ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сарын

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы верхняя часть туловища с лопаточной костью и мышцами от шеи до руки, плечо (у человека); место ниже хачки с лопаточной костью, лопатка

English shoulder

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Киһиэхэ көхсүн үөһээ өттө, лаппаакытын уҥуоҕа сылдьар сирэ эҥил баһын кытары; сүөһүгэ арҕаһыттан аллара лаппаакытын уҥуоҕа сылдьар сирэ

Нууччалыы Верхняя часть туловища с лопаточной костью и мышцами от шеи до руки, плечо (у человека); место ниже хачки с лопаточной костью, лопатка (у животного)

  • Санныгар сүк. Ат ыҥыырга саннын астарбыт.
  • Кини хараҕа хап-хара, санна быгдыгыр, уҥуоҕунан кыра.
    Суорун Омоллоон
  • Соня сиилээбиттии төбөтүн санныгар кыҥначчы түһэрдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕо сиһин, иһин, саннын, түөһүн быччыҥнарын сайыннарарга сөптөөх үс-түөрт боростуой хамсаныыны оҥорторуллар. Дьиэ к

2 аат тыл #

Таҥнар таҥас киһи ити миэстэтин сабар өттө

Нууччалыы Часть одежды, облегающая плечи (у человека)

  • Сон санна.
  • Таҥас ыйыыртан санныгар икки кыракый сулустаах киитэлин ылан кэттэ
    М. Попов
  • Таня, хаста да кырынан, омурҕан чэйин уутун саннынан таһар. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Кулуба] дьиэтин суон бэрэбинэлэрин дьадаҥылар дар уҥуох сарыннарынан таспыттара
    А. Сыромятникова

3 аат тыл #

Төһүү эбэтэр туох эмэ төһүү чааһын тирэнэр сириттэн аҥар уһугар диэритэ

Нууччалыы Часть рычага (и в технике) от точки опоры до одного конца

  • Төһүү санна. Ыйааһын биир санна.
  • Көтөҕөр кыраан саннынан Көхөҕө иилэннэр Туоннанан курууһу таһаллар
    Күннүк Уурастыырап

4 сыһыат #

суолт. Көлөтө, тырааныспара суох көтөҕөн, сүгэн

Нууччалыы Вручную, на плечах (носить, таскать что-л.)

5 этии #

Нууччалыы Не иметь, что носить, не иметь одежды

  • Санна сайаҕас, өттүгэ үүттээх - аһаҕас сарыннаах, үүттээх өттүктээх киһи диэн курдук (көр аһаҕас). Санныгар кэтэрэ суох буолла - таҥнар таҥаһа суох буолла Эмээхсин, санныгар кэтэрэ суох буолан, Атын ыал оҕотун таҥаһыгар ымсыырдыҥ дуо?
    И. Гоголев
  • Санныгар сүк - туох эмэ кыһалҕатын, санаа эрэйин эккинэн-хааҥҥынан бил, эрэйдэн. Θ Испытывать, переносить тяжесть, горечь чего-л.; выносить на своих плечах. Үөрэхтэн матар ыарын мин бэйэм санныбар сүкпүтүм, түөспэр көтөхпүтүм.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин саастыы көлүөнэм уот сэрии ыардарын санныгар сүкпүтэ.
    ХС
Өссө холобурдар (7)
  • Санныгар таҥын кэпс. - таҥнар таҥастан. Θ Иметь одежду, иметь во что одеваться. Санныларыгар таҥас булан таҥыннылар, айахтарыгар ас булан аһаатылар. Ити дьоҥҥо онтон ордук туох наада?
    Күндэ
  • (Ким эмэ) санныгар тайан поэт. - кимиэхэ эмэ кыһарҕаннаахтык билин, кыһарый, кыһалҕаҕа киллэр. Θ Приносить кому л. лишения, невзгоды (о жизненных трудностях, о каких-л. бедствиях). Сыллар да сыллар! Ыар сыллар Ынчыктата ардыгар Ыардык тайанан аастылар Кини сааһырбыт санныгар.
    С. Данилов
  • Эмиэ биир сыл Анфиса санныгар тайана түһээт, үлэ уолусхан уххана кынаттанан, көтө охсон ааһар.
    С. Федотов
  • Санныгыттан түһэр - туох эмэ ыар сүгэһэр буолбуттан босхолон, сынньан. Θ Освободиться от бремени чего-л. (букв. с плеч долой). Онуоха Кууһума үөрэн омуннурбата, көннөрү ыарахан сүгэһэри санныттан түһэрбит курдук буолла.
    Н. Павлов
  • Санныгыттан түһэрбэккэ кэпс. - араарбакка (туох эмэ таҥаһы кэт). Θ Носить что-л. не снимая (напр., о какой-л. одежде). Бу сонун кини санныттан түһэрбэккэ кэтэр. (Ким эмэ) санныттан түс - ыар сүгэһэр буолан бүт, уурай (туох эмэ эрэйдээҕи этэргэ). Θ Как гора с плеч свалилась (отпала забота о чём-л.). Мин, аргыстарбын ситэн, санныбыттан улахан үлүгэр түспүтүн курдук сананан, чэпчээбиччэ, үөрбүччэ, -- ньуоскам арыылаах саламаат диэки күөрэҥнээбитинэн барбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Соттун хараххын, соҥуйбут эдьиийим! - Саргылаах санныбыт үрдүттэн Санаа хара тааһа түстэ!
    С. Васильев
  • Сарын сарынтан өйөнсөн - иллээхтик бииргэ сылдьан көмөлөсүһэн, бэйэ-бэйэҕэ көмө буолан. Θ В тесном сотрудничестве, взаимопомощи, плечом к плечу. Кини ол күнтэн сэрии бүтүөр диэри, дойду хорсун-хоодуот уолаттарын кытта сарын сарынтан өйөнсөн, бойобуой кэккэҕэ хаамсыбыта. "ХС"

6 этии #

Нууччалыы Широкоплечий

  • Баттах сарын эргэр. - кэтит сарыннаах Ол кэнниттэн Эрбэх эпчиҥнээхтэрим, Быыра быччыҥнаахтарым, Баттах сарыннаахтарым, Даарда буурайдарым, Бэттэх буолуҥ эрэ!
    Саха фольк
  • [Абааһы уола:] Ар-дьаалы, Арт-татай доҕор! Баттах сарын, Баараҕай быччыҥ -- Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур буоллаҕыҥ ини дуо? ТТИГ КХКК. Саннын таптай - киһини хайҕаан эбэтэр туохха эмэ киксэрэн ытыскынан кыратык санныга охсуолаа. Θ Выражая одобрение или подбадривая, похлопывать кого-л. по плечу. "Ах, Чээрин, бүтүн батальоҥҥа тэҥнэспиккин дии", - Егорычев санныбын таптайда.
    Т. Сметанин
  • Сарын байаата - киһи саннын хаптаҕайын алын кырыыта. Θ Нижний угол лопатки человека. [Түөрэҥэй ойуун] саһара маҥхайан эрэр баттаҕа саннын байаатыгар диэри үүммүт.
    Күндэ
Өссө холобурдар (3)
  • Сарын хаптаҕайа (лаппаакыта) - киһиэхэ саннын кэннинэн, сүөһүгэ, кыылга арҕаһын аннынан кэтит, хаптаҕай уҥуох. Θ Лопатка у человека и животных. Бөҕөс адаарыйан тиийэн саннын хаптаҕайдарынан көбүөргэ лип гына түһэр. Бастакы ыраас кыайыы баар.
    Е. Неймохов
  • [Сылгы] хоолдьугун төрдүттэн холугар диэри моонньо, оттон бүлгүнүгэр диэри саннын лаппаакыта, онтон салгыы оҥкумала дэниллэр. Сылгыһыт с. Сарын хараҕа - киһи көхсүн саннын хаптаҕайын аннынан чараас сирэ. Θ Уязвимое место под лопаткой на спине человека. Үс үөстээх ат өргөнүн курдук хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕын дьөлө көрдө.
    Саха фольк
  • Др. -тюрк. йарын, тюрк. йарын, чарын

«С» буукуба