ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бодо

аат тыл

Нууччалыы внешний вид, облик чего-л

English appearance

1 аат тыл #

Туох эмэ тас быһыыта-таһаата, тас көстүүтэ

Нууччалыы Внешний вид, облик чего-л

  • Кинилэр тыйыс санааны ылыммыттара тас да бодолоруттан биллэр этэ.
    Л. Попов
  • Үтүө-кэрэ сэбэрэлээх, толуу-толомон бодолоох киһини ким барыта кэрэхсиир.
    К
  • [Кунанбай] уордаах бодото дьэбин уоспут
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Киһи майгыта-сигилитэ

Нууччалыы Характер, нрав человека

  • Киһи бодотун сүтэрбит киһи.
    ХС
  • Бу биһиги атыыһыт, баай кинээспит бодото.
    М. Доҕордуурап
  • Тэҥн. дьүһүн. Ср. тюрк. бод, бос, бой 'тело'

3 этии #

Этиилэр

Бэйэ бодоҕун билин көр бэйэ

  • Тустууга бэйэ бодоҕун билинэн киирис.

Бэйэ бодоҕун киллэр көр бэйэ

  • Оһуокайга аатын эрэ нукулдьуһан иһэр дьон бэйэ бодолорун киллэринэ охсон, түһүлгэлэрэ холку-наҕыл бэйэлээхтик хотолдьуйа долгуйан барда.
    С. Федотов
  • Поэт, үлэһит киһи бэйэ бодотун киллэринэр. Эрчимэн.

Бэйэ (илэ) бодоҕун тардын көр бэйэ

  • Бэйэ бодону тардынан, сэрэхтээхтик да буоллар сыыдамнык туттарга тиийэҕин.
    ХС
  • Бэйэ бодоҕун тардын, киэп киэлигин киллэр. Ньургун Боотур. Ийэккэ, бэйэ бодоҕун тардын ћ тойонуҥ Быыпсай обургу кэллэ ...
    Суорун Омоллоон

Бэйэ бодоҕун түһэн биэримэ көр бэйэ

  • Эр киһи бэйэ бодотун түһэн биэрэрэ сүрүкэтэ бэрт буоллаҕа. Н. Заболоцкай

«Б» буукуба