ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илэ-бодо

сыһыат, аат тыл

Нууччалыы не таясь, не скрываясь, открыто

English explicitly, openly

1 аат тыл #

I. Кистэммэккэ, саспакка, аһаҕастык

Нууччалыы Не таясь, не скрываясь, открыто

  • Улахан, уулаах баайдар өлөөрү-сүтээри гыннахтарына, үрүҥ көмүс ыҥыырдаах үүт маҥан аттанан -- илэ-бодо дибдитэн иһэллэрин көрөллөр үһү диэн бар дьоҥҥо ынырыктаах сурах тарҕаммыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол тойоттору кытта илэ-бодо тоҕо охсуһар буолаҕын?
    М. Доҕордуурап
  • Миигин өлөрөргө саагыбар оҥостоллор. Барыта илэ-бодо барбыт эбит

2 аат тыл #

Субу баар курдук

Нууччалыы Наяву, вполне наглядно

  • Олоҥхо, остуоруйа номоҕо бүгүн илэ-бодо биһиги олохпутугар кэлбитин саныахха эчи тоҕо баҕас үчүгэйэй, үөрүүтэй!
    Суорун Омоллоон
  • Ийэ хараҕар Таня саҥардыы хааман түөрэҥниирэ, быычыкайкаан ытыһын охсон таһырҕатара -- илэ-бодо көһүннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Уол утуйбута дуу, түлээҕирбитэ дуу, кыыһа адьас бу илэ-бодо тиийэн кэлэн истиҥтэн истиҥник сипсийэр.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. илэ-бааччы (1)

3 аат тыл #

Киһи итэҕэйэр гына, чахчы, дьиҥнээхтик

Нууччалыы Действительно, в самом деле, явно

  • Имэҥнээхэй тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ, Ийэлээхэй сирдэрбит Ирбэт мууска иҥиннэ.
    А. Софронов
  • Тэҥнээн көрдөххө, адьас дуона суох былааны кыайбаттара илэ-бодо көһүннүлэр буолб аат.
    С. Зверев
  • Тэҥн. илэ бааччы (2)

«И» буукуба