ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

моой

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы шея.

English neck

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү, көтөр-сүүрэр көхсүн уонна төбөтүн ыккардынааҕы куохаҕар синньигэс миэстэтэ

Нууччалыы Шея. Моонньум ыарыйда. Моонньугар быалаах торбос. Кус моонньо. Охоноос Эрдэлиири аҥаар илиитинэн моонньуттан кууста. Амма Аччыгыйа. [Егор] бөлөх ыарҕалары охсон кунайдыы турар, -- хас оҕустаҕын аайы көҕөн эттэрэ күүрэн логлоруттан тахсаллар. Моонньо күөрэйэн уһуурга дылы буолар. М. Доҕордуурап. [Кыһыллаай] иннигэр эрдэҕэс улар моонньо күөх от быыһыгар күөкэҥнээтэ. Л. Попов

2 аат тыл #

Сорох хороҕор иһит үөһээҥҥи синньигэс өттө эбэтэр туох эмэ тэрил хабарҕалыы синньээһинэ

Нууччалыы Верхняя зауженная часть сосуда или выемка чего-л., горло (бутылки)

  • Бытыылка моонньо. Сэргэ моонньо.
  • Петр Бакланов кырапыыны моонньуттан харбаан ылбыта да, иһэн кыллырҕаппыта.
    Н. Якутскай
  • Остуолбалар үгүс ойуута-дьарҕаата суох сэргэ моонньун санатар чычаас оҥо быһыы ойуулаахтар
    ХС
Өссө холобурдар (5)
  • Тугу эмэ кэтэрдэргэ, холбуурга аналлаах олук. Θ Специальная выемка для прикрепления чего-л. [Сыарҕаҕа] атах аллараа өттүгэр сыҥаахха угарга биэс сэнтимиэтир үрдүктээх эмиэ сарыннаах моой оҥоһуллар
    АНП ССХТ
  • Окко моой былаан ылынным.
  • Модун хорсун үлэһиттэр Хантараактаһан тураннар, Моой үлэ ылан үлэлииллэрэ.
    Күндэ
  • Көрдөһөбүн эйиигиттэн: Көлүй эрэ оҕуспун. Чөмөхтүөм этэ чөкөтөн Үнүр муспут Моой оппун.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Ыанньыксыттар] көөнньөрбө отун бэйэлэрэ булуохтаах моой эбээһинэстэрэ
    У. Нуолур

3 аат тыл #

Тугу эмэ хааччыйыыга ким, туох эмэ күүһэ, булар үбэ-аһа, баайа

Нууччалыы Средство для содержания кого-чего-л., попечение, иждивение

  • Дьонун моонньугар саантыыр.
  • Нэһилиэк, улуус дьаама барыта дьаамсыктыын баайдар моонньуларыгар сүктэриллибитэ
    Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Туох эмэ синньиир өттө (хол., өрүс, күөл)

Нууччалыы Узкая часть чего-л., шейка (реки, озера)

  • Днепр моонньугар -- аан дойдуга аатырбыт тутуутун - уу сүүрүгүн күүһүнэн үлэлиир Днепрдээҕи электрическэй ыстаансыйаны көрдүбүт
    Амма Аччыгыйа

5 даҕааһын #

суолт. Киһи тус бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан толороругар ылыммыт (үлэ туһунан этэргэ)

Нууччалыы Возложенный на кого-л., рассчитанный на собственные силы кого-л. (вид работы)

6 этии #

Нууччалыы Взять на себя обязательство выполнить какую-л. работу собственными силами. [Холкуостаах:] Биһиги биригээдэбитигэр сирдэ быһа анньан кулуҥ, биһиги бэйэбит моой ылынан үлэлиэхпит

Этиилэр

Моонньун кэрбээ көр кэрбээ

Оччоҕо баттыгас саҕана баай аймах, атыыһыт кыраны моонньуттан кэрбиирэ. Эрилик Эристиин. Моонньуҥ да арҕаһыҥ кэпс. - төһө да эрэйдээҕин, ыараханын иһин, хайаан да толоруохтааххын.

Забота, от которой невозможно избавиться

7 этии #

Моой отчут - бэйэтин күүһүнэн оттоон ыларга сир анатан ылбыт отчут "Хайа, моой отчут, төһөнү бүгүн кыайдыҥ?" - Света куолаһыгар дьээбэлээх дорҕооннор иһилиннилэр. "ХС". Үгүс сирдэргэ моой отчуттарга сир аныыллар. "ХС". Моой отчуттар -- куоталаһыыларыгар эмиэ саҥа усулуобуйа киллэриллибитэ. "Кыым". Ср. др. -тюрк. бойын, туркм., кум. боюн, казах. мой, мойун ‘шея’

Нууччалыы Человек, арендовавший сенокосное угодье для своей пользы

«М» буукуба