ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэн

аат тыл

Нууччалыы площадь

English area

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы площадь

English area

  • төгүрүмтэ иэнэ
    площадь кругаarea of a circle
I

2 аат тыл #

Сис тоноҕоһун икки өттө; киһи сиһин сороҕо: биилтэн хоҥхочох уҥуоҕар диэри

Нууччалыы Продольная середина спины; нижняя часть спины: от поясницы до крестца. [Симэхсин эмээхсин] иҥнэн умса баран түһэн, атаҕа чороҥолоон, этэрбэһин быата иэнин таһыйан саллырҕата, күрдьэҕэ мүччү ыстанан сэлэ ортотугар түстэ

  • Кымньыы тыаһа биир кэм кууһурҕас буолла. Чүөчээски иэнэ начаас үлүгэр сиикэй эт буолан таҕыста.
    Суорун Омоллоон
  • Уолаттар оҕустары кытта хаххата суох сиргэ ардах анныгар олордулар, иэннэригэр тымныы уу, тыймыыт курдук, сүүрдэ
    Бэс Дьарааһын
  • Кыыл, сүөһү сиһин уҥуоҕун тулата. Θ Хребтовая часть тела животного. Сүөһү иэнин иҥиирэ. ПЭК СЯЯ. Тыһы хахай кыылым Тыыллар иэнин иҥиирин Тыыра баттаан ылан, Иирэр илбис иҥиэрчэлэммит, Идэмэрдээх илбистэммит [муос саа]
    П. Ойуунускай

3 этии #

Нууччалыы Наказать розгами, плетью кого-л., спустить шкуру с кого-л. [Ыстапаан:] Бу дьон ортотугар иэҥҥин хастыы иликпинэ, ыл ити эриҥ атаҕар үҥэн көрдөс, ол кэннэ барыах!

Этиилэр

Эмиэ үүтү булкуйда ээ, быһыыта!

холумтантан тымтыгы эһэ охсон ылан өрө уунна.

  • Хаан Дьаргыстай Ытык Кыйбырдааны иэнин тардан кууһуннарбытынан, барда.
    ХИА КОВО

Иэнин хастаа

ээҕин этитэр, иннин ылар, кэһэйэр гына таһый А.

  • Софронов. Ыстараабын төлөөмөөрү ити киэбирэр, баран хатыһынан иэнин хастаабыт киһи баар ини.
    Күндэ
  • Чыпчахайынан иэнин харса суох хастаабытынан барар. Эвен фольк.

Иэн иҥиирин курдук эрис

араа-бараа тардыалас, киирис.

Состязаться в чем-л. почти наравне; оказывать достойное и упорное, равное по силе сопротивление кому-л..

  • Эйигин кытта иэн иҥиирин курдук эрийсэр, мас хайдыбытын курдук туруулаһар оҕо көстүбүт.
    Н. Неустроев

Иэнэ (иэнин иҥиирэ) кэдэҥниир (тымныйталыыр)

бүтэйдии дьиксинэр, саллар; тугу эмэ гыныан куттанар.

Опасаться, бояться кого-чего-л., передергиваться (от страха); не решаться на что-л.

  • Тиийбитэ уола хайыы-үйэҕэ хамсаабат буолбут этэ. Манна эрэ Гоша ханнык куттал суоһаабытын билбитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.
    Далан
  • Тойон киһи иэнэ кэдэҥнии-кэдэҥнии ойуун таҥаһын уокка симтэ.
    ХС
Өссө холобурдар (6)
  • Микиитэ оһох чанчыгар кинигэ ааҕа олорон иэнэ тымныйталыы түһэр, хотуурдаах киһи уҥуоҕа кэлэн далайан эрэрэ буолаарай диэххэ айылаах, оһох кэннинээҕи хараҥа диэки хайыһан көрөн баран бэттэх сыҕарыс гынар.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир дьахтар тоҕо эрэ күрүө тоһоҕотун ылан тайахтанна. Тээллэриис иэнэ тымныйталаата, атахха биллэрээри, кэннин хайыста.
    И. Гоголев
  • Тас (таас) иэнинэн барда (тиэрэ таһылла түстэ) – тиэрэ баран, көхсүнэн түстэ. Упасть, растянуться навзничь. Тэбээри, охсоору гыммытым, муус чэҥҥэ таба тирэммэккэ, тас иэмминэн лас гына тиэрэ таһылла түстүм.
    П. Ойуунускай
  • [Эһэ] икки кэлин атаҕынан кыайан туттубакка, тутуурун [оҕотун] кытта бэйэтэ эмиэ тас иэнинэн барда.
    Н. Заболоцкай
  • Микиитэ кэлэн киниэхэ кэтиллэ биэрдэ да таас иэнинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Абырҕалтан иҥнэн таас иэнинэн барбыт.
    Н. Босиков

Хаарты иэҥҥинэн таралый (оҕун) көр тас (таас) иэнинэн барда

  • Аны, иҥнэн охторуҥ, дубук хардыылаан аҥхалаакка түһэриҥ, халты тэбинэн хаарты иэҥҥинэн таралыйарыҥ – ити барыта лааҥкы ортотунан икки-үс тайах барчалаан иһэрин курдук тыас-уус буолуохтааҕа эбээт.
    Р. Кулаковскай
  • Оҕонньору үтүрүйэн кэбиспиттэрэ, хаарты иэнинэн охтон түстэ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. эгин ‘плечо’
II

4 аат тыл #

Туох эмэ кэтитэ, тайаан сытар киэҥэ, киэлитэ

Нууччалыы Ширина, широта чего-л

  • Бу таҥас иэнэ төһөнүй?
  • Саас кэлэн, хара тыа көҕөрбүт, киэҥ толоон устатын тухары иэнэ биллибэт күөх дьэрэкээн солко таҥаһы тиирэ тардан кэбиспит курдук буолбут.
    Н. Неустроев
  • Төрөөбүт Ийэ дойдубут иэнэ кэтит, арҕаһа үрдүк, баайа-быйаҥа дэлэгэй, айылҕата кэрэ да буолар эбит.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Тумул хайа оройуттан алыы киэҥ иэнэ уонна ыраах нэлэйэ тэлгэнэр ньуурдара даҕаны олус бэркэ көстөр
    Л. Попов

5 аат тыл #

Туох эмэ (хол., уу, сир) ньуура

Нууччалыы Поверхность (воды, равнины и т. п.)

  • Уу иэнэ килэччи тоҥон кытааппыт курдук.
    Амма Аччыгыйа
  • Уонна соччо өр бу орто дойду иэнин бааһыртым диэн санаммакка олоробун. Софр. Данилов. Киэҥ өрүс мэндээркэй, ол гынан баран хамсыы долгуйа устар иэнин одуулууллар
    М. Попов

6 аат тыл #

Туох эмэ (хол., туттар сэп) кэтит, хаптаҕай өттө

Нууччалыы Плоская, широкая часть чего-л. (напр., косы, кинжала и т. п.)

  • Сааскы сандал маҥан күнүм Саабылаан батас иэнин курдук Сардаҥара ойон тахсар.
    П. Ойуунускай
  • Ити кэнниттэн "буускап" хотуур сырдык иэнэ күн уотугар биирдэ-иккитэ килбэс гынан ылла.
    Н. Заболоцкай
  • Туруору хара сыыр анныгар хойдубукка дылы бөлүөҕэн көстөр бороххой ууга үрүҥ балык өрөҕөтө, кынчаал иэнин курдук, кылбас гынаат, сүтэн хаалар
    Л. Попов

7 аат тыл #

Туох эмэ сыалга анаан туттуллар дэхси, хаптаҕай сир, миэстэ

Нууччалыы Площадь, участок земли (или место в помещении), отведенный под определенную цель

  • Сад учаастагын устата аҕыс уон алта миэтэрэ, оттон туората отут тоҕус миэтэрэ. Ити учаастак периметрин уонна иэнин булуҥ. ВНЯ М 4 кылаас. Үлэ саҕаламмыта биэс күнүн устатыгар таҥастаныахтаах иэн түөрт-биэс бырыһыаныгар эрэ сиик саптарыыта ыытыллыыта аһара аҕыйах. "Кыым". Куораттарга уонна оробуочай бөһүөлэктэргэ түөрт уон аҕыс мөлүйүөн кыбадыраатынай миэтэрэттэн ордук олорор иэн туһаҕа киллэрилиннэ
    Ленин с

8 аат тыл #

Киһи хараҕын далыгар баппат киэҥ сир, куйаар

Нууччалыы Обширное пространство; простор

  • Атынан, табанан айаннаан, Арыт уунан устан, Салгынынан даҕаны көтөн, Сатыы эмиэ сылдьан, Сылаас астан араҕан, Сылбай ууну быраҕан, Сибиир киэҥ иэнин кэрийдибит.
    С. Зверев
  • Таптыыбын Ийэ дойдум киэҥ иэнин, Таптыыбын Эриэккэс кэрэ сибэккитин. Кини Бухатыыр норуотун, Кини Бу эдэр ыччатын!
    С. Васильев
  • Төрөөбүт кыраайгыт киэҥ иэнин Эһиги [былыттар] өҥсүтэр сыаллааххыт, Сынньана түспэккэ ол иһин, Үчүгэй эһиги аналгыт.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. ен

«И» буукуба