ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаҕыл

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы в крупных пятнах на шее

English having large spots on the neck or shoulder blades

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Нууччалыы в крупных пятнах на шее

English Having large spots on the neck or shoulder blades

  • сур дьаҕыл ат
    серая лошадь с чёрными пятнами на лопаткахa gray horse with black spots on the shoulder blades

2 даҕааһын #

Саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа (үксүн хараҥа) дьүһүннээх улахан ойуулаах (сылгы)

Нууччалыы Имеющий большое пятно (обычно темного цвета) на лопатках или на шее (о масти лошади). Бэйэ мэнньийиитэ буолбут, Тыын толуга буолбут Үстээх хаардаах Хара дьаҕыл атыыры үтэйэн иһэбин

  • "Убаай, тохтуу түһүөх... Мин сатамматым... " – дьаҕыл акка мэҥэстэн иһэн Чыычаах диэн намчы ааттаах уолан киһи ыгылыйбыт куолаһынан эттэ.
    И. Гоголев
  • Ити кэмҥэ Никифоров кинээс дьаҕыл атын миинэн Ламмалаан иһэр
    М. Доҕордуурап

3 даҕааһын #

Биир күрүс баһыйар дьүһүнтэн туспатыйар кыра бэлиэлэрдээх

Нууччалыы Имеющий маленькие пятна, выделяющиеся на общем цветовом фоне

  • Тоҕус иилээх-саҕалаах толомон туруу дьаҕыл дойду Дурдатын диэки Өйдөөн көрөн турдум.
    Саха фольк
  • Кэрэ дьаҕыл дайдым Киэркэйбитин кэннэ Кэлэн-баран Кэлэҕэйдээн сылдьыбыт Кэҕэлиирэ кыылым [кэллэ].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тайбыыр дьаҕыл кынаттаах Таллан куоҕас хараарар
    В. Чиряев

4 этии #

Хара дьаҕыл фольк. – хотой арааһа (Саха сирин сиэмэх көтөрдөрүттэн саамай улаханнара)

Нууччалыы Орлан. Хара дьаҕыл хотой саҥата часкыйда. ПЭК ОНЛЯ I. Көтөр кынаттаах тойоно буолбут хара дьаҕыл көхсө күнү бүөлээн, санна халлааны хаххалаан, тиийэн кэлэр. Саха фольк. Хара дьаҕыл хотойдор хаа-дьаа көстөн ааһаллар, Олор – улуу тойоттор Очуостарга саһаллар. Күннүк Уурастыырап

«ДЬ» буукуба