Перевод с якутского
быс
туохтуур
Нууччалыы отрезать; резать, порезать
English to cut
Ис хоһооно · 14
1 туохтуур #
Туох эмэ биилээҕинэн, сытыынан (быһаҕынан, сүгэнэн о. д. а.) охсон, кыһан тугу эмэ кыра чаастарга, өлүүскэлэргэ араар эбэтэр бааһырт, кэрчий
Нууччалыы Отрезать; резать, порезать (чем-л. острым)
Быаны быс. Быһаҕынан быстым. Тарбаҕын быста. Атырдьах уктаабытым уонна эмиэ да күөрт күөртээбитим, сүгэ уга быспытым. М. Доҕордуурап Эгэ сибэккини быһа тардыа дуо? Суох! “Барахсаттар үчүгэйдэрэ бэрт, үүннүннэр!” - диэн буолар С. Васильев
2 туохтуур #
Үүнэн турар бурдугу сиэрпэнэн, бурдук быһар массыынанан хомуйан түүтэхтээ
Нууччалыы Жать (хлебные злаки)
Сэлиэһинэйи быс. Бурдугу быһан бүтэрдибит. [Сэмэн:] Ынаҕы түргэнник да ыыра, бурдугу элбэҕи да быһара. А. Софронов Бурдук буһан, холкуостар хомуур үлэтин күргүөмүгэр киирэн тураллар, онно-манна паара аттар бурдук быһар массыынаны соһо сылдьаллар.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Бурдук быһар, от охсор, Тымныы күөлгэ балыктыыр Күндү-үтүө доҕоттор, Сарсын үлэ ыҥыртыыр П. Тулааһынап
3 туохтуур #
Таҥаһы тигэргэ анаан анал киэбинэн кырый
Нууччалыы Кроить по мерке одежду для пошива
Уурумньулаах таҥастарын ороото, Мааны таҥастарын бааралаата, Киэргэл симэхтэрин кэккэлэттэ. Быһыыччыт бастыҥа быспыт Былаачыйаларыттан быыбардаан ылла.
Өксөкүлээх ӨлөксөйДаайыс кумааҕынан бэрт наадалааҕар эрэ, холобур, этэрбэс уллуҥун киэбин быһарга кэмчилээн туттар буолта. Н. Заболоцкай [Саарыны] Балбаара быһыытын быста, Кэтириискэ тиктэрдилэр, Ыстапааһа ытырда. Саха нар. ыр. II
4 туохтуур #
Кырган кэбис, суох оҥор, өлөр-өһөр, эс
Нууччалыы Уничтожать; лишать жизни
Сэбиэт былааһын быһаары, Өстөөх күүстэр турдулар; Фашист тыынын тыыннаары Өргөс-үҥүү туттулар. Күннүк Уурастыырап [Көстөкүүн:] Суон Дьөгүөр, дьон билэринэн, кыра-дьадаҥы дьону улаханнык быспыт, быһа да олорор киһи.
КүндэУҥуох күлүн, ноһуому Уоҕурдаары ыспыппыт, Сиэччи үөнү, сыыс Суортаан, эмтээн быспыппыт Күн Дьирибинэ
5 туохтуур #
Туохха эмэ (хол., маска, тааска, металга о. д. а.) тугу эмэ (суругу, ойууну о. д. а.) оҥон оҥор
Нууччалыы Делать посредством резьбы, вырезать (письмена, орнамент на металле, дереве и т. п.)
Тиийэн били Чүөчээски хатыҥҥа дьөлө быспыт икки буукубатыттан хараҕа иҥнэ түспүтэ.
Суорун ОмоллоонФедор Федорович таба муоһуттан быһан оҥостубут хамсатын айаҕыттан ылар Н. Якутскай
6 туохтуур #
Ханнык эмэ сири (алааһы, толоону, үрэҕи, тыаны о. д. а.) туораа, аас
Нууччалыы Проходить или проехать через алас, долину, лес
Тайҕаны быстым. Тыаны быһан, чараҥҥа таҕыстым. Сэттэ көстөөх сири быһан, Марханы буллубут. Онон-манан толооннору быһан туоруубут. Н. Неустроев Сатыы хаамсан, Сиһи быһан, Үрэххэ өҥөйдүлэр Дьуон Дьаҥылы
7 туохтуур #
Суолунан көҥүл сылдьар кыаҕы биэримэ, суолунан сылдьыһыыны боп, хаай
Нууччалыы Перерезать, преградить дорогу
Ити кэмҥэ өстөөх чугуйар суолун биһиги чаастарбыт ойоҕоһуттан бүлүмүөт уотунан быспыттара. М. Доҕордуурап Бандьыыттар Сулҕаччыттан Аммалыыр суолу хас да сиринэн быспыттара. П. Филиппов Уйбаан күн сырдыга баарыгар, Оҕуруот, хотон, дьиэ ааныгар, Түннүк аайы тымтыгынан Кэлэр кэриим суолун быһан Кириэс анньан кэчигирэтэр Дьуон Дьаҥылы
8 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., сыһыаны, кэпсэтиини о. д. а.) тохтот, уурат
Нууччалыы Прекратить, прекращать какие-л. отношения, беседу и т. п
Эрдэттэн онон кыыс быспыта Эргэлиин ситимнээх быаларын. Күннүк Уурастыырап [Барахсаанап:] Ол буолан баран, эн биһикки, саатар, көннөрү доҕордоһорбутун быһыма. С. Ефремов "Чэ, чэ, кылгастык кэпсээ!" - диэн тойон быһан кэбистэ Эрилик Эристиин
9 туохтуур #
эмп. Ыарыыттан көмүскээн эбэтэр ыарыыны мөлтөтөөрү киһи этигэр-хааныгар вакцинаны киллэр
Нууччалыы Делать прививку от какой-л. болезни
Куортан быһыы быс. Оччоҕо Хабырыыс биэстээх этэ. Кини илиитин быстарымаары хотон иһигэр түспүтэ Эрилик Эристиин
10 туохтуур #
хаарты. Оонньооччуларга хаартыны түҥэт, таһаар
Нууччалыы Распределять, раздавать игрокам карты. [Күөх Көппө:] Кэбис, бырыылаабаппын, куруускалыах. [Дьөгүөр:] Баҕар, буоллун даҕаны, Бастаан мин быһыым
"Мин остуос [хаарты оонньуутун көрүҥэ] быһабын! Туруоруҥ!" - хаһыытаата Дьэллик. “ ХС
11 туохтуур #
Баран, айаннаан иһэр тэтими мөлтөт эбэтэр олох тохтоон хаал (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Снизить темп шага, езды или вообще остановиться (обычно в отриц. ф., оборотах)
Тогойкин сэлиитин быһан, хааман көрдө. Амма Аччыгыйа Ааҕааччы Тиэхээҥҥэ кэллибит... Кутталлаах суолунан барбатах, Дьэ били сур ата бэрт эбит - Уон көскө сэлиитин быспатах. Эрилик Эристиин Кинилэр хаһан да сылайбаттар, хаһан да тохтооботтор, айаннарын биирдэ да быспаттар. Н. Тарабукин (тылб.)
12 туохтуур #
Ууну ходуһаҕа халытаары, үрэх сүнньүн быһыт тутан бүөлээ
Нууччалыы Строить плотину (преимущественно с целью орошения лугов)
Эһиги Суола үрэҕи быһарга турунаҥҥыт, үтүө кэскиллээх дьыаланы төрүттээтигит. Амма Аччыгыйа Сураҕа, бу сүүрбэ сыллааҕыта биһиги холкуос үрэҕи быһан үөскэппит күөлэ
Суорун ОмоллоонТуу угаары, кыараҕас үрэх сүнньүн талаҕынан хатыйан балыгы аһарбат күрүө оҥорон бүөлээ. Θ Сделать заездку для ловли рыб. Аҕата үрэҕи быһан үппүт илимнэрин соҕотоҕун бүөмнээн көрөр санаалаах күөлгэ киирдэ. “ ХС
13 этии #
Нууччалыы Зажиточная, богатая (о жизни)
Этиилэр
Бытыгын быһа үктүөр диэри көр бытык
Одуу быһар - кими, тугу эмэ сэмэлээн, элэктээн, күлүү-элэк гынан саҥарар.
Осуждать, насмехаться над кем-чем-л.
[Кыргыттар] Сайбаҕар таҥастааҕы Сахатыта санаатылар Оноолоох соннооҕу Одуу быстылар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТиһигин быспакка - тохтобула суох, быыстала суох, ситимин быспакка. Непрерывно, непрестанно. Тыындалыыр суол сыһыыны ортотунан хайа тыыран ааһар, онон аттаах, сатыы дьон тиһигин быспакка сылдьаллар. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Тыынын быс - кими эмэ өлөрөн кэбис. Лишать жизни кого-л. Ф. Охлопков элбэх фашист тыынын быспыта. Хайа быспыт аҥаара - тэҥ аҥаара. Половина. Өлүөнэ илин эҥээригэр эбэтэр Дьокуускайга ат сүүрүүтэ буоллаҕына, республика хайа быспыт аҥаара онно ханньары тартарар. “Кыым”
14 этии #
Нууччалыы Вот-вот отелится (напр., через день, о корове)
Кирсин быспыт - төрүүрэ олох чугаһаабыт (ынах туһунан) Лүүчэ “Күннэйэ” кирсин быспыт. Арааһа, эмээхсин сарсыарданан көрдөрдөҕүнэ да көҥүлэ буолсу. В. Яковлев Ситимин быспат - тохтобула суох буолар. Θ Непрерывный, непрекращающийся. Синицын этэрээтэ уһун кыһыны быһа ситимин быспат уот охсуһууга сылдьыбыта. А. Сыромятникова Сүһүөх быһарынан мээрэй кээмэйэ - тобугун сүһүөҕүнэн. Θ По коленному суставу (как мера). Сүүрүк аты Сүһүөх быһарынан Сүөгэй тураҥнаах дойду. П. Ойуунускай