ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быһыы

аат тыл

Нууччалыы путь; манера; поведение

English way, fashion, behavior

Ис хоһооно · 16

1 аат тыл #

Нууччалыы путь; манера; поведение

English way, fashion, behavior

2 аат тыл #

Нууччалыы душевное состояние; настроение; характер

English state of mind, mood, character

3 аат тыл #

Нууччалыы кусок; форма; характер

English piece, shape, character

4 #

Тугу эмэ биилээҕинэн быһан кыра өлүүскэлэргэ араарыы; ол араарыллыбыт өлүүскэ

Нууччалыы Отрезок, кусок чего-л

  • Мөссүйүөн дьоно сарсыарда ампаалыктаһан тимир куруусканан итии ууну иһэллэр, биирдии быһыы хара килиэби сииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир быһыы курсуйбут килиэп. Бу да хаалбат. Өссө туох баарый? Суох.
    Т. Сметанин
  • Ол бэлэм чаанньык, быыкаа быһыы килиэп сорох түбэлтэҕэ киһи олоҕун быыһыан сөп!
    Н. Заболоцкай

5 #

Үүнэн сиппит, буспут бурдугу сиэрпэнэн хомуйуу

Нууччалыы Жатва зерновых

  • Иһирик ойуурдаах сайылыгыттан бурдук быһыытыгар тиийэ, торбос күрүөлээх ынаҕын далыттан түптэтин буруотугар тиийэ - барытын Күндэ хомоҕойдук холбообута. Софр. Данилов. [Чокуурап:] Чэ, элбэх кэпсэтиитэ суох, сарсыарда Хаастаахха оруос быһыытыгар баар буол.
    С. Ефремов
  • Үрдүк сир бурдуктарын быһыытын бастакы күннэрэ саҕаланна, кураан күннэр буоллулар
    М. Доҕордуурап

6 #

Туох эмэ тас формата, киэбэ

Нууччалыы Покрой, фасон, форма чего-л

  • Балаһа-балаһа тикпит Балаакка саҕа ырбаахылаах, Быһыыта биллибэт Былааччыйа сыыстаах.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бу дойдуга олорор ураһаларын быһыыта, барытын былаана биирдиҥи буолар
    А. Софронов

7 #

Ким эмэ уопсай тас көрүҥэ (фигурата), сирэйэ-хараҕа

Нууччалыы Внешность, черты лица кого-л

  • Күн аайы саҥаттан саҥа, ыраах улуустар дьонноро кэлитэлээн истилэр. Ол дьоннор дьүһүннүүн, быһыылыын, саҥалыын, таҥастыын тус-туспалар.
    Амма Аччыгыйа
  • Уолаттар биирдэрэ_ _ сирэйин быһыытыгар сөрү-сөп нарын муруннаах, биллэ-билиминэ энньэгэр соҕус сыҥаахтаах.
    Эрилик Эристиин
  • [Үүйэ] сарапаана этигэр сыстан, кыыс эдэр-чэгиэн быһыыта, боруонса курдук, кутуллан тахсыбыт этэ
    Л. Попов

8 #

Ким эмэ тутта сылдьыыта, быһыыта-майгыта

Нууччалыы Поведение, поступок кого-л

  • Лэглээрин учуутал сэбиэскэй учууталга сөбө суох быһыыларын улуус тэрилтэлэригэр, баартыйа тэрилтэлэригэр уонна үөрэх салаатыгар биллэрэргэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Саллар сааскыт тухары ханнык баҕарар сидьиҥ быһыыга кыр өстөөх буолуҥ. Софр. Данилов. Саа тээбиринин буорга, киргэ түһэрии булчукка сөбө суох быһыы буолар этэ
    Т. Сметанин

9 #

Тугу эмэ оҥон, дьөлөн ойуулааһын, дьөлөҕөс

Нууччалыы Резьба; продолбление чего-л

  • Ортоку сэргэлэрэ Ойута быһыы ойуулаах, Чаҥыргыы-чаҥыргыы Чаачыгырыы олорор Өрүтэ даллаахтаабыт Өксөкү кыыллаах эбит.
    П. Ойуунускай
  • Түгэҕэ дьөлө быһыы аһаҕас солуурчахха эти буһаран, кырбаан баран, укпут эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Ойо быһыы хоолдьуктаах Обуй дьарҕаа моонньохтоох, Чопчу курдук оройдоох Тоҕус сул тиит сэргэни Тоҕуоруччу чуоҕуппуттар
    С. Зверев

10 #

Бүттүүн ылыныллыбыт бэрээдэк, үгэс

Нууччалыы Общий обычай, традиция. [Уйбаан:] Бастаан сахалыы быһыынан эдэрдэрбитигэр көтөхтөрдөхпүт дии

  • Кырдаанаба дьонтон истэн Кыыһы хайгыы санаабыта. Былыргылыы быһыыттан Быыһанаары, куотаары Көҥүл суолу көрдүүрүгэр Көмөлөһүөн баҕарбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тыалыы быһыынан сүөһү ииттэрэн, оҕо оҕолотон, Кэлэр түспүтүн түстүүр буоларбыт Үгүһү билбэтэх, үтүөҕэ тиксибэтэх, Үөрэҕэ суох саха оҕолоро
    С. Данилов

11 #

Туох эмэ буолуутун усулуобуйата, хайааһын ханнык быһыыга-майгыга буолара

Нууччалыы Обстоятельство, условие для совершения какого-л. действия

  • Бу табыгастаах быһыыны куоттардар эрэ, кини сэрии тас үлэтигэр хайаан да барар уонна Мариса буоллаҕына хараҥа хаайыыга сытан хааларыгар тиийэр.
    Эрилик Эристиин
  • Аныгы сырыыга Ыйга өрөөн ааһыахпыт, Кини хайдах быһыыга “Өлбүтүн” быһаарыахпыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Урукку үчүгэй саа-сэп суох үйэтигэр булчут үгүстүк араас суоһар быһыыларга түбэһэрэ
    М. Чооруоһап

12 #

эмп. Ыарыыттан көмүскээн эбэтэр ыарыыны мөлтөтөөрү киһи этигэр-хааныгар вакцинаны киллэрии

Нууччалыы Прививка

  • Ыалдьыбыт дьону эмкэ ыытар, карантин оҥорор, быһыы быстарар, луохтууру таһаарар туһунан ким да кыһаммакка хаалара
    Эрилик Эристиин

13 #

хаарты. Хаартыны оонньооччуларга түҥэтии, таһаарыы (хол., остуоска)

Нууччалыы Распределение или выведение игральных карт

  • Суоҕа сайын сыһыыга Ачаа муостаах ынаҕа - Эспит остуос быһыыга Эбиэн сэттэ хараҕа
    П. Тулааһынап

14 #

Туох эмэ буоларын, баарын сибикитэ, бэлиэтэ (үксүгэр тард. ф-гар)

Нууччалыы Приметы, признаки наличия, существования чего-л

  • Оҕонньорбут [В. И. Ленин] турбахтаата, онтон сиэбин хаһынна, хаһан тохтууллар диэн көһүтэр быһыыта билиннэ.
    П. Ойуунускай
  • Михельман ыалдьааччыны аһыммыт быһыыта таһыттан көстүбэт.
    Амма Аччыгыйа
  • Доҕоро бэркэ уйадыйбыт быһыытын билэн, Николай Гаврильевич киһитин уоскутардыы аргыый намыын куолаһынан саҥаран унаарытта
    П. Филиппов

15 этии #

Этиилэр

Быһыы быс көр быс

  • Киһини үчүгэйдик билбэт эрээри быһыы быһар сыыһа дии саныыбын

16 этии #

Быһыы килиэп - биир өлүүскэ гына быһыллыбыт килиэп Остуолга быһыы килиэп эрэ сытар

Нууччалыы Ломоть хлеба

«Б» буукуба