ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өттүк

аат тыл

Нууччалыы бедро

English hip, thigh; thigh

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы бедро

English hip, thigh; thigh

  • өттүк баһа
    головка бедраfemoral head
  • өттүк үүтэ
    впадина бедраhip socket

2 аат тыл #

Киһи (сүөһү) синньигэс биилиттэн буутугар диэри этин чааһын ойоҕос өттө

Нууччалыы Бедро, бок человека, животного

  • Өттүкпэр баар быһыччабын ыллым.
    Т. Сметанин
  • Атыыр оҕус сиргэнэн, муостаны үлтү лүһүгүрэтэн, эркиҥҥэ өттүгүнэн сигэнэ туора туран кэбистэ
    Эрилик Эристиин

3 этии #

Нууччалыы Ударил себя по бедрам (от удивления, неожиданности)

Этиилэр

Санна сайаҕас, өттүгэ үүттээх киһи көр сарын

  • Көр бу, дьиэлээх киһи! Санныҥ сайаҕас, өттүгүҥ үүттээх киһи эбиккин! Көрдөххө үтүө бэйэлээх үрүҥ уҥуохтаах киһи эбиккин! Ньургун Боотур.

Санна сайаҕас, өттүгэ үүттээх

ону-маны көрбүт-истибит дьахтар буолуо. Саха фольк. Өттүккэр имнэн - туора дьоҥҥо көрдөрбөккө эрэ соһуччу тосхойбут дьолгор, үөрүүгэр, кыайыыгар үөр.

Проявлять не заметные для других признаки удовлетворения, радости.

  • [Нүһэр Дархан:] Биһиги аймах, иирбит бөрөлөрдүү, Сырааммыт саккырыы-саккырыы, Хабарҕабытын хадьырыстахпытына, Өстөөхтөрбүт көрө-көрө өттүккэ имнэнсиэхтэрэ.
    И. Гоголев
  • Маннык килбиэннээх дьиэҕэ соһуччу түбэспит дьон быһыытынан, кулгаахха сибигинэһэн кэпсэтэллэр, өттүккэ имнэнэллэр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • өттүк харалаах көр илии. Тыаҕа таҕыстарбын эрэ үксүгэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирэбин.
    Ф. Софронов
  • Эгэлгэ булду дьаныһан эккирэтиһэр эрэ буоллаххына, илии тутуурданыаҥ, өттүк хараланыаҥ. Кэпсээннэр. Күбүрүнээтэргэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирбит киһи, бука, урукку ыйааҕын көтүртэриэ этэ. М. Доҕордуурап

4 этии #

Нууччалыы Головка бедра, верхний край боковой стороны тазобедренной кости

  • Өттүк баһа - өттүк үөһээ кырыыта Абааһы мунду баҕадьытын буорга булкуйбут курдук муус боодулан ыстаанын өттүгүн баһыгар диэри өрүһүнэ тардынан кээспит. ПЭК ОНЛЯ III. Санныҥ үрдүгэр дылы Саргы-дьаалыҥ салалыннын! Өттүгүҥ баһыгар дылы Өрөгөй талбаҥ үрдээтин!
    П. Ойуунускай
  • Өттүк баттан - илиигинэн (икки эбэтэр биир илиигинэн) өттүккүн баттана тутун (сылайан эбэтэр дьоһумсуйан, киэмсийэн). Θ Стоять, подбоченившись, подбочениваться. Хоппут киһи холобурунан Холун хамнатта, Хоҥкук гынна, Өтөрү көрдө, Өттүк баттанна.
    А. Софронов
  • Өттүк баттанна, Өндөх гынна, Үөннээх тыла Үөтэн барда, Суустаах тыла Субуллан барда.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Остуол туорайыгар өттүк баттанан олорор киһи дьоһумсуйа туттан олорон кыргыттары доппуруостаан барбыта.
    С. Никифоров
  • Өттүк үүтэ - киһи самыытын ойоҕосторун оҥхойо. Θ Вертлюжная впадина. Муус Солуонньай оҕонньор Өһөхтөөх хараҕынан Өттүгүм үүтүнэн Өтөрү көрүөхтүн. П. Ойуунускай

«Ө» буукуба