ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэллэй

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы гриб

English mushroom

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • [Дьэргэ бытыылканы] айаҕын атан, таах иһиллээн тэллэйэн олорор оҕонньорго туттаран кэбистэ.
    Болот Боотур
  • [Далбаев] улам-улам тэллэйэн, тиэстэ курдук ньлаҕайан истэ, тыла-өһө бөлүөстэн барда
    В. Ойуурускай

2 туохтуур #

Кэтирээбит үллүбүт-баллыбыт курдук буолан көһүн

Нууччалыы Быть, казаться широким, округло-расширенным (напр., о намокших торбасах, лице). [Оҕо] этэрбэстэрин уллуҥаҕа улаатан, тэллэйэн хаалбыттар

3 туохтуур #

Аллара диэки тиэриллэн түс (үксүгэр аллараа уоһу этэргэ тут-лар)

Нууччалыы Опуститься, потеряв упругость, отвиснуть (напр., о нижней губе). [Тоҥхоорой] уоһа тэллэйэн, хараҕын быһа симэн, умса түһэн олорор

  • [Уол] тэллэйэн түспүт аллараа уоһун ыһыктан, ытыах курдук быллаҥнаата.
    М. Доҕордуурап
  • [Зоотехник] сирэйэ-хараҕа бөлөнүйэ, алын уоһа тэллэйэн түһэн, дьэ сүөргү дьүһүн-бодо
    Н. Лугинов
II

4 аат тыл #

Сибэккитэ, сиэмэтэ суох споранан ууһуур, сэлээппэлээх уонна төҥүргэстээх, ойуурга сиртэн быган үүнэр араас көрүҥнээх үүнээйи

Нууччалыы Гриб. Отон өлгөмө, тэллэй дэлэйэ, сибэкки кэрэтэ – барыта ойуурга үүнэр. Амма Аччыгыйа. Соломо Сэлээппэ муҥунан Сугуну, тэллэйи хомуйдум. Күннүк Уурастыырап. От-мас быыһа, сыыр сирэйэ – Отон да, тэллэй уйата. "ХС"

5 аат тыл #

Хатыҥ умнаһын чэрэ, кунаах

Нууччалыы Нарост на стволе березы, чага

  • Хатыҥҥа үүнэр кунаах тэллэй – чага эмкэ туттуллар. АЭ
    СТМО

6 этии #

Нууччалыы Плесневые грибы. [Дьиэ] түүнүк үрүҥ тэллэйэ бырдаҥалаабыт эркиннээх

Этиилэр

Түүнүк тэллэйэ

туох эмэ сииктээххэ (хол.

  • , дьиэ маһыгар) үүнэн тарҕанар үрүҥ өҥнөөх түүнүгү үөскэтэр үүнээйи
    Амма Аччыгыйа
  • [Бырааба дьиэтэ] үрдэ дэлби түүнүк тэллэйэ буолбут.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Түүнүк тэллэйдэрэ сүөһү сиилэстэнэр аһылыгар салгын киириитин түмүгэр үөскүүллэр.
    САС

«Т» буукуба