Перевод с якутского
буут
аат тыл
Нууччалыы бедро, ляжка (человека,), задняя нога
English haunch, hock
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Киһи атаҕын эбэтэр сүөһү кэлин атаҕын такымыттан үөһэ өттө бүтүннүүтэ
Нууччалыы Бедро, ляжка (человека,), задняя нога (животного)
Онтон туран ынахтарын икки буутун сиэн, үс ыаҕас кымыһы иһэн малааһыннаабыттар. Н. Неустроев Байбал тоһоҕону оҕус хаҥас буутун туһунан суха ураҕаһыгар туора, чорбоччу саайан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Чүөчээски эмиэ быһыччатын ылан эһэтин буукка дьөлө аста, эһэтэ, куолутунан, хамсаабата
Суорун Омоллоон
2 аат тыл #
Ыстаан, баккы аҥар атахха кэтиллэр чааһа, аҥар сотото
Нууччалыы Штанина. Ыстаанын буута синньигэһинэн тойонноотохпуна эписиэр быһыылаах. Эписиэри “бочуоттаан” иккитэ ыттым. Т. Сметанин. Ыстаанын буута онон-манан дьөлүтэ умайбыт... И. Гоголев. Тюрк. бут, пут
3 этии #
Нууччалыы Во весь опор, во все лопатки (букв. чтоб бедро оторвалось)
Буута быстарынан - кыаҕа баарынан түргэнник, муҥ кыраай түргэнинэн Бөрөм миэхэ эргиллэн да көрбөккө, ойуур диэки буута быстарынан субурус гынан хаалла. Т. Сметанин Буут биэр (бэрдэр) - түргэнник куот, тэскилээ. Θ Быстро удирать, улепетывать, дать стрекача. Эһэм куттанан солуурчаҕын түҥнэри тэбээт, буут биэрбит. А. Федоров Муостаах таба буут биэрэр. Саарба, саһыл тэскилиир... М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Хаста даҕаны ойуур диэки буут биэрэ сыһа-сыһа тохтоотум. ХС Тэҥн. атахха биллэр. Буутун этэ буспут (муҥутаабыт) сиһин этэ сиппит - сааһын туолбут, улааппыт, сиппит, төлөһүйбүт. Θ Достигать полной зрелости, находиться в расцвете сил. “Буутун этэ бустаҕына, холун этэ хойуннаҕына, былыргы мин саҕа бухатыыр буолсу”, - диэн уурайан туран, киһитин хайҕаата. Эрилик Эристиин [Манчаары:] Ол туора улуус бастаахтара: “Чоочо кинээс тустууга баранан, сиһин этэ ситэ илик, буутун этэ буһа илик уу ньылбаҕай уолун туһуннарар”, - диэтэхтэрэ. В. Протодьяконов Алык бэргэн уйгу-быйаҥ олоххо түбэһэр. Буутун этэ муҥутуур, сиһин этэ ситэр. “ХС”
4 аат тыл #
, эргэр. Урукку ыйааһын кээмэйэ: 16 киилэ 380 кыраам
Нууччалыы Пуд. Ол уон муунта бурдугу ыстахха, бэйэтэ уон буут бурдук үүнэрин суоттаан сордоон баран, Көстөкүүн сөбүлэнэн, Миитэрэй сарсын барыах буолла. Амма Аччыгыйа. Доромоон көрдөһөр дуу, ааттаһар дуу киэбинэн: “Тойонуом, сэттэ буукка холоон ыллаҕыҥ дии, сэттэ бууттан итэҕэс тахсыа суоҕа”. Күндэ. Саха сирин холхуостара өҥ сылларга суудаарыстыбаҕа мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр буут бурдугу туттарар этилэр эбээт. П. Егоров
5 этии #
Буут сир эргэр. - сир (хол., бурдук сирин) иэнин кээмэйэ: 400 квадратнай саһаан, а. э. дэһээтинэ алта гыммыт биирэ. Буут сиргэ буут (16 кг) бурдук ыһыллара На этой площади сеяли пуд зерна. Буут сирэ диэн ааттаан, иккилии ыыра баттыыр хаамыынан уон саһаан туоралаах, түөрт уон саһаан усталаах тыаны мээрэйдээн солоторго кэпсэппитэ. Күннүк Уурастыырап. Биирдэ Сэмэн ол тыаҕа хара ойууру солоон үс буут сирин оҥостубутун Дэлиһиэй: “Мин тыабын күүһүнэн солоото”, - диэн үҥэн, көмүс биир харчыта суох ылбыта. Эрилик Эристиин
Нууччалыы Мера площади земли (напр., пашни): 400 квадратных саженей или одна шестая десятины