ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыстаа

туохтуур

Нууччалыы складывать дрова

English to stack

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы складывать дрова

English to stack (esp. firewood)

  • маһы кыстаа
    сложить дроваto stack firewood
I

2 туохтуур #

Кыһыны туораа, кыһын ханна эрэ олор

Нууччалыы Зимовать, проводить зиму. Үс ыал быйыл Лэглээрдэр быыкаайык балаҕаннарыгар дьукаахтаһан кыстаан олороллор

  • Тус-туһунан чоҥкучах алаастарга кыстаабыт оҕолор биир сайылыкка мусталлар.
    Далан
  • Арҕахха кыстаабыт аарыма эһэ курдук Этим-сииним барыта көһүйбүт
    И. Гоголев

3 этии #

Кыстыыр уу - кыстыыр чүөмпэ диэн курдук. Кыстыыр уу. Күөл, үрэх хайдахтаах да тымныы кыһыҥҥа дөйө тоҥмот өттө. Багдарыын Сүлбэ

II

4 туохтуур #

Тугу эмэ сааһылаан, үрүт-үрдүгэр чөмөхтөөн биир сиргэ уур

Нууччалыы Складывать, класть что-л. друг на друга штабелями, стопкой

  • Мин саах күрдьэбин, торбуйах уулатабын, бурдук тардабын, мас кыстыыбын.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыраахтар тыырыллыбыт былаахылары сотору-сотору тиэйэн аҕалан өрөһөлүү кыстыыр.
    А. Федоров
  • Билигин хараҥаҕа кууллаах бурдугу таһааран кыстыахха
    И. Бочкарев

5 этии #

Этиилэр

Мас кыстыыр көр мас

  • Ыстапаан -- мас кыстыырга сытар сүгэтин ылан уот иннигэр эргим-ургум көрө олордо.
    А. Софронов
  • Дьиэ таһыгар мас кыстыырга биир атыыр оҕус -- "бус" гынан тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, ныһыллан турар. Н. Түгүнүүрэп

«К» буукуба