Перевод с якутского
абыычай
аат тыл
Нууччалыы обычай, традиции
English custom, habit
аат тыл
Олохсуйбут үөрүйэх, сиэр-майгы, уопсай бэрээдэк быһыытынан былыргыттан тутуһуллар үгэс
Нууччалыы Обычай, традиции
Кинилэр абыычайдарын быһыытынан, ньымааттаабыт киһи [таба] баһын, моонньун, аҥаар холун ылар эбит. А. Софронов Тиийэн онно оһох оттон, Күөстээн-астаан бардылар - Абыычайы батыһан, Алаадьылаан, кус буһаран, Үлэ бүппүт малааһынын Үөрэ-көтө атаардылар. Күннүк Уурастыырап Таһырдьаттан киирбит эрэ киһини чэйдэтэр, итии киллэртэрэр уонна кинини кытта ону-маны кэпсэтэр - саха ыалын абыычайа Н. Якутскай