ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куду

аат тыл, сыһыат, аат

Нууччалыы солончак, солонец

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Тураҥ буор, туустаах буор

Нууччалыы Солончак, солонец

  • Сүөһүлэрбит алаас кудутун буланнар, арахпат буоллулар.
  • [Буур тайах] хаа-дьаа тууска наадыйан кудуга киирэр.
    Н. Босиков
  • Таба даҕаны, атын да хамсыыр харамай барыта кудуну таптаан сиир, салыыр. Багдарыын Сүлбэ. Эвенк. куду
II

2 #

сыһ

  • Саһыл үктэммит суолун ойоҕоһугар оҥхой хаһан баран суолун саамай аннын куду хаһыллар, ол кэнниттэн хапкааны иитэн ууруллар. ТСКБ. Суол анныгар баар хаар, бөрө суолга кыратык да үктэннэр эрэ дьөлө түһэн хапкаан тэриэлкэтигэр үктүүр гына оччо чарааһыгар диэри куду хаһыллар
    КГП ББНь

3 #

Туох эмэ (хол., хаар, буор) аннынан киһи билбэт курдук кистии-саба; дьөлө (хас)

Нууччалыы Тайком, незаметно, неприметно; очень осторожно (напр.. подкопать)

4 #

Эрчимнээхтик, харса суох, супту; тохтоло суох

Нууччалыы Стремительно, быстро; без промедления

  • Петровскай куду хааман киирэн тырыбыынаҕа тахсар.
    Н. Якутскай
  • Кини иирэлэрдээх хонуу устун, куду соҕус хааман истэ.
    А. Сыромятникова
  • Самасыбааллар кэллэхтэринэ, экскаватор чоҕу куду кутан иһэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. ходы 'вниз, находящийся ниже'

5 этии #

Нууччалыы Подсунуть кому-л. что-л. (быстрым движением), тайком, скрытно, незаметно

  • Куду ас - 1) киһиэхэ тугу эмэ саҥата-иҥэтэ суох, кистии-саба биэр Оҕонньор киниэхэ кэһиилэнэн кэлбит улахан балыгын куду анньар.
    И. Данилов
  • Баҕар, луохтуур сөбүлэһиэ, оччоҕо тута куду анньан биэрэргэ харчы наада этэ.
    Д. Таас
  • Лаана ааһан иһэн, аҕатын илиитигэр "Огонек" сурунаалы куду анньан баран, эмиэ көрүдүөргэ элэс гынан хаалбыта. В. Гаврильева; 2) түргэн хамсаныынан бэйэҕиттэн тэйитэ сыҕарыт. Θ Сдвинуть, отодвинуть (быстрым движением). [Сүөдэр] -- туос бытархайын уматан түрдэс гыннарда да, чохчотун аҥаар кытыытыгар куду анньан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
  • Кыыс, миискэлээх чэйин тобоҕолоон, иннин диэки куду аспыта.
    П. Аввакумов
  • Ньургун -- тимир оһоҕор маһын тобоҕун хаалаан биэрээт, чаанньыгын үөс диэки куду аста.
    ЭК
  • Куду харбаа - 1) тугу да ордорбокко, хаалларбакка ыл, былдьаан ыл. Θ Забирать, отнимать, отбирать что-л. у кого-л. без остатка. Тугу оҥорбутун барытын хаһаайына куду харбыыр буолан, кулут таһаарыылаахтык үлэлииргэ интэриэһэ суоҕа. КФП БАаДИ. Баайдар элбэх сири куду харбыыллар, -- оттон дьадаҥылар үктэнэр да сирдэрэ суох. АЕВ ОДҮИ. Пепеляев дьоно омукка күрүүллэригэр үгүс үбү-баайы куду харбыырга кыһаллыахтара. "ХС"; 2) тугу эмэ түргэн хамсаныынан, биллибэтинэн тутан ыл. Θ Схватить, подхватить что-л. незаметно, быстрым движением. Хотой -- Куба кыылбар куугунаан түстэ, Кучугуруу-кучугуруу куду харбаата. Ньургун Боотур. Куораан далай ытыспынан Куду харбааммын Кууһуулаах иһэбин.
    П. Ойуунускай
  • [Кутуйах:] Куду харбыыр сахха Куоска куттуо суоҕа, Кутум куртахпар түһэрэ уурайдаҕа. В. Чиряев

«К» буукуба