Перевод с якутского
от
аат тыл
Нууччалыы трава.
English grass, hay
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сымнаҕас, синньигэс умнастаах күөх өҥнөөх сэбирдэхтээх эбэтэр сибэккилээх биир сыллаах үүнээйи
Нууччалыы Трава. Дулҕалаах куулатыгар от үүнэн-үүнэн баран сыппыт. Амма Аччыгыйа. Ити дьыл саас баабыр диэн хара тараах ойуулаах, кугас дьүһүннээх сүдү улахан кыыл кэлэн, кур окко дугуйданан, уйаланан сытан, тиҥэһэ ынаҕы сиэбит үһү диэн ынырык сурах Уодай аҕатын ууһугар чаҕылҕанныы тарҕаммыта. "Кыым"
2 аат тыл #
От үлэтэ (охсуу, мунньуу, бугуллааһын, кэбиһии)
Нууччалыы Сенокосные работы
Сайын биир бэрт кураан күн Талкы оҕонньор -- отугар барда.
КүндэСаха киһи отугар барда, Сардаҥаны кытта турсан С. Данилов
3 аат тыл #
Кэбиһиилээх от
Нууччалыы Стог. Ыарҕалаахха обургу төгүрүк от түстэммитэ. Күннүк Уурастыырап. Буһурук куйаастар кэҥсээрдилэр, Бугуллар, оттор элбээтилэр. С. Васильев
4 этии #
От атах - синньигэс, олус синньигэс атахтаах Куобах оҕотунуу хап-харанан төгүрүччү көрбүт харахтаах, от илии, от атах кырачаан Аанчык бииртэн улаханнык куттанар. В. Иванов
Нууччалыы Тонконогий
5 этии #
Быар от түөлбэ. - гречихаларга киирэр от үүнээйи Быар оту, кииһилэни, сир аһын сүөгэйгэ, тарга. үүккэ булкуйаллара. ПНЕ СТ. Окко киир - от үлэтин (охсууну) саҕалаа. Θ Начать сенокосные работы. Арамаан Хабырыллалыын отторугар киирдилэр. Амма Аччыгыйа. Онтон кэлэн билигин, Окко киириэх иннинэ, Сайын бэрдин, кэрэтин Санаа хоту атаарар. Күннүк Уурастыырап.
Нууччалыы Горец сибирский
Этиилэр
От атах (сото)
хаппыт отунан киһини үтүгүннэрэн оҥорон баран таайыы оонньуу.
Название игры-гадания с помощью травы.
Оннооҕор от атах (сото) иччилээх (өс хоһ.). От үлэтэ - от хомуурун (охсуу, мунньуу, бугуллааһын, кэбиһии) үлэтэ. Сенокосная страда, сеноуборочные работы. "Дьоннор отторун үлэтин бүтэрээри гынан эрэллэр, тур!" - диир. Саха фольк Миэхэ кэлэн от үлэтигэр төһө көмөлөстүҥ этэй? МНН. От үрэх - көҥүһэ суох оттонор дэхси ньуурдаах үрэх. Травянистая речка, с обильно поросшими травой берегами. Талбаарда от үрэх талаҕа - Тараҕай сиригэр тиийдибит. С. Тимофеев
Өссө холобурдар (3)
От ыйа - сыл сэттис ыйа (от үлэтэ үгэннээн барар ыйа). Месяц июль. От ыйын уу-чуумпу, күөх түүнэ Оһуордаах суорҕанын тиирбитэ. Күннүк Уурастыырап От ыйын бастакы аҥаара сыралҕан куйааһынан сырайан, лыҥкынас кураан күннэр турдулар. М. Доҕордуурап Сыыс от - культурнай үүнээйи быыһыгар үүнэр туһата суох оттор, ону тэҥэ суол кытыытыгар, ходуһаҕа о. д. а. сиргэ үүнэр, сүөһү сиэбэт ото. Сорная трава. Юля эриэппэ сыыс отун ыраастаабыта. КИИ СТ-2. Др. -тюрк., тюрк. от