ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киччим

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы недостаточный, скудный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Аҕыйах, кэмчи, нуормаламмыт

Нууччалыы Недостаточный, скудный

  • Мас кэрдэр сахалар киччим харчыларыттан, дьахтары аһынан, ким төһөнү кыайарынан суолга туттарыгар үбүлээбиттэр. Нэртэ. Арай үөрүүттэн-дьолтон эрэ киччим сырдык таммах, өлбөт мэҥэ уутунуу кэмчитик бычалыйыа
    Н. Абыйчанин
  • Кырыымчык, тиийбэт-түгэммэт (кэм туһунан). Θ Бедный, скудный, нищенский; тяжкий (о времени). Минньигэс этэ чэйим Миэхэ ол киччим кэмҥэ.
    С. Тарасов
  • Үп-ас өттүнэн маннык киччим кэм муҥутаан турдаҕына, баартыйа бүрүөтүгэр боппуруос бэлэмнээн киллэрбиттэрэ
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
  • Былдьаһыктаах, ыксаллаах, тиэтэллээх (кэм туһунан). Θ Напряженный, критический (о времени). Мүччүргэннээх киччим кэмнэр! Былдьаһыктаах түгэннэр!
    П. Тобуруокап
  • Буостаны тарҕата охсуохха наада этэ. Өлүү түбэлтэлээх, ол киччим кэмҥэ Сикорскай оҕонньор эмиэ "амсайан" кэбиспитэ. Тулхадыйбат д

2 даҕааһын #

Кэлиитэ-барыыта суох, бүөм, чуумпу

Нууччалыы Уединенный, укромный

  • Киччим ойуур иһигэр, Ким да билбэт сиригэр -- Ааккын кистээн ааттыыбын.
    Д. Дыдаев
  • Ким эрэ Киччим хоһум түннүгүн Топ-топ Тоҥсуйан тобугуратта.
    В. Миронов
  • [Семен Петрович Данилов] күһүҥҥү киччим айылҕа биир көстүүтүн сонун баҕайытык биэрэр
    М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (2)
  • Бириэмэлэрэ олус киччимэ күһэйэрэ, халлаан сырдыан иннинэ инники кирбиини төттөрү туоруохтаахтар.
    В. Башарин
  • Бириэмэ киччимиттэн үгүһү кэпсэппэккэ, кэлин суруйсуох буолан, аадырыстарбытын эрэ бэрсиспиппит
    Н. Абыйчанин

3 даҕааһын #

Искэр тута сылдьар истиҥ, кистэлэҥ (хол., санаа туһунан)

Нууччалыы Сокровенный, заветный (о мысли); укромный (о месте)

  • Киччим санаалаах.
  • Дууһа киччим муннугуттан тыллар олох эрэлэ.
    П. Тобуруокап
  • Анятын кытта холбоһоот [харыйаны] Аҕалан үүннэрэр, Айгыратар-силигилитэр Анал киччим ыралаах этэ.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Өлөксөй -- кинилэргэ чугаһыыр киччим санаалааҕа
    В. Титов

4 аат тыл #

суолт. Туох эмэ тиийбэтэ, кылгаһа, эрдэттэн быһыллыбыта (үксүн кэм туһунан)

Нууччалыы Нехватка, недостаток (преимущественно о времени)

«К» буукуба