ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кунаах

аат тыл

Нууччалыы гриб вообще

1 аат тыл #

Тэллэй бары көрүҥнэрин уопсай аата

Нууччалыы Гриб вообще

  • Табалар үйэ-саас лабыктанан, кунааҕынан - ол аата тэллэйинэн аһаан сылдьаллар.
    Н. Габышев
  • Күһүҥҥүтүгэр ардах сотору-сотору кэлэн түһүтэлээбит. Туундараҕа кыһыл, үрүҥ, хара кунаахтар үүммүттэр
    И. Федосеев

2 этии #

Мас кунааҕа - мас тэллэйэ, маска үүнэр тэллэй Ойуурга мас умнаһыгар сылгы туйаҕын курдук моһуоннаах тэллэй үүнэрин көрөргүт буолуо. Ону мас тэллэйэ эбэтэр кунааҕа диэн ааттыыллар. СС СС. Саха сирин хоту өттүгэр тииҥ итиниэхэ мас кураанах муоҕун. оттон соҕуруу - мас сымнаҕас кунааҕын туһанар. ОЕВ ССТБ

Нууччалыы Трутовик

«К» буукуба