ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэнигий

туохтуур

Нууччалыы проявлять, испытывать искренний душевный интерес, тягу к кому-л.; тянуться, стремиться всей душой к кому-чему-л

1 туохтуур #

Ис дууһаҕыттан тартаран, сөбүлээ; манньыйан умсугуй

Нууччалыы Проявлять, испытывать искренний душевный интерес, тягу к кому-л.; тянуться, стремиться всей душой к кому-чему-л

  • Мин Киэҥ Күөрээйи эбэ иччитэ буолабын, бу эбэҕэ кэнэҕэс киһи-сүөһү үөскүүрүн көрөн-билэн иэнигийэн эрэбин. Саха сэһ. I. Ньургун Боотур диэн Илэ бэйэбинэн Иэнигийэн кэлэммин, Үс бараан хара күлүккэр Үҥэн-сүктэн сүөдэлдьийэн эрэбин.
    П. Ойуунускай
  • Айыыһыт хотун Илэ чахчы иэнигийбит үһү.
    П. Ядрихинскай
  • Дьэ, нохоо, бэркэ иэнигийдиҥ, арай биир оҕус төбөтүнэ ыл
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Тэнийэн, тарҕанан, сабардаан кэл

Нууччалыы Распространяться, растекаться расползаться; накрывать собой

  • Хаар уута халыйда – иҥнэстигэс диэки иэнигийдэ, Таҥнастыгас диэки таласта, Сүнньүн булан сүүрүктэннэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Төһө даҕаны Ийэ сирбитигэр иэдээн илбиһэ иэнигийбитин иһин, олох силиһэ быстыа суохтаах. Софр. Данилов. Эрдэҕэс улар кыылым Эрбийэтин түүтүн курдук, Эбир дьаҕыл былыт Иэнигийэ тэнийэн таҕыста
    П. Ядрихинскай
  • Тохтоо, олохсуй. Θ Останавливаться, обосноваться, селиться. Оройум үүтүнэн Оһол олохсуйдун! Илиим иһигэр Илбис иэнигийдин!
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Бааллара хайыы-үйэ Парнаска ыттыбыт Иэйии таптаан иэнигийэр Имэҥнээх поэттарбыт
    С. Тарасов

3 туохтуур #

Ыараханнык унаарыйа дуораһый (саҥа, дорҕоон, тыас)

Нууччалыы Разноситься, доноситься громко, протяжно (о звуке, речи, смехе и т. п.)

  • Кыргыс кыыһа кыланна, Илбис кыыһа иэнигийдэ, Хамсык уола хаһыырда, Аймалҕаннаах-алдьархайдаах сэрии буолла. Саха нар. ыр. III. Үгүс тыас Өрө ньиргийэн иһилиннэ, Элбэх тыас Ийэ сиргэ иэнигийдэ.
    С. Зверев
  • Дойду иччитэ Аан Алахчын хотун аҥаатынна, Иэйэхсит хотун иэнигийдэ, Айыыһыт хотун алынна, Ынах айыыта ыҥыранна, Сылгы дьөһөгөй иҥэрсийдэ.
    П. Ядрихинскай
  • 3

«И» буукуба