ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылаат

аат тыл

Нууччалыы сокровище

English treasure

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы сокровище

English treasure

  • сиртэн хостонор кылаат
    подземное сокровищеunderground treasure

2 аат тыл #

Нууччалыы стог

English stack, rick

  • бурдук кылаата
    стогhaystack

3 аат тыл #

Нууччалыы вклад

English contribution

  • үлэһиттэр кылааттара
    вклад рабочихworkers' contributions
  • наукаҕа саҥа кылаат
    новый вклад в наукуa new contribution to science
I

4 аат тыл #

Сиргэ көмүллүбүт эбэтэр атыннык кистэниллибит харчы биитэр сыаналаах күндү мал

Нууччалыы Клад. Күөрэгэй соһуйан талбааран хаалла: кылаат! Көмүллүбүт кылаат! Т. Сметанин. Оҕолоор, арай манна кылаат сытар буоллун. Оччоҕо хайдах гыныа этибитий? Н. Якутскай. Ордук баай, кэрэхсэбиллээх кылаат 1985 сыл Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Павловскайга көстүбүтэ. ФЕВ КК

5 аат тыл #

Сиртэн хостонор баай

Нууччалыы Полезные ископаемые. [Ыраахтааҕы саҕана саха норуота] сирин анныгар аан дойдуга суох үгүс, дэлэгэй үрүҥ, хара, кыһыл көмүс кылааттаах этэ

  • Таһаҕастаах массыына, таба Тайҕам устун сырыста, Сир кылаатын аһааччыларбар Аһы, таҥаһы таста. Эллэй. Барабыт Өлүөнэ өрүс Биэрэктэрин кэрийэ, Кистэнэн сыппыт үгүс Кылааттарын чинчийэ
    В. Алданскай

6 аат тыл #

үрд. Уопсастыба, норуот бүттүүнэ туттар баайа-дуола (хол., өйгө-санааҕа, билиигэ-көрүүгэ, култуураҕа о. д. а.)

Нууччалыы Сокровищница всего общества, народа (совокупность духовных и культурных ценностей)

  • Онтон үтүө аат - үйэлэр да тухары өлбөт-сүппэт күндү кыл аат.
    Суорун Омоллоон
  • Саха тылын үөрэтиигэ уһулуччулаах кылаатынан Э. К. Пекарскай "Тылдьыта" буолар. СЛСПҮО. Тыл - сир курдук бары норуокка үллэһиллибэт уопсай кылаат буолар
    СОТТЛ

7 аат тыл #

кылаас IV диэн курдук. "Оттон кылааппытыгар үс сүүс түүтэхтээхпит дии, үһүөйэх киһиэхэ тиийээ ини", - диэтэ Ыстапаанньыйа. Күндэ. Саламаат бурдуга гынаары оҕонньор кылаатыттан уон түүтэҕи сүгэн аҕаалтын куоластаан, хатаран, кэлиилээн, көтүтэн бэлэмнээбитэ. Болот Боотур

II

8 аат тыл #

Уопсай дьыала иһин бэйэ үлэтинэн туһалааҕы оҥоруу, киллэрии

Нууччалыы Вклад (что-л. ценное, внесенное в какое-л. общественно значимое дело, в науку, литературу)

  • Саха сирин учуонайдара фундаментальнай уонна прикладной чинчийиилэрэ сэбиэскэй уонна аан дойдутааҕы наука сайдыытыгар кылааты киллэрэллэр.
    ХС
  • Киһи барыта ханна да үлэлээбитин иһин бэйэтин тус кылаатын киллэриэхтээх. ПА. [Хампаһыытар] ол үлэлэрэ саха профессиональнай муусуката сайдыытыгар боччумнаах кылааты киллэрэллэр
    Кыым

«К» буукуба