ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тас

туохтуур, даҕааһын, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы внешняя сторона

English outside, exterior

Ис хоһооно · 13

1 аат тыл #

Нууччалыы внешняя сторона

English outside, exterior

  • тас политика
    внешняя политикаforeign policy
I

2 туохтуур #

Тугу эмэ биир сиртэн атын сиргэ илт, тириэрт

Нууччалыы Перемещать, доставлять что-л. куда-л., носить, переносить, возить, перевозить

  • Сааланан уонна сохсобуттан куобахтаан хаһааммытым ордугун дьоммор таһабын.
    Эрилик Эристиин
  • Куораттан кинилэргэ суругу-бичиги, ол-бу сээкэйи таһар.
    И. Федосеев
  • Кэргэнэ Настаа ас таһан аһатта.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Холкуос икки бырысыаптаах массыыната сыҥынахтары таһаллар
    А. Фёдоров

3 этии #

Нууччалыы Воровать, тащить в большом количестве

  • Хоро тас сөбүлээб. – элбэхтик, өлгөмнүк, хаста да төхтөрүйэн уор, уоран бараа "Онон судаарыстыба малын-баайын хоро таста диэри гынаҕын дуо?" – дириэктэр сымарынар.
    И. Бочкарёв
  • [Лебедева:] Кинилэргэ биир куомуннаах, хантан баҕарар хоро таһар күтүөт наада. Эн оннук күтүөт буолбатаххын.
    В. Протодьяконов
  • "Эһиги, атыыһыттар, -- аскытын-үөлгүтүн үс бүк сыанаҕа туруоран судаарыстыба хаассатыгар киириэхтээх көмүһү хоро таһаары, буорга көмөөрү", – диэн кыларыйан турар кырдьыгы эттэ.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк., тюрк. таш, ташу ʻносить, таскать, возитьʼ
II

4 аат тыл #

Туох эмэ көстөр, үрүт өттө (ис өттө буолбатах)

Нууччалыы Внешняя, обращённая наружу сторона чего-л., внешний вид, лицевая часть

  • Таһа сыгынньах, иһэ түүлээх (тааб.: чаҥкычах). Сүүнэ улахан кур от таһа хара хоруо буолан, буруолуу олорорун дьон мустаннар тас хоруотун сууллардахтарына, [уот] дьэ күүһүрэн, кытыастан тахсар үһү. МНН. Илдьирийэн хаалбыт сиидэс тастаах куобах суорҕаны бүрүнэн биир оҕо киһи утуйа сытар.
    Р. Кулаковскай
  • Таһа – киһи хараҕа ымсыырар кырааска, иһэ – киһи доруобуйатыгар туһалаах мэлигир, буортулаах консервант элбэх
    Кыым
  • Дьадаҥы, тулаайах эбэтэр туох эмэ тас бодоҥноох оҕо олус өһүргэс, хоргус да буолар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Сайабылыанньатын ылан көрдө уонна тас сиэбигэр угунна.
    М. Доҕордуурап
  • [Ыт] тас кылаан түүтэ кытаанах уонна туруору буолар.
    АФС БЫ

5 аат тыл #

Туох эмэ (хол., кинигэ) хаҕа

Нууччалыы Обложка, переплёт (книги)

  • Петя "саҥа олоҕу айабыт" диэн улахан баҕайы, үгүс ойуулаах, кыһыл тастаах кинигэни булан, оҕолорго көрдөрө аҕалбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Хара килэйээҥки тастаах тэтэрээти эмээхсин хараҕар сыһыары тутан көрүөлээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕо үтүлүгүн, бэргэһэтин устаат, соннуун, суумкалыын туран, аҕалбыт кинигэтин халыҥ таһын арыйбыта
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Тас пуоска Гоша Егоров анаммыта.
    Н. Якутскай
  • Танялаах утуйа сыттахтарына бөөлүүн тас ааны күүскэ тоҥсуйбуттара.
    Л. Попов
  • Мүрү эбэ хотуну тас иитинэн эргийэ барбыппыт
    Р. Кулаковскай

6 аат тыл #

Сүөһү, булт этин тас сыата

Нууччалыы Наружный, подкожный жир (убоины)

  • Илии тастаах икки улахан бууту арааран ылан, эр-биир ыараҥнатан көрдө. Тумарча. Эмис кыыл түбэспитэ, таһа тутум кэриҥэ баара.
    В. Яковлев
  • Эриэхэҕэ уойбут эһэ кырата икки-үс илии, улахана нохоотунан (кутуругун төрдүнэн) биир тутум, суор холото халыҥнаах тас сыаланар
    А. Пахомов
  • Билигин кэмбинээт бородууксуйатын отут бырыһыана тас эргиэҥҥэ барар.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (6)
  • Бырабыыталыстыба ис, тас бэлиитикэтин тута суолталаах боппуруостарынан ордук интэриэһиргиир буоллулар. "Ленин с. ". Тыйаатыр кэлэктиибин чилиэннэрин барыларын хабан полит-үөрэҕи тэрийэллэрэ – дойду ис уонна тас балаһыанньатын -- билиһиннэрэллэрэ.
    АҮ
  • Тастан киһи киирбит тыаһа иһилиннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Тастан көмө күүтэр сир суох.
    Н. Габышев
  • Тастан киирэр Талыыр күүскэ – Фашист баанда бииһигэр Хабараан харда бэлэм!
    А. Абаҕыыныскай
  • Кэтэхтэн (үөрэн). Θ Заочно (учиться). Кини Петербурга художествалар Академияларын үрдүкү художественнай училищетыгар тастан үөрэммит.
    ХС
  • Бэйэтэ тастан үөрэнэн түөрт кылаастаах куорат училищетын бүтэрбитэ
    ХС

7 даҕааһын #

Туох эмэ көстөр өттүгэр баар

Нууччалыы Внешний, наружный, обращённый наружу

8 даҕааһын #

Туох эмэ бүтэһик чэрчитэ, кытыыта буолар эбэтэр онно баар

Нууччалыы Являющийся краем или находящийся, расположенный по краю чего-л., на крайней, внешней стороне чего-л

9 даҕааһын #

Омук дойдуларын кытта сибээстэһиилэргэ сыһыаннаах эбэтэр омук дойдуларын киэнэ

Нууччалыы Относящийся к сношениям с другими государствами, внешний (напр., о политике)

10 даҕааһын #

Сүрүн буолбатах, ойоҕос, салаа буолар (хол., өрүс салаата)

Нууччалыы Боковой, побочный, не основной (напр., приток реки)

  • Тас үөс уута киһи тобугун ааһар буолбут быһыылаах.
    Н. Заболоцкай
  • Киин, улахан үөс улам чычааһаан иһэр. Ол оннугар уонунан ааҕыллар тас өрүстэр үөскээтилэр. Багдарыын Сүлбэ. Өрүс тас салаата, тоҥолохтоон тахсан суолга чугаһаан баран, талах уонна хахыйах кылдьыыланан, илин диэки иэҕиллэн түһэ турда
    ХС

11 даҕааһын #

Таһ. түһүк ф-гар сыһ. суолт. Ис өттүттэн буолбатах, атын өттүттэн, атын, туора сиртэн

Нууччалыы Извне, со стороны, снаружи

12 этии #

Нууччалыы Держать в себе, не расскрываться, не проявлять

Этиилэр

Илиитин таһынан көр илии

  • Онно аараттан куйуурун ийэтигэр эһэ кэлэн хатаннаҕына, илиитин таһынан тиэрэ ол курдук хаһыйан кэбиспитэ онно өлөр.
    Саха фольк
  • "Сергеев сийиэһинэн быыбардамматах киһи, онон кинини, бөх чабычаҕын курдук, илии таһынан илгиэхпит", – Семёнов төбөтүн хамсатан кэҕилдьийдэ.
    М. Доҕордуурап

Сиэри таһынан көр сиэр I

  • Бэһэҕээ ытан бараннар, "халлаан булчуттара" [сааны] соппотохтор. Ити кини, булчут киһи санаатыгар ханнык да чанчарык, ханнык да халы-мааргы быһыы тэҥнэспэт, сиэри таһынан куһаҕан кэмэлдьи этэ.
    Т. Сметанин
  • Мин ол урууга сылдьыбытым, Биэс күн кэнники ыалдьыбытым. Сиэри таһынан аһааммын, Сиэппэр, ханныбар хааланным. Дьуон Дьаҥылы.

Тас иэнинэн (уорҕатынан) барда көр иэн III

  • Тэбээри, охсоору гыммытым, муус чэҥҥэ таба тирэммэккэ, тас иэмминэн лас гына тиэрэ таһылла түстүм.
    П. Ойуунускай
  • Сахаар хойомуннаммыт эһэни ытта да, эһэтэ тас уорҕатынан барда.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Тустан хачыгыраһан иһэн биирдэрэ утарылаһааччытын атаҕыттан ылан өрө көтөҕөн силигирэтэн таһааран тас иэнинэн бырахта.
    НЕ ТАО

Таһыгар таһаарбат (быктарбат)

иһигэр тутар, көрдөрбөт-биллэрбэт, кэпсээбэт Иһиттэн өрө киэптиир үөрүүтүн таһыгар таһаарбат гына дьиппинийэ соҕус тутунна.

  • Биһиги киниэхэ истиҥник махтана санаабыппыт да, таска таһаарбатахпыт, бүтэйдии үөрэ истибиппит.
    С. Дадаскинов
  • Пирожков мин сэмэлээбиппиттэн өһүргэннэ быһыылаах... Ол эрээри онтукатын таһыгар таһаарбата.
    ХС

Тириитин таһынан көр тирии

  • Кини ити этиини барытын тириитин таһынан аһарда.
    А. Сыромятникова
  • Аҕыйах сыллааҕыга диэри "оҕонньор" диэтэхтэринэ тириитин таһынан истэрэ, "дьик" гынарга дылыта. "ХС"

13 этии #

Нууччалыы Внешний вид

Этиилэр

Тас биэрэр

тэс биэрэр диэн курдук.

  • "Сыллыый, хайдах, кимниин кэллиҥ? Оҕом тоҥноҕо. Кэл итин!" Уола тас биэрэр аҕатыгар.
    ХС
  • Киирэн, таҥараҕа үҥэн тоҥхоҥностулар, ураһа иһинээҕилэри кытта тас биэрэн дорооболостулар.
    П. Ламутскай

Тас көрүҥ

киһи көстөр дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын, таҥастыын-саптыын уопсай көстүүтэ Бу ырыаны санаатахпына, мин кинини айбыт ол саха кыыһын тас көрүҥүн, мөссүөнүн харахпар аҕала сатааччыбын.

  • Кэтит сарыннаах, курбайбыт уһун синньигэс уҥуохтаах, хойуу арбаҕар баттахтаах, хара бараан – тас көрүҥүнэн киһи хараҕа халтарыйар киһитэ – Платон Алекссевич иннигэр чиккэллэн турбута.
    Н. Заболоцкай
  • Ньукулаас билигин да, бэйэтэ бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, көннөрү сырыттаҕына накылдьыйан хаамар, тас көрүҥүттэн көрдөххө, саас эрэ ортолоох курдук киһи.
    С. Никифоров

Тас таҥас

ис таҥас үрдүнэн кэтиллэр таҥас.

Верхняя одежда.

  • Тас таҥаһын устан баран, эҥкилэ суох өтүүктээх үрүҥ халаатын кэтэн иһирдьэ ааста.
    Н. Лугинов
  • Отчуттар -- тас таҥастарын устуталаан, аҥаардас ырбаахынан эрэ кылбаҥнастылар.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
  • Өлөксөй оҕонньор -- тас таҥаһын эмээхсинигэр көмөлөһүннэрэн уһулан, олоппоско сыыһа-халты быраҕаттаан баран, оронун диэки салҕаластаата.
    П. Аввакумов
  • Ср. др. -тюрк., тюрк. таш ʻвнешняя сторонаʼ

«Т» буукуба