Перевод с якутского
сиэр
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы установившиеся обычай, привычка, заведённый порядок
English rule
1 аат тыл #
Дьон туохха эмэ тутуһар майгылара эбэтэр үгэс оҥостубут үөрүйэхтэрэ
Нууччалыы Установившиеся обычай, привычка, заведённый порядок
Эдуард Леонтьевич! Эн сиэри алыс туораабаккар көрдөһөбүт. Амма Аччыгыйа Болдьоммут тоҕус чаас туолуута сиэр быһыытынан улахан эрдэлээһинэ-хойутааһына суох ыалдьыттар кэллилэр.
Н. ЛугиновКырдьаҕастар, саха дьонун сиэринэн, киммин-туохпун ыйыталаһаллар Багдарыын Сүлбэ
2 этии #
Нууччалыы Очень, слишком, чрезмерно
сиэр-туом диэн курдук. Томторҕолоох ойуу -- сиэргэ, бырааһынньыкка эбэтэр ытык ыалдьыттары күндүлээһиҥҥэ туттуллар иһиттэргэ оҥоһуллар. И. Данилов Кини өбүгэлэрин үгүс үйэлэргэ илдьэ кэлбит ытык үгэстэрин, сиэрдэрин халбаҥнаабакка тутуһар. Эрчимэн Сиэрэ суох (сиэри таһынан, сиэргэ баппат) - 1) олус, наһаа Сиэрэ суох киэҥ-куоҥ Хара барык дьиэ иһэ Халыдыйан көһүннэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
Бэйэтэ да сиэри таһынан дэбдэҥ, киһиргэс үөдэн быһыылаах. Күннүк Уурастыырап Сиэрэ суох наҕылыйан эрэҕит. П. Егоров; 2) Олус сүөргү, түктэри. Θ За рамками приличия, неприличный, непристойный. Онно, тутатына иһиттэҕинэ, туохха да холоммот сиэри таһынан быһыы курдуга.
Н. ЛугиновДьэ, доҕор, сиэрэ суох начаалынньыгы кэпсээтиҥ дии. "Кыым". Адьас сиэргэ баппат чиэһинэйэ суох быһыы. ХС Сиэри (эрэ) ситэрэн - туох эмэ оҥоһуллуута, буолуута ситтин, толору буоллун (эрэ) диэн. Θ Для приличия, по обычаю, по традиции. [Боллоорутта] киэһэ-сарсыарда сиэри эрэ ситэрэн иккитэ-үстэ кириэстэнэн сапсынан ылар. Амма Аччыгыйа Аан маҥнай сиэри ситэрэн билсэн кэбиһиэҕиҥ. С. Никифоров Байанайтан көрдөһө таарыйа, сиэри ситэрэн уоппутугар ас бэристибит. Сэмээр Баһылай. Ср. бур. сээр ‘запрет, табу’, калм. цээр ‘умеренность закон’
3 даҕааһын #
Бэйэтэ кугастыҥы дьүһүннээх гынан баран сиэлэ, кутуруга хара ардайдаах (сылгыны этэргэ)
Нууччалыы Саврасый (о масти лошадей)
Маҥан биэ барбыт, сиэр биэ сиэлбит, кэрэ биэ кэлбит үһү (тааб.: кыһын, саас, сайын). Сиэр сылгы сиэлин, кутуругун Силэйэ баттаталаабыт курдук Сиэрэй хара тыалар Симсиһэ үүнүтэлээбиттэр. Саха нар. ыр. Сиэр аттаах киһи ыҥыыр үрдүгэр мөхсөн эрэрдии ньүкүлдьүйэн кэллэ. А. Фёдоров Ср. казак. жирен ‘рыжий’, хак. чигрен ‘масть лошади’