Перевод с якутского
кырый
туохтуур
Нууччалыы резать, кроить ножницами
English to cut, to clip, to shear
Ис хоһооно · 10
1 туохтуур #
Кыптыыйынан быс
Нууччалыы Резать, кроить ножницами
Дьахталлар ичигэс таҥаһы тигээрилэр сукуна курдук сымната имитиллибит таба тириитин кырыйаллар. Н. Якутскай Ким бу курдук, хас сэбирдэҕи барытын биир быһыылаах гына кырыйан, киэпкэ баттаан оҥоортой?
Суорун ОмоллоонМавра сыппах кыптыыйа таҥас кырыйар тыаһа чылыгыраан иһиллэр М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугу эмэ сарбый, быһыы-таһаа биэрэн быс (хол., баттаҕы, тыҥыраҕы, үүнээйини)
Нууччалыы Стричь, постригать
Лэри-лэкэгэр төбөтүн киччэччи кырыйбыттар, уол оҕолуу боспоччу таҥыннарбыттар. Амма Аччыгыйа Былыргы баай ыал мааны оҕолоро буолан, баттаҕын хаһан да кырыйбатахтара. Күннүк Уурастыырап Суоппуйа өрүүлээх баттаҕын аҥаарын, сүр түргэнник быһа кырыйан кэбиспитэ А. Сыромятникова
3 туохтуур #
Тугу эмэ икки аҥыы хайытардыы инниҥ диэки түс, сыт (хол., ууну, хаары)
Нууччалыы Рассекать что-л. (напр., воду), двигаясь вперед
Аллаах оҥочо биллэрдик иэҕэс гына-гына, улам түргэтээн, уу кырсын икки аҥы тэлэ кырыйда. В. Яковлев Онно, кубалыыр долгун баалларын, Тыы курдук Тылбыҥныы тэлээрэн, Хопто-доҕорбут кыната кырыйар. В. Чиряев Уу дьикти кылбаархай урсунун мэник тыал кырыйда Н. Босиков
4 туохтуур #
поэт. Туох эмэ аттынан эбэтэр устунан кэрийэ көт, бар, туох эмэ иэнин кэрийэ, батыһа көт, бар
Нууччалыы Лететь, парить над чем-л. или идти, тянуться вдаль по периметру чего-л
Тэһииргээбиттии үөр туллук Хаар көҕүрүмтүйэр иэнин кырыйар. Н. Босиков Кытылы кырыйар Кыйыа таас хайата, Эрийэр-буруйар Эрбэгэр иирэтэ. А. Бродников Ср. тюрк. кырк, кыр 'стричь, скоблить, скрести'
5 этии #
Нууччалыы Продвигаться (ходить, бегать, летать) вдоль чего-л
Кырыйа көт (хаам, сүүр) - тугу эмэ кэрийэ хаам, сүүр, көт Күн олус уһаабыта, саһар икки саспат икки ардынан саҕаҕы кырыйа көппүтэ. Далан Уҥа диэки түннүктэри кырыйа хаамта. Н. Заболоцкай Кылбаара устан Кыталык кэллэ, Кыҥкыныы ыллаан Кырыйа көттө. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Уу кырыйа - кыл имэрийэ диэн курдук. - Былааҥҥыт туолуута хайдаҕый? - Эбэһээтэлистибэлиин уу кырыйа - диэхтэрэ. "Кыым". Ууну ыытар магистральнай хоруулар Куда өрүс уҥа террасатын чабырҕайынан уу кырыйа хаһыллыбыттар. "ЭК"
6 туохтуур #
Уһуннук олох олорон, эт-хаан өттүнэн мөлтөө-ахсаа, сааһыр, кырдьаҕас буол
Нууччалыы Состариться, становиться старым. [Сэмэн] Бу да кырыйдарбын, биир кыыс оҕону иннин ылыам дии саныыбын
А. Софронов А. Софронов
7 туохтуур #
Баар буолбутуҥ, туһаныллыбытыҥ ырааппыт буолан эргэр, хаарбахсый
Нууччалыы Становиться ветхим, обветшать
Хатыҥ тэллэйэ кырыйдаҕына, Хаахыныы-кыыкыныы оонньуур Е. Васильев
8 туохтуур #
Былыргыта бэрдиттэн аныгы кэмҥэ сөп түбэспэт, туттуллубат буол
Нууччалыы Устаревать, выйти из употребления по старости
Норуот тапталлаах ырыаһыта ыллаабыт, ыллыыр ырыата мэлдьи норуотун кытта! Таптал сөҕүрүйбэт, ырыа кырдьыбат! "Кыым". Ср. тюрк. кары 'стареть'
9 этии #
Нууччалыы Будучи уже немолодым вести себя как молодой человек; вести себя не по возрасту легкомысленно
Кырдьан баран кылыыһыт буол - сааһыран баран эдэр киһилии быһыылан Кырдьан баран кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы, оҕонньор ойох ылаары тииһэн эрдэҕин. А. Софронов Киһиҥ, эр бэрдэ, өссө оҕо оҥоруох санаалаах. Кырдьан баран кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы. П. Ойуунускай
10 этии #
Нууччалыы Старость, старческий, пожилой возраст
Кырдьар саас - киһи ситии-хотуу сааһын кэнниттэн кэлэр сааһа, эт-хаан өттүнэн кэхтэр кэмэ Кырдьар саас киһи аайы тиксибэт, дьоллоохторго эрэ тиксэр дьылҕа.
Н. ЛугиновКиһи кырдьар сааһыгар Ийэ киин буора тардар. С. Данилов Өлөр үйэбитигэр, кырдьар сааспытыгыр хайдах-хайдах олоххо тиксэн иһэр буоллубут. М. Доҕордуурап