ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэп

аат тыл

Нууччалыы узор

English pattern

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы узор

English pattern

  • таҥас киэбэ
    выкройка одеждыclothing pattern

2 аат тыл #

Нууччалыы внешность; вид; лицо; облик

English appearance, look, face, guise

  • киһи киэбэ
    облик человекаthe image of a person

3 аат тыл #

Нууччалыы настроение

English mood

  • туохтуур киэптэрэ
    наклонение глаголаverbal mood

4 аат тыл #

Тугу эмэ (хол., таҥаһы, түүлээҕи, тириини) тигэргэ халыып буолар, кумааҕыттан кырыллыбыт быһыы

Нууччалыы Выкройка

  • Халадаай ырбаахы киэбэ. Тыс этэрбэс киэбэ.
  • Киэпкэ ууран кырыйыаҥ иннинэ, тыскын түү өттүнэн үчүгэйдик көр
    АЕЕ ӨҮОБ
  • Тириини тиирэр хаптаһын халыып. Θ Деревянная доска для натягивания шкуры пушных зверей. Тириини тиирэр киэби биир сэнтимиэтир халыҥнаах хаптаһынынан оҥоһуллар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Үлэлииргэ табыгастаах буолар гына, тириини дэхси ньуурдаах холбоҕор хаптаһын киэпкэ тиириллэр. Булчуттарга к
  • Тугу эмэ (хол., киэргэли, сэби-сэбиргэли) кутан оҥорорго аналлаах халыып, пуорма. Θ Форма для отливки. Уустар туой киэпкэ кутан алтанынан, кыһыл көмүһүнэн, үрүҥ көмүһүнэн -- араас киэргэллэри -- оҥороллоро. МАП ЧУу. Металы киэпкэ кутар хамыйахтар, боруонса сүгэни кутар туой киэптэр -- көстүбүттэрэ
    ХС

5 аат тыл #

Киһи быһыыта-таһаата, тас көрүҥэ

Нууччалыы Телосложение, фигура, комплекция

  • Икки илиилэрин быластаабытынан хаарга тиэрэ охтон киэптэрин хааллартаатылар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Оҕонньор] аҥаар илиитинэн бэйэтин киэбигэр сөбө суох сүдү улахан баппаҕайынан тобугун умса кытаахтаан ылла.
    В. Яковлев
  • Көтөн түспүт киһиттэн Түүҥҥү ыалдьыт соһуйар, Көрүҥ-таһаа киэбиттэн Көрдө кини чаҕыйа
    А. Абаҕыыныскай

6 аат тыл #

Туох эмэ тас көстүүтэ, көрүҥэ

Нууччалыы Внешний вид, облик, состояние чего-л. [Улахан суруксут:] Бачча тухары сир-халлаан киэбэ уларыйа илигэ

  • Түүннээх күннээҕи хайа да чаастан бу сарсыарда Чөркөөх киэбэ кэрэ да буолбут. Бэс Дьарааһын. Киэһээҥҥи Амманы көрбүт эрэ барыта сөрү диэн сөҕүөх, бэри диэн бэркиһиэх этэ. Кини көҥүл-холку киэбэ ол курдук кэрэ!
    С. Федотов

7 аат тыл #

Туох эмэ (хол., сыһыы, толоон, хочо о. д. а.) тайааһына, устата

Нууччалыы Протяженность, ширь чего-л. (напр., равнины, долины и т. п.)

  • Биһиги оҕуруоппут эһиилгиттэн улаатан барыахтаах. Бу бүтэй киэбин тухары!
    Амма Аччыгыйа
  • Киэҥ толоон киэбин тухары толору кутуллан хаалбыт тымныы тумана -- будулуйар.
    Эрилик Эристиин
  • Хонуу киэбин устатыгар аахсыыта суох сылгы, ынах сүөһү -- аһыы сылдьаллара.
    УАЯ А

8 аат тыл #

Туох эмэ буоларын сибикитэ, чинчитэ

Нууччалыы Примета, признак чего-л

9 аат тыл #

грамм. Саҥарааччы хайааһын оҥоһуллуутун хайдах сыаналыырын көрдөрөр халыыба (чахчы буоларын, буолуон сөптөөҕүн о. д. а.)

Нууччалыы Наклонение

  • иир киэп. Соруйар киэп. Сэрэйэр киэп.
  • Профессор Е. И. Коркина туохтуур киэптэрин, кэмнэрин үөскээһиннэрин, төрүттэрин сиһилии ырыппыта. СПА СТИ. Туохтуур олоҕо соруйар киэп биир ахсаанын иккис сирэйин кытта сөп түбэсиһэр.
    ПНЕ СТ

10 аат тыл #

лит. Уус-уран айымньы ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын көрүҥэ

Нууччалыы Совокупность приемов и изобразительных средств художественного произведения, форма

  • Остуоруйа тас киэбэ, тыла-өһө судургу буолар.
    Саха фольк
  • П. А. Ойуунускай "Андаҕар" диэн хоһоонун суруйарыгар норуот былыр былыргыттан үгэс оҥостубут андаҕарын дьэбир-дьиппиэн киэбин, ыар-нүһэр ритмин -- туһаммыта. Софр. Данилов. Эдэр ааптар [Т. Сметанин] поэт [П. А. Ойуунускай] тылын-өһүн, суруйар киэбин кытта үтүктэр. КНЗ Т
    С. Тюрк
  • кеп

«К» буукуба