Перевод с якутского
кыс
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы зима
English winter
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы зима
English winter
кыс хаар зимний снегwinter snow кыс устата зимойduring the winter
2 туохтуур #
Тугу эмэ быһаҕынан чараас гына элийэ быс (хол., маһы, балыгы)
Нууччалыы Строгать
Болугур оҕонньор балыктарын кыһар. Н. Якутскай Мас буллум. Быһахпын ылан сигири кыстым уонна испиискэбинэн ол сигирибин уматтым.
Суорун ОмоллоонОх саабыт оноҕоһун тииттэн кыспыппыт. Н. Босиков
Өссө холобурдар (2)
Оҕонньор сытыы быһаҕынан хаппыт талаҕы кыһан кырылатта. А. Сыромятникова Ср. тат. кисү 'резать, отрезать; рубить'
3 аат тыл #
Дьыл саамай тымныы кэмэ, кыһын
Нууччалыы Зима. Сылыйда, сырдаата. Кыс тыына уурайан Сай кэллэ бу аата. Болот Боотур. Кыс устатыгар баһаам уларыйыы тахсыбыт. Г. Колесов. Кыс ааһыа, саас кэлиэ, оччоҕо Барыта саҥалыы салаллыа. "ХС". Дэлэйдик, өлгөмнүк оттооҥ, оту кытаатыҥ - Кыһы быһа тоттук-өҥнүк Ынах аһаан кыстаатын. "ХС"
4 этии #
Нууччалыы Место во дворе для распилки, рубки и укладки дров
Кыс мас - кыһын тэлгэһэҕэ кыстыыр маһы уурар, эрбиир уонна хайытар сир Бүөтүр кыс маһыгар, бэрэстээк үрдүгэр сүгэ уга буолар хатыҥы суора турар. Р. Кулаковскай Кыс маска аҕыйах кураанах дүлүҥ кыстана сытарыттан, биирдэстэригэр тэрээк сүгэ батары охсуллубут. Тумарча. Сарсыарда, барыахтарын иннинэ, Сэргэйдээх Киирик кыс маска тахсан олорон кэпсэттилэр. ХС // Кыстыыр мас саппааһа. Θ Запас дров на зиму. Быйыл кыс маспыт аа дьуо тиийэр. Кыс хаар - күһүн түһэн баран ууллубакка кыстыыр хаар. Θ Выпадающий поздней осенью обильный снег, остающийся на зиму. Үгүскэ кыс хаар уулунна, Үгүскэ күөх от хагдарыйда, Эн эрэ суоххун мин таспар, Арай өрүү бааргын сүрэхпэр. Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
Кыһын, - Кыс хаар үллүктүүрэ, Кырса суорҕанынан үлбүйэрэ. С. Васильев Хараҥа халлаантан кыс хаара Түһэрэ аргыый намылыйда. Дьуон Дьаҥылы. Кыс хаар ортото - кыһын үгэнэ; кыһын буолан турдаҕына. Θ Середина зимы, глубокая зима. Кыс хаар ортото кыталык этинэн сүрэхтэппиккэ дылы (өс хоһ.). Ото суох буоллаҕына, кыс хаар ортото сүөһү ханна баран аһыай? ХС Тюрк. кыш