ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньуур

аат тыл

Нууччалыы лицо

English face, countenance; face; face

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы лицо

English face, countenance; face (of an object, especially the top or front side); face

  • остуол ыраас ньуура
    чистая поверхность столаthe clean surface of a table

2 аат тыл #

Туох эмэ хаптаччы көстөр иэнэ, үрдүн тэҥэ-дэхситэ (хол., хонуу)

Нууччалыы Гладкая поверхность чего-л. (напр., поляны)

  • Хомурах хоммотох Холбороҥ маҥан хонуутугар, Тобурах тохтооботох Толомон маҥан толоонугар, Туналҕаннаах ньууругар Туой күрүҥ булгунньах үүммүт эбит.
    П. Ойуунускай
  • Остуол ньуурун курдук килэркэй аспаал таас уулусса устун оптуобус сырылаан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Оо, көрбүт киһи көмүөлүн көтөҕөн эрэр күүрээннээх Өлүөнэ эбэ ньуурун, хаампыт киһи сааскылыы сэргэхсийбит кини биэрэгин устун
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

Киһи сирэйэ, сэбэрэтэ, дьүһүнэ

Нууччалыы Лицо человека; лик, облик

  • Мадыска Дьөгүөр кыыһыгар Матаҕастай Маарыйаҕа Маҥан ыраас ньууругар Манньыйталаан бараммын, Маанымсыга бэрдигэр Баһыйтаран уурайдым. Саха нор. ыр. II. Ким билиэй, кини [оҕонньор] маҥан чөмчөкөтүгэр туох дьон ньуурдара, төһө дьыллар-хонуктар киирэн ааһалларын?
    Амма Аччыгыйа
  • Ньуурдуун кытта сырдыы кэйэн, Кынталдьыйа көтө дайан, Тупсан да иһэҕин сыллата Сайдыылаах сахам кыысчаана
    Умсуура

4 этии #

Ньуур тутун - тугунан эмэ сирэйдэнэн буруйа суох курдук көстө сатаа Маннык эппиэтинэстэн ол-бу албын тылынан, истиҥ-тастыҥ биричиинэлэринэн ньуур туттан куотуоҥ -- суоҕа. Софр. Данилов. Үгүс төрөппүттэр үлэҕэ баттаппыттарынан ньуур туттан, оҕолоругар ситэ-хото болҕомтону уурбаттарын кэпсээбиттэрэ. П. Аввакумов

Нууччалыы Надевать на себя личину невинности, оправдываться чем-л

5 этии #

Нууччалыы Постоянный эпитет, описывающий прекрасную наружность персонажа олонхо. [Айталыын Куо] Тоҕус өргөстөөх Толомон маҥан күнүм Толонун курдук, Толбонноох ньуура Туналыйан көһүннэ

  • Толбонноох ньуур нор. айымнь. - олоҥхо дьоруойун кэрэ дьүһүнүн ойуулуур халбаҥнаабат эпиитэт
    П. Ойуунускай
  • Туналҕаннаах ньуурдаах нор. айымнь. - дьахтар кэрэ дьүһүнүн ойуулуур халбаҥнаабат эпиитэт. Θ Постоянный эпитет, описывающий прекрасный облик женского персонажа в олонхо, в народном творчестве. Долгун курдук субуруйар Тоҕус былас суһуохтаах, Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн -- Кыыстаахтар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Уон икки, кыталык курдук, кыргыттарынан арыалланан туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо барахсан таҥас бүтэй этэ сандааран, -- үрүҥ күннүү туналыйан, кубалыы устан киирэн кэлэр.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. нюруу ‘поверхность’, ниюр ‘лицо; личность’

«НЬ» буукуба