Перевод с якутского
киэр
Нууччалыы оттолкнуть, отпихнуть от себя
1 #
киэр ас - биир түргэн хамсаныынан бэйэҕиттэн тэйитэ сыҕарыт, үтүрүйэн кэбис
Нууччалыы Оттолкнуть, отпихнуть от себя
Валентин Петрович кэлэн кууһаары гыммытын Клавдия Михайловна киэр анньар. Н. Якутскай Ааныһы ылан киэр анньан кэбистэ.
КүндэТуманов илиитин киэр аста. Н. Габышев
Өссө холобурдар (36)
Киэр бар - хантан эмэ бара оҕус, бара тарт, дьүгэлий. Θ Уйди прочь, с глаз долой. Киэр баран Кэбэлийэ охсуохха.
П. Ойуунускай[Далбарай:] Бар, киэр бар, икки харахпар көстүмэ, хара ыт! Н. Неустроев - "Күлүү-элэк оҥосто киирбит буоллаххына киэр бар, таҕыс!" Н. Якутскай Киэр буол - киэр бар диэн курдук. [Ньукулай:] Киэр буол, икки харахпар көстүмэ, хара ыт! А. Софронов Бар, киэр буол, сыакаар! - диэн киһитин сынньаары -- холдьоҕон таһаарбыта. Күннүк Уурастыырап [Хаҥыллай:] Эн бэйэҥ киэр буол, бэйэҥ дьүгэлий. Манна мин дойдум, мин төрүт буорум. И. Гоголев Киэр бырах (быраҕылын) - 1) тугу эмэ эмискэ, туора элит, илгэн кэбис. Θ Выбросить, отбросить прочь. [Светлана] абааһы көрөн, сиргэнэ-сиргэнэ үөнү ылан киэр бырахпыта; 2) көсп. үүрүлүн. Θ Быть отброшенным назад, изгнанным. Кэлбиттэр киэр быраҕыллан, Турбуттар тосторун ылан, -- Өстөөхтөргө күрэнэллэр. И. Эртюков Ити кэмҥэ Монголияҕа Сэбиэскэй Арассыыйаттан киэр быраҕыллыбыт үрүҥ гвардеецтар этэрээттэрэ хорҕойбуттара. И. Федосеев Киэр гын - кими, тугу эмэ суох гын, хомуй, ханна эмэ илт. Θ Убирать прочь с глаз, чтоб не видеть и не слышать. Бу сатананы киэр гын... Бэҕэһээ Трофимовтаах кыыстарын илиитин быһа хаба сыста диэн, бу ытынан сылтаан миигин мөҕөн эрэллэр. Амма Аччыгыйа Суолбуттан киэр гын төрүт Хоргус, албын доҕоттору. И. Гоголев Киэр диэ - аккаастаа, буолунума. Θ Отказать кому-л. в чем-л. Билигин да мин, оо, күндү доҕоруом, Бэйэҥ эрэ тэйитэн киэр диэбэтэргин, -- Баарбын барытын биэрэргэ бэлэммин. С. Данилов [Матаҥныырап] Айталыынаны кытта кэккэлэһэ олордо, ону Айталыына киэр диэбэтэ. В. Протодьяконов Лунин бэйэтэ даҕаны уон иккилээх уолу кытта уһуннук ыаһахтаһарын киэр диэбэт этэ.
И. ТургеневКиэр илгэр - тугу эмэ бэйэтиттэн халбарытар курдук, эрчимнээхтик туора элитэн кэбиһэр. Θ Отбросить, отшвырнуть прочь, выкинуть что-л. Тигэн эрэр этэрбэһин Тиэтэлинэн киэр илгэн, Ньилбэктэрин тэбэнэн, Дьэбдьиэй туран кэлбитэ. Күннүк Уурастыырап Даша -- сиргэммит курдук, сону киэр илгэн кэбиспитэ. Амма Аччыгыйа Михаил Иванович, суруйа олорор уруучукатын илиитин таһынан киэр илгээт, ойон турда.
Н. ЛугиновКиэр кыйдаа - киэр үүр диэн курдук. Сэттэ уон сааспытын туолларбыт даҕаны, Киэр кыйдыы сатыахха кырдьыбыт санааны! Эллэй. [Өлүөнэ халаана] Бөхтөөх мууһу киэр кыйдыыр Муҥутуур айанынан. С. Данилов Атаанныыр, амньыалыыр, Аанньа аһаппат. Дьиэтиттэн киэр кыйдыыр, Аһыммыт аҕата. Баал Хабырыыс Киэр кэбэлий - киэр бар диэн курдук. [Муустаах муора - Өлүөнэҕэ:] Кэһиигин кытта Киэр кэбэлий!
Өксөкүлээх Өлөксөй- Ол дьөлө түһэн сылдьыбыт сиргэр сырыт, аны икки харахпар көстүмэ, киэр кэбэлий! Н. Якутскай - Оттон, эн эмээхсиэн, манна дьону бутуйума, киэр кэбэлий, дьиэҕэр бар! А. Сыромятникова Киэр тип - сирэн кэбис, ким эмэ тугу эмэ эппитин ылыныма. Θ Отвергать, отметать. [Унаарап] министиэристибэ бу тутууну сопхуоска былаанныырын саҕана манна баара эбитэ буоллар -- киэр тибиэ эбитэ буолуо. С. Никифоров Бу тезиһи ГФР атын дойдулардааҕы дьыалатын миниистирэ киэр тибэр. ПА. Биһиги өбүгэлэрбит-- саха киһитин сиэрин-майгытын киэр тибэр эрэ киһи хоноһону холдьоҕуон сөптөөҕүн курдук саныыллара. "Кыым". Киэр уур (уурталаа) - тугу эмэ туора уур, уурталаа. Θ Отложить, отставить в сторону что-л. Иһиттэрин киэр уурталаабыттар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Эр киһи -- икки куобаҕы хостоон киэр уурталыыр. У. Нуолур [Оҕонньор:] Кинигэни киэр ууран, Дьэ, сүүр, биллэр убайгар. А. Абаҕыыныскай Киэр үүр - кими, тугу эмэ (хол., санааны) үүрэн, кыйдаан кэбис. Θ Гнать прочь кого-что-л., отгонять. [Санааны] бэйэтиттэн киэр үүрэ сатыыр да, санаа сахсырҕа курдук арахсыбат. Амма Аччыгыйа [Өрүүскэ:] Холкуостан киэр үүрүөххэ баар эйигин.
КүндэБиһиги аармыйабыт -- өстөөҕү эмсэҕэлэтэн, утары атаакалаан киэр үүрэр. С. Васильев Киэр элит - тугу эмэ илииҥ таһынан туора, ыраах садьыйан кэбис. Θ Отбросить, откинуть, отшвырнуть. [Оҕо] бэргэһэтин соһуйбут курдук киэр элиттэ.
Суорун Омоллоон[Алаарап] ботуоҥкатын киэр элитээт, икки илиитин быластаабытынан умса түстэ. Л. Попов Куосканы илиитин таһынан киэр элитэн кэбиспитэ, дьиэ ортотугар тиийэн тура түстэ. И. Никифоров Киэр эс - 1) тугу эмэ бэйэҕиттэн тэйитэн өрө күөрэтэн быраҕан, элээрдэн кэбис. Θ Выбрасывать, выкидывать; отбрасывать, откидывать. Атырдьахтаах отун киэр эһэн үрэл гыннараат, оҕонньор -- күрүөҕэ иҥнэ биэрдэ. Амма Аччыгыйа [Көстөкүүн] харчытын Мэхээлэ диэки кэлэйбиттии киэр эстэ. Күндэ; 2) көсп. Кими, тугу эмэ суох гын, эһэн кэбис. Θ Уничтожить, ликвидировать, искоренить. Эмиэ эргэни киэр эһэр Истиҥ биир иэйиилээхпит. С. Данилов Ээй, эһиги холкуостар, киэр эһиҥ эргэ олох эмэҕирбит силиһин. П. Тулааһынап Ньиэмэс хааннаах ыттарын сир сирэйиттэн киэр эһиэхпит. ИИФ УС. Киэр этин - туохтан эмэ аккаастан, буолунума. Θ Отказаться от чего-л. "Эргэ олохтон киэр этиниэҕиҥ". Амма Аччыгыйа Ньукулай Дорогуунап маҥнай байартан да киэр этиммэт. ФЕВ УТУ. Ленскэй сиэртибэ буолта... Мин Онтон сүрэҕим ыалдьан, ытаан, Туох баартан киэр этинэммин, Дьонтон тэйбитим.
А. ПушкинСр. саг. кедэр, хак. кидер 'запад, на запад; в сторону'
2 этии #
Киэр хайыс - кимтэн эмэ кэлэй С. Ефремов
Нууччалыы Отвернуться от кого-л., разочаровавшись. [Киирик:] Бу көмүһү бэйэбэр иҥэриннэхпинэ туох буолабыный? -- Төрөппүт оҕолорум киэр хайыһыахтара