ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэли

аат тыл

Нууччалыы вместилище, внутреннее пространство. [Борохуот аал] Киэбэ биллибэт киэҥ Киэлитин иһигэр Кэмэ суох элбэх Киһини киллэриннэ

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туох эмэ ис киэҥэ, ис киэбэ

Нууччалыы Вместилище, внутреннее пространство. [Борохуот аал] Киэбэ биллибэт киэҥ Киэлитин иһигэр Кэмэ суох элбэх Киһини киллэриннэ

  • Саалар тыастарын халыҥ сис тыа бэйэтин киэлитигэр дьөлө эҕирийэн ылла.
    Эрилик Эристиин
  • Куртах киэлитин түгэҕэр аҕыйах дьэҥкир куртах аһыыта дьалкылдьыйар
    АВТ ГСЭ

2 аат тыл #

Туох эмэ киэҥ нэлэмэн иэнэ

Нууччалыы Широкое, пространство, просторы чего-л

  • Киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитэ кэҥээбитэ, киэркэйбитэ.
    Далан
  • Эйэ! Аан дойду кэтит киэлитигэр кэрэтик иһилиннин ити тыл. Эллэй. Истиэп киэҥ нэлэмэн киэлитин кыһыл көмүс сэлиэһинэй муоратыгар кубулутуохтара. БТТ. Тахсабын Туут хайыһарбын иилинэн Туундара киэҥ киэлитигэр, Саҥа суол тэлэн
    ХС

3 аат тыл #

Киһи иһэ

Нууччалыы Живот человека, брюхо, чрево, утроба

  • Кини бэйэлээх, Киэлитин киэптээтэ, Киэбин кэбэлиттэ.
    А. Софронов
  • Дьэ, мин бэйэлээх, киэҥ киэлим бэркэ киэптэннэ, уҥуоҕум-сүһүөҕүм олус ыараата.
    Күннүк Уурастыырап
  • Киэли -- монголлар былыргы тылларыгар ис (живот) диэн эрэ өйдөбүллээх эбит
    Багдарыын Сүлбэ
Өссө холобурдар (3)
  • анат. Дьахтар уонна тыһы харамай ууһатар уоргана; оҕо үөскүүр миэстэтэ. Θ Матка. Дьахтар барахсан баара -- Киһи киһи буолбут Киэҥ киэлитин иһигэр [эр киһи сиэмэтэ] Булдьугуруу тэптэ.
    П. Ойуунускай
  • Киэҥ киэлитин иһигэр -- оҕо мөҕүстэ.
    П. Ойуунускай
  • Прикладынан кырбаабыттара да, -- кини киэлитин иһинээҕи оҕону өлөрбөтөх эбит
    В. Васильев

4 аат тыл #

Туох эмэ эйгэтэ

Нууччалыы Среда, пространство; сфера

  • Мин куоракка киирбитим -- устудьуон олоҕун киэлитигэр киирбитинэн барбытым.
    А. Бэрияк
  • Андрей Саввич -- саха ускуустубатын бүтүн аан дойду киэҥ киэлитигэр таһаарда.
    ХС
  • Олоххо Кынтаяров курдук киһи наада буолбута. Ким эрэ биһигини урукку чычырбас хааттан киэҥ киэлигэ таһаарыах тустаах этэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. эйгэ. Бур. хээли

5 этии #

Киэҥ киэлилээх - моҕус, аһастаах киһи

Нууччалыы Обжора, прорва

«К» буукуба