ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

араар

туохтуур

Нууччалыы отцепить, освобождать от чего-л

English to divide, to separate

Ис хоһооно · 13

1 туохтуур #

ан эмэ төлөрүт, босхолоо

Нууччалыы Отцепить, освобождать от чего-л

  • Муҥхаһыт уолаттар арааран муҥнана сатаабыттар да, баҕадьыларын кыайан ылбатахтар.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Силиппиэн] буруоттан кыйдаран кумаар арыый хаптайбытын кэннэ илимнэрин бэрийдэ, иирсибиттэрин араарда. Софр. Данилов. “Туһахтан тыыннаах куобаҕы бэркэ сэрэнэн араарыллар куолута”, - диэн [аҕам] үөрэттэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Ким, туох эмэ ситимин, холбоһуутун быс, тохтот

Нууччалыы Разьединять, приостанавливать

  • Чаанньыгы розеткаттан араар.
  • Лидия, саннын хамсатан, уол илиитин араарда.
    А. Федоров
  • [Арыйааннаах Эльвира] тутуспут илиилэрин, аһаҕас аанынан дьиэҕэ эрэ киирэн баран, араардылар
    Л. Попов

3 туохтуур #

Кимтэн, туохтан эмэ тэйитэн, туспа тут (хол., оҕону, ньирэйи)

Нууччалыы Отделять, отнимать от кого-чего-л. (напр., ребенка, теленка)

  • Биир саастаах кыыстарын эмиийиттэн араардылар.
  • Чэ, бу оҕоҕун бэйэҕиттэн араар! Таҥын!
    Эрилик Эристиин
  • Пиэрмэ быйыл аан маҥнай ньирэйи ынахтан араарбыта.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тиий да торбосторгун ийэлэриттэн араартаа. Араардаххына, эбии аһылыгы кичэй
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Бэйэ-бэйэлэриттэн тэйит, икки аҥыы ыыт

Нууччалыы Разделять, разлучать

  • Сэрии будулҕана Миитэрэйдээх Ньукулайы араарбыта, тус-туспа сэриилэспиттэрэ.
  • Биһиги холкуоска аҕа уустаһыытынан киирэн аймаатылар, икки аҥыы араардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кырдьык кыайыылаах сатата, Сырдык сытыы ыҥырыыта, Саҥа олох киэҥ хардыыта Биһигини араарбыта
    С. Данилов

5 туохтуур #

Туох эрэ биир кэлимиттэн ханнык эрэ чааһы босхолуу быс, ылан кэбис

Нууччалыы Отделять часть от общего

  • Оҕонньор ат илин атаҕын сүһүөҕүнэн араарда.
  • Тылы сүһүөхтэринэн арааран көһөрүллэр: холобур: ту-ру-йа, ха-ры-йа-лаах, хо-луо-дьас.
    СТ С

6 туохтуур #

Кимнээх эмэ кэргэннии буолалларын быс; кэргэнниилэр олохторун үрэйэн, биирдэрин бэйэҕэр тарт

Нууччалыы Развести какую-л. супружескую пару; разрушить семью и увести кого-л. из них

  • Татьяна Октябрина диэки кытаанахтык көрөр: "Дьэ, милииссийэ кыыс, миигин ити оҕонньортон араар. Мин аны кинини кытта олорбоппун".
    М. Попов
  • [Сибиэтэ оҕоҕо:] Ол эрээри, табаарыс аатыҥ ким эбитэ буолла, миигин Захартан араараары гынныҥ.
    С. Ефремов
  • Сибигинэһии баар: эн Митяны Дораттан арааран эрэр үһүгүн
    Дьүөгэ Ааныстыырап

7 туохтуур #

Туох эмэ хам сыстыбытын, тоҥмутун хоҥнор

Нууччалыы Отделять что-л. прилипшее, примерзшее

  • Дьөгүөр ойбон хаппаҕа хам тоҥмутун нэһиилэ араарда. Сиэстэрэ кыыс, хата, бэрэбээскэбин ыарыыта суох араарда

8 туохтуур #

Атын сиргэ туспа тут

Нууччалыы Отделять, держать отдельно в другом месте

  • Икки сыллааҕыта “Ыраас олох” уопсастыбата тэриллэн, ыраастык туттар, хотону дьиэттэн араарар туһунан үлэ барар эбит
    А. Бэрияк
  • Тугунан эмэ быыһаа, күрүөлээ. Θ Разделять, перегородить чем-л. Оһох чанчыгыттан саҕалаан, киһини түөһүн тылынан бадахтаах, титирик быыс дьиэни хотонтон араарбыт
    Р. Кулаковскай

9 туохтуур #

Кими эмэ ордоро, чорбото көр

Нууччалыы Выделять кого-л. одного из группы людей

  • Эдэр тустууктартан ордук Петрову араарабын

10 туохтуур #

Ким-туох эмэ уларыйыытын, уратытын өйдөөн көр, быһаар (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Различать, отличать изменение, специфическое свойство кого-чего-л. (чаще употр. в отриц. ф.)

  • Киһи киэһэтин, күнүһүн ситэ кыайан араарбат буолан эрэр.
    Н. Заболоцкай
  • Кини күнү-дьылы бу диэн араарбат.
    И. Федосеев
  • Иккиһин этэбин, таптал баай-дьадаҥы диэн араарбат, баайы-дьадаҥыны киһи бэйэтэ булар.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)

11 туохтуур #

Сүөһү, мал-сал өлүүлээн туспа ыыт

Нууччалыы Отделять, обособлять, выделив долю из общего хозяйства

  • Биһиги дьоннорбутуттан бэйэбит өлүү сүөһүбүтүн арааран ылан баран, ол холкуос тэрилиннэҕинэ, онно киириэхпит
    Күндэ

12 этии #

Этиилэр

Илиигин араарбакка үлэлээ көр илии

  • [Яков Андреевич] Сэрии сылларыгар холкуостаахтары производствоттан илиилэрин араарбакка үлэлииллэрин тэрийбит эргэрбэтэх киһи.
    М. Доҕордуурап
  • Отделение экэниэмикэтэ сайдыытыгар билиҥҥээҥҥэ диэри илиитин араарбакка үлэлэһэ сылдьар, Афанасий Николаевич кыһыл көмүс кылаата улахан. “Кыым”. Кини [Семен Романович] күнү быһа илиитин араарбакка кабинетыгар үлэлииригэр ким барыта үөрэнэн хаалбыт.
    Н. Лугинов

Хараххын араарыма көр харах

  • Кэтириис киһи уҥуохтаах тумулга көхсүнэн олордо уонна оонньуу сылдьар оҕолортон хараҕын араарбата.
    С. Новиков
  • Аны Өлөксөй бу кыыстан хараҕын араарбата.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Ити отууга өттүгэстии түһэ сытар урдустар тоҕо эрэ киниттэн харахтарын араарбаттар. “ХС”

13 этии #

Этиилэр

Дьахтары араар көр дьахтар

  • Тыллаах-өстөөх Чоочугур Чуоҕур маҥан ат үҥэр миэхэ: дьахтаргын арааран илпиккин.
    Саха фольк
  • [Дьахтарын] арааран барар күнэ буолбут. ПЭК СЯЯ. Өлүүҥ-чааһыҥ баар буолуо, эн урукку да ойоххун, үчүгэй аҕай дьахтары араараары гынаҕын ээ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Ити, Уйбаан Сэмэнэбис диэн киһи Лэгэнтэй атыыһыттаах хамначчыт дьахтардарын эриттэн арааран сылдьар үһү.
    Н. Якутскай
  • Ол икки ардыгар, [дьахтары] арааран ылан баран күн бэҕэһээҥҥэ дылы ойох гына сылдьан баран, ити быраҕан кээстилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ср. др. -тюрк. ар ‘разъединить’.

Хол-буут араар көр хол-буут

  • Бүөтүр оҕонньор ынаҕы хол-буут арааран, тоҥоро уурда.
  • [Кыра быраат] өлөрбүт буурун сүлэн, хол-буут араартаан тэлэкэлиир. Эвен фольк. Ити уолаттар оҕону хол-буут араараары гыннылар

«А» буукуба