ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

истиҥ

даҕааһын

Нууччалыы искренний

English sincere

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Истиҥ доҕорум Испирдиэн Хайдах хамнанан -- Саҥа ыаллыы дьаһаллан Олорор эбит диэммин, Одуулаан-сураан истибитим.
    А. Софронов
  • Бу киһи былыр мин аҕам саамай истиҥ атаһа этэ.
    С. Ефремов
  • Учуутал оҕоҕо чугас доҕор, саамай истиҥ киһи, настаабынньык буолуохтаах. "Кыым". Миигин өйдүөх, мин тылбын ылынан истиэх атын истиҥ киһини булбатым
    В. Яковлев

2 даҕааһын #

Саамай чугастык саныыр (хол., доҕор, аймах, киһи)

Нууччалыы Искренний, самый близкий, задушевный (друг, родственник, человек и т. д.)

3 даҕааһын #

Ис дууһаҕа харыстыы тута сылдьар, ытыктыы саныыр (санаа, таптал уо. д. а.)

Нууччалыы Сокровенный; интимный

  • Ону ити эйиэхэ, доҕорум диэн, истиҥ санаабын кэпсиибин.
    А. Софронов
  • Имэрийэн наҕыл да куолас. Эдэр саас уйан сүрэҕэ истиҥ тапталы күүтэрин туойар.
    Далан
  • Таптыыбын истиҥ тапталынан -- Эйигин!
    Баал Хабырыыс

4 даҕааһын #

Ис сүрэхтэн тахсар; дьиҥнээх, ыраас

Нууччалыы Сердечный; настоящий, неподдельный

  • Эйэҕэстик этиллибит истиҥ саҥаны киһи хайаан даҕаны өйдүүр эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Оччолорго Кини курдук Эйэҕэс, истиҥ мичээрдээҕи Аан дойдуга Адьас суох курдук саныырым.
    С. Данилов
  • Кыыс сэмэй, истиҥ сыһыана, кини итэҕэлэ Ханидуону өссө ордук күүстээх, өссө ордук үтүө санаалаах оҥороллор
    Кыым

«И» буукуба