сөбүлээбэккэ улаханнык кыыһырда, кыйаханна.
Измениться в лице, иметь сердитый, раздраженный вид (от досады, обиды, раздражения).
Дьэргэ [киһи аата] сэбиэттэн санаата алдьанан, дьүһүнэ холлон киирдэ [мөҕүллэн, күтүрэнэн]. Болот Боотур; 2) уопсай туруга мөлтөөн, сэбэрэтэ уларыйбыт (ыалдьан, куттанан о. д. а.). Выглядеть неважно (из-за болезни, страха и т. п.). Ньукууһа уҥуоҕа хамсаабыта, дьүһүнэ холлубута олус этэ [ууга түһэн тымныйбытыттан, иччиттэн куттаммытыттан]. Амма Аччыгыйа
8 этии #
Нууччалыы Модальное сочетание с оттенками уменьшительности, пренебрежения, жалости (малюсенький, плохонький, неважненький)
Этиилэр
Бу (ити) дьүһүннээх
тугунан эрэ киһи орто, сөптөөх кэриҥ диэн саныырыгар быдан тиийбэт Ити дьүһүннээҕи кыайбакка аччарыһа тураҕыт дуо?
Таһыттан киирбит киһи санаата: "Аат-татай, оҕолор! Өспүт да дьоннор эбиттэр! Бу дьүһүннээх синньигэс быаны быһа тарпат диэн сүрдээх мөлтөх дьоннор!" – дии санаата. Ньургун Боотур. "Ы, сааланыан баҕарар эбит дии, бу дьүһүннээх бэйэтэ!" – Микиитэ быраатын сүүһүттэн сыллаан ылар. Амма Аччыгыйа Сааппаккын даҕаны... Былаас былдьастаҕа аатыран, ити дьүһүннээх киһини кырбыы тураҕын. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Мин бүгүн [тайаҕы олус ыраахтан ытан] улаханнык сыыстым ээ. Ити аата иҥсэбин кыамматым дуу, тугуй? Киси да бөҕөбүн! Ити дьүһүммүнэн булчут диэн ааттаахпын. Р. Кулаковскай
Үтүө дьүһүммүн көрөөр
куһаҕан буоларбын көрөн абыранаар (үксүн кимиэхэ эмэ куттаан, чахчы киниттэн сылтаан куһаҕан буоларын – өлөрүн өйдөтөн этии).
Полюбуешься моим несчастьем (обычно с угрозой, намекая на свое несчастье, возможно даже смерть, причиной чему является тот, к кому обращаются).
[Оноҕочоон Чоохоон] Онтон уолаттарга, кыргыттарга баран [биирдэ сытыарыҥ диэн] ааттаспытын эмиэ үүртэлээн ыыталлар. Онуоха: "Чэ, бука барыгыт тылбын истибэтигит, үтүө дьүһүммүн көрөөрүҥ!" – диэн баран тахсан барар.
Суорун Омоллоон[Даайыс:] Хата бүгүн ийэбэр [ыарахан буолбуппун] этиэм, үтүө дьүһүммүн көрдүн... А. Софронов
Дьүһүн быс
туох эмэ тас көрүҥүн атын туохха эмэ холоон, маарыннатан ойуулаан эт.
Описать наружность кого-чего-л., образно сравнивая с каким-л. другим предметом.
Оһох Хомус [диэн сир аатын], арааһа оһоххо маарыннатан, дьүһүн быһан ааттааһын буолбатах быһыылаах. Багдарыын Сүлбэ.
Дьүһүн хоһуй
тугу эмэ тас быһыытынан көрөн ойуулаан эт.
Образно живописать наружный вид какого-л. предмета.
Ханай диэн [көтөр] дьүһүн хоһуйан ааттааһын диир Э. К. Пекарскай
Оттон умсааҕы
умус-аах диэнтэн диир.
Багдарыын Сүлбэ. П. -монг. дьисун