Перевод с якутского
хол-буут
аат тыл
Нууччалыы конечности человека и животных
1 аат тыл #
Киһи илиитэ-атаҕа; сүөһү, кыыл илин, кэлин атаҕа
Нууччалыы Конечности человека и животных
Харытыан кырдьаҕас кимиилээхтик аһыыр-сиир. Сылгы суор холото сыалаах ойоҕоһун кытта улар түөһүн, холун-буутун хадьырыйар. Л. Попов Бэттиэмэ оттоох ходуһабар, Бэдьэйэ сиэлэр налыыбар Хотуурданан куһуйдарбыан, Холбун-бууппун мускуйдарбыан... И. Федосеев Хол-буут күүрдэн сылгылар Ходьоҥноһо тардаллар С. Тимофеев
2 этии #
Нууччалыы Делить на части, разделывать (напр., тушу)
Этиилэр
Хол-буут араар
идэһэни, булду чаас-чааһынан эттээ Мицкевич хомунан таһырдьа тахсыбыта, хайыы-үйэ сылгылары өлөртөөбүттэр, хол-буут араартаабыттар.
Куобах этин кыра кэрчиктэргэ эбэтэр хол-буут арааран баран, кэтит эркиннээх чугуун иһиккэ угуллар. ТИИ ЭОСА. Арай биирдэ оонньуу сылдьан, "идэһэлэннэхпит" аатыран ол мас аты сүүскэ сырбатан охторон түһэрэн, хол-буут араартаан барбыппыт. ББ
Хол-буут ылыс (үллэһин)
өлөрөн баран тугун эмэ үллэһин, тугуттан эмэ тииһин.
Делиться добычей, иметь свою долю от добычи.
Күөстэрин өрөн бараннар Көрдөөх дьээбэ сааһыттар, Холун-буутун үллэстэннэр Кубаларын ыппыттар. И. Эртюков Оччо ыраах бултуу барсыбыт киһи хол-буут ылсар ини. НАГ ЯРФС II