Перевод с якутского
киэп-киэли
аат тыл
Нууччалыы внешний вид чего-л., наружность, состояние
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох эмэ тас көстүүтэ, тас быһыыта-таһаата, көрүҥэ
Нууччалыы Внешний вид чего-л., наружность, состояние
Дьокуускай куорат киэбэ-киэлитэ тупсуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйыаҕа.
П. ОйуунускайБу дойду киэбин-киэлитин хамсаталлар, тордуйалаах уу курдук долгуччу үктүүллэр.
Суорун ОмоллоонСир-халлаан киэбэ-киэлитэ уларыйбыта В. Протодьяконов
2 аат тыл #
Киһи быһыыта-таһаата
Нууччалыы Телосложение, фигура, комплекция
Саха тылыгар -- быһыыны-таһааны, киэби-киэлини көрдөрөр эпиитэт элбэх, холобур: мөлбөрдүүр, мөлбөрөҥнүүр -- эҥин диэннэр.
Күндэ[Баһылай төһө да кырыйдар] санна кэтирээн, түөһүн, илиитин быччыҥнара күүрэн-эриллэн, тэтиэнэх киһи киэбэ-киэлитэ баар диэтэҕиҥ В. Гольдеров
3 аат тыл #
Ким, туох эмэ дьүһүнэ-бодото
Нууччалыы Внешний облик как проявление внутреннего состояния человека, животного
Айаммын тулуйумуна киэпкин-киэлигин хамнаттаргын эрэ, Уот байҕал өҕүрүйэн ылыаҕа - ону сэрэн-сэрбэн. Ньургун Боотур. Чаабый Натааһа киэбэ-киэлитэ уларыйан, ынырыктаах ыар дьүһүннэнэн, Маайа диэки көрүтэлээн кэбистэ. Эрилик Эристиин Кыыл кыыһыран киэбэ-киэлитэ уларыйбыт. Сири-буору батарыта тиҥилэхтиир. В. Бианки (тылб.)
4 этии #
Нууччалыы Бескрайний, не имеющий видимых пределов
Киэбэ-киэлитэ биллибэт - улаҕата көстүбэт, муҥура суох Саха киэбэ-киэлитэ биллибэт киэҥ дойдутун уһаты-туора айаннаабыт киһи. Амма Аччыгыйа Кэтит нэлим илгэлээх, Киэбэ-киэлитэ биллибэт, күөх солко тыа барахсан!
Суорун Омоллоон[Эр дьон] ыраах, киэбэ-киэлитэ биллибэт киэҥ тайҕа устун бултуу тарҕастылар. Н. Заболоцкай