ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биил

аат тыл

Нууччалыы талия

English waist, lower back

1 аат тыл #

Киһи курданарынан синньиир өттө, киһи ортотунан синньиир сирэ, курданара

Нууччалыы Талия (человека)

  • Тогойкин тоҥмут биилин ититтэҕэ аатыран, чохчоҥноомохтоон, хойуоллаҥнаамахтаан ылла
    Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

иис. Киһи курданара баар сиринэн былааччыйа эбэтэр сон ордук синньиир миэстэтэ, өттө

Нууччалыы Талия (часть одежды)

  • Сон биилэ.
  • Бииллээх соннооххо билиспэтэх, оноолоох соннооххо орооспотох (өс ном.). Тюрк. бил

3 этии #

Нууччалыы Набрюшник

Этиилэр

Биил аҥаардас көр хоннох аҥаардас

Накыйбах дабыкычыйан тиийэн, биил аҥаардаһан тустардыы, сыста түһэн, иккитэ-үстэ быраҕан көрбүтэ, оҕонньор ибир да гымматах. Күннүк Уурастыырап. Биил бааччыта - иһи, биили баанан тымныыттан харыстанар таҥас Оҕонньор биил бааччытын уһулла. Синньигэс биил - киһи курданарынан синньиир өттө.

Талия.

  • Синньигэс биилин ааһа түспүт уһун хара суһуоҕун [Маша] икки салаа гына өрөр үгэстээх.
    М. Доҕордуурап
  • Айан абааһыта синньигэс биилгэ быһа кымньыылаан таарымталаммыт. Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба