Перевод с якутского
кудук
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы неполный, недостаточный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
, эргэр. Быһаҕас, толорута суох
Нууччалыы Неполный, недостаточный
Бу мээрэй арыый кудук
2 этии #
Нууччалыы Не наедаться, никак не насыщаться. [Өһөх Харбыыр] Айаҕынан аччаан -- Луо-бээгэй оҕустарын -- Кута-нуора ынахтарын, Кудуга туолбакка, Хомуйан сиэн, Хойутаатаҕа буолуо
Кудуга туолбат - туохха да топпот, сөп буолбат
П. ОйуунускайКудуга туолбатах, Кулахайа хараабатах, хап гынар хаппардаах, Түп гынар түптүрдээх -- Хотуннаахтар эбит.
П. ОйуунускайКудугун тоҕор (тарҕатар, таһаарар) - мунньуллубут, тууйуллубут санаатын-оноотун, кыһыытын-абатын таһаарар, тарҕатар (хол., ытаан, ыллаан, этэн-тыынан, күүлэйдээн о. д. а.). Θ Рассеять грусть, печаль (плачем, песней, рассказом и т. д.), вволю выплакаться, облегчить душу плачем. Кини, дьиэтигэр тиийэн уордайбыта уҕараан баран, Акимовы булан кудугун тохто. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (3)
Тэһийэн-тулуйан олорботох хоноһолор ханна эрэ, атын сиргэ баран, "көрүлээн" кудуктарын тоҕон баран, түүн төннөллөр. Д. Таас Кудуккун таһааран, аны санааҥ көннө ини, тукаам! Билигин дьэ оҕускун миин уонна көрдөөх-нардаах тойугу тардан кэбис. С. Сарыг-оол Тэҥн. таҕылгын тарҕат
3 аат тыл #
Куртах
Нууччалыы Желудок. Хотун Кутуй Куораһыйар кудугуттан, Уорааннаах уораҕайыттан Уоттаах холорук Умса ытыллан түстэ. П. Ойуунускай. Улуу Куктуй хотун Уорааннаах кудугуттан олорбуппут оччо дэтэр омуннаах уот холорук Умса уһуутаан түстэ. П. Ойуунускай
4 аат тыл #
Туох эмэ ис киэҥэ, киэбэ-киэлитэ
Нууччалыы Вместилище чего-л
Үлэһит дьон кини [Бүлүү өрүһүн] дириҥ далай кудугар Үйэҕэ көрбөтөх көһөҥө таастарын куттулар. Эллэй. Хахыйах чаппатын Сааскы халаан уу Күлтэйэр күөл улуу Кудугар таспыта. Эллэй. Ср. мнт худух 'благословение, святой, священный'
5 этии #
Этиилэр
Аар Кудук Мас көр аал III
Аҕыс иилээх-саҕалаах Атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдуларын Хаба ортотугар Аҕыс Салаалаах Аар Кудук Мас үүммүт эбит. Ньургун Боотур. Аҕыс салаалаах Аар Кудук Маспыт Айгырыы чэлгийэ үүнүөхтүн. С. Зверев